Үс дьоруойдаах Хаптаҕай нэһилиэгэр дьоро күн

Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр “Уруйдан, Улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар!” үгэс буолбут Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр сэтинньи ый 1 күнүттэн ахсынньы ый 5 күнүгэр ыытыллаллара былааннанар.

Үлэһит туруу дьоннордоох, үс дьоруойдаах Хаптаҕай нэһилиэгэр сэтинньи ый 1 күнүгэр олоҥхоһут Павел Григорьевич Романов – Мыланыыскай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах киэҥ далааһыннаах истиҥ тэрээһин ыытылынна. Бу күн Хаптаҕайга биир төрүттээх-уустаах Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин олохтоохторо ыалдьыттаатылар. Дьоро күн саха сиэринэн өбүгэ үгэһинэн алгыс, арчы сиэринэн-туомунан саҕаланна, алгыһы Альберт Терентьев түһэрдэ. Сахалыы мааны мандар таҥастаах “Күөгэйэ” түмсүү Далбар Хотуттара ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан С.Н.Васильев аатынан түмэлгэ айах тутан көрүстүлэр. Мусуой дьиэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга биир дойдулаахтара, олоҥхоһут Павел Григорьевич Романов – Мыланыыскай туһунан сиһилии сырдатар истиэндэ арылынна. Альберт Егорович Терентьев олоҥхоһут Павел Мыланыыскай олоҕун, айар үлэтин сырдатан бэртээхэй иһитиннэрии оҥордо, дириҥ силистээх-мутуктаах Хаптаҕай нэһилиэгин устуоруйатын билиһиннэрдилэр, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Анна Прокопьевна Скрябина, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Гавриил Семенович Самсонов мусуой-дьиэлэригэр, гражданскай сэрии Дьоруойа Кеша Алексеев аатынан агрооскуолаҕа сырытыннардылар.

Дьоро күн үөрүүлээх чааһыгар биир төрүттээх-уустаах Хаптаҕай уонна Тыараһа нэһилиэгин баһылыктара Иван Прокопьевич Зыков уонна Прокопий Прокопьевич Турнин икки нэһилиэк инникитин бииргэ үлэлииргэ кэскиллээх санаанан салайтаран сөбүлэҥ түһэристилэр. Тыараһа баһылыга Прокопий Прокопьевич Турнин, тэрилтэ салайааччылара, көхтөөх уопсастыбанньыктара нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын сырдаттылар, Тыараһалар уруу-хаан көрсүһүүлэрин тэрээһинин көҕүлээбит, дьонун-сэргэтин хамсаппыт Антонина Семеновна Суходольскаяҕа махтал тылларын эттилэр.

Икки хаан-уруу төрүттээх нэһилиэктэр көрсүһүүлэрин таһымын үрдэтэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Уруйдан, Улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар!” Олоҥхо ыйын чэрчитинэн олоҥхоһут Павел Григорьевич Романов – Мыланыыскай “Кыыс Ньургустай Куо” олоҥхотун саҥа, ураты  тыыннаан биир дойдулаахпыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Софья Иннокентьевна Сергучева – Баранова толордо. Улууспутагар үгэс буолбут Олоҥхо ыйа саҕаламмытынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Анна Руслановна Исакова, Г.Г. Колесов аатынан “Олоҥхо дьиэтэ” улуустааҕы норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Айта Семеновна Васильева эҕэрдэлээтилэр.

Бу курдук киэҥ ис хоһоонноох, устуоруйаҕа киирэр, кэлэр өттүгэр кэскиллээх дьоро күн, олоҥхо истии киэһэтэ Хаптаҕай нэһилиэгэр үрдүк таһымҥа ааста.

 

Айта Васильева,

Г.Г. Колесов аатынан “Олоҥхо дьиэтэ” оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта.