Үтүө дьон аатын ааттаан

Дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин 150 сылыгар анаабыт курдук балаҕан ыйын 13 күнүгэр догдоҥолор биир дойдулаахпыт Людмила Иннокентьевна Сивцева «Науки скромные бойцы» саҥа кинигэтин сүрэхтээтэ.

Кинигэ наука киэҥ эйгэтигэр олохторун анаабыт учуонайдарга ‒ кэргэннии Вера Иннокентьевна Захароваҕа уонна Николай Петрович Босиковка ананна. Кинилэр олохторун наукаҕа анаабыттарын сырдатар, туоһулуур, кэпсиир научнай үлэлэрэ, биографиялара, кэллиэгэлэрин, аймахтарын, чугас дьоннорун ахтыылара уонна элбэх хаартыскалар киирбиттэр. Кырдьыга даҕаны, холку, сэмэй майгылаах бастыҥ үлэһит дьон эдэр устудьуон саастара, олоҕу сыаналаан көрүүлэрэ, оҕолорун сахалыы сиэринэн иитиилэрэ, төрөөбүт дойдуларын өрө тутан бэриниилээхтик үлэлээн-хамсаан ииппиттэрин, олохторо үлэни кытта успуорду дьүөрэлээн сэргэхтик салаллыбытын ааҕан билэҕин. Маны тэҥэ өбүгэ силиһэ тэнийиитин, аймахтар алтыһыыларын, өйөһүүлэрин туһунан эмиэ бу кинигэҕэ ааҕыахха сөп.

Олохтоох бибилэтиэкэ ааҕар балаҕаныгар ыраахтан-чугастан Людмила Иннокентьевна үөрүүтүн үллэстээри элбэх киһи муһунна. Тэрээһини Догдоҥо нэһилиэгин устуоруйатыттан, Людмила уонна Вера Иннокентий Романович Захаров‒Майаҕастыырап кыргыттара буолалларын, кинилэр төрдүлэрин туһунан краевед, улуус Бочуоттаах гражданина, РФ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна, элбэх кинигэ ааптара Софья Дмитриева куйаар ситимин нөҥүө дириҥ ис хоһоонноох сырдатта. Дьокуускайтан ыалдьыппыт Вера Иннокентьевна чугас дьүөгэтэ, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, биология наукатын хандьыдаата Ангелина Егорова ахтыыны оҥордо. Уоллара Эрчимэн Николаевич төрөппүттэрин аатын үйэтиппит эдьиийдэригэр бииргэ төрөөбүттэр ааттарыттан махтанна. Майаттан Афанасий Илларионов Николай Петрович туһунан: “Кини туһунан элбэхтик истэрим, тустуук уонна уу сахалыы тыллаах успуорт комментатора этэ”, ‒ диэн аҕынна. Николай Петрович тустууга туттар сахалыы тиэрминнэрин инники көлүөнэ тустууктарга тарҕатыахха сөбүн ыйда, туһаныам диэн иһитиннэрдэ.

Улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын исписэлииһэ, “Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччыта Наталья Пахомова, Догдоҥо нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Аскольд Винокуров махтанан туран Людмила Иннокентьевнаҕа бэлэхтэрин туттардылар. Нэһилиэкпит ытыктыыр аҕам саастаахтара Мария Захарова, Татьяна Новгородова, Ольга Захарова, Спартак Титов, Гаврил Стручков чулуу дьоммутун кытта алтыһан ааспыттарын ахтан-санаан аастылар. Тэрээһиҥҥэ култуурабыт киинин үлэһитэ Николай Новгородов‒Сиэрдээх Сэһэн “Үс төрүт” уонна “Өрөгөй” ырыатынан, олохтоох ааптар Светлана Иванова‒Намыына Лэгэнтэй Майаҕастыырапка анаабыт “Буойун бэйиэт” хоһоонунан кытыннылар.

Кинигэ нууччалыы уонна сахалыы тылынан суруллан, 300 ахсаанынан «Алаас» кинигэ кыһатыгар «Саха сирин уһулуччулаах дьонноро» сиэрийэ иһинэн бэчээттэнэн киэҥ араҥаҕа ананна. Төрүччүнү үөрэтээччилэр, краеведтар, учууталлар, устудьуоннар, оскуола үөрэнээччилэрэ элбэҕи туһаныахтарын сөп.

Түмүккэ ыалдьыттар ааптар саҥа кинигэтин бэлэх тутан үөрэн-көтөн тарҕастылар. “Науки скромные бойцы” диэн аата да этэрин курдук сэмэй кинигэ дьон биһирэбилин, ааҕааччы хайҕабылын ылла, ылыа да турдаҕа.

Тамара Зыкова, нэһилиэк бибилэтиэкэрэ.

Догдоҥо