Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар идэлээх бырааһынньыкпытынан – Аан дойдутааҕы Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги күннэтэ түбүгүрэр сыралаах үлэҕит хас биирдии оҕо, ыччат үүнэн сайдан тахсарыгар, бу орто туруу дойдуга бэйэтин суолун-ииһин булунарыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Учууталлар – ураты идэлээх дьоммут, Саха сирин кэнэҕэскитин түстүүр, ыччаты уһуйар аналлаахпыт. Күн бүгүн кэнчээри ыччаппыт үүнэн-сайдан тахсарыгар учууталлар үлэлээн-хамсаан сыраларын уура сылдьаллар. Быйылгы үөрэх дьыла Российскай Федерацияҕа биллэриллибит Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит сылыгар саҕаланарынан уратылаах. Сыл устата араас хабааннаах уонна ис хоһоонноох дьаһаллар Россия, өрөспүүбүлүкэ, улуус, үөрэҕирии тэрилтэлэрин таһымнарыгар бара тураллар уонна салгыы ыытыллаллара былааннанар. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин тиһигэр саҥа үөрэх дьыла өссө биир ураты суолталаах. 2024 сылга биһиги улууспутугар маҥнайгы оскуола тэриллибитин, онтон сиэттэрэн үөрэҕирии ситимэ саҕаламмытын 150 сылын бэлиэтиэхпит. Саҥардыллыбыт федеральнай государственнай үөрэҕирии стандартарыгар предметтэр ис хоһоонноро сайдыы аныгы таһымыгар уонна инники хайысхаларыгар туһаайыллар.
Күндү учууталлар! Эһиги дьулуурдаах үлэҕитинэн Мэҥэ-Хаҥаласпыт үөрэҕириитин тиһигэ үс үйэни уҥуордаан сайдан кэллэ. Үөрэх тэрилтэлэригэр хас биирдии үгэс, хас биирдии саҥаны киллэрии инники күөнүгэр Учуутал турар. Эһиги күннэтэ толорор, сороҕор көстүбэт, сороҕор ситэ сыаналаммат дьаныардаах үлэҕит олохпут сүрүн оҥкула. Улахан буукубаттан суруллар Учууталлар баар буоланнар сахабыт норуота сайдар саҕахтаах, тапталлаах улууспут инникигэ эрэллээх.
Ытыктабыллаах кэллиэгэлэр! Эһиги сүрэххит уонна дууһаҕыт сылааһын оҕоҕо аныыр, кэнчээри ыччаппыт оҕо сааһын аргыһа буолар дьоллоох дьоҥҥут. Аан дойдутааҕы Учуутал күнүгэр эһиэхэ айымньылаах, улахан эппиэтинэстээх үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, ырааҕы, киэҥи көрүүнү, дьолу-соргуну, чэгиэн буолууну, үрдүктэн үрдүк, саҥаттан саҥа кирбиини дабайан иһэргитигэр баҕарабыт! Үүнэр күҥҥүт алгыһынан арчыланнын, үөрүүнү эрэ үксэттин, табыллыыны эрэ тосхойдун, аартыккыт арылла турдун, халлааҥҥыт өрүү сырдык ыраас буоллун, күҥҥүт сыдьаайа тыктын, дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн туругу, дьулууру баҕарабыт!
Гаврил Толстяков,
үөрэх управлениетын начаалынньыга.
Иннокентий СКРЯБИН,
үөрэх үлэһиттэрин боропсойууһун
бэрэссэдээтэлэ.