Ырыа айааччы дьоло – ылланар ырыатыгар

Саха биллиилээх мелодиһа, СӨ норуодунай артыыската Анастасия Варламова – Эдьиий Настаа төрөөбүтэ 75 сылынан, кини ырыаларын, сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах ырыа күөн күрэһэ Бэдьимэҕэ ыытылынна.

Бу бырайыак ааптарынан СӨ култууратын туйгуна, 2017-2022 сылларга Бэдьимэ кулуубун дириэктэринэн айымньылаахтык үлэлээбит Алексей Ходулов буолар. Бырайыак биир уратытынан 18-35 саастарыгар диэри эдэр дьон кытталларын ситиһэр сыаллаах биирдиилээн толороочччуларга  анаммыта буолар. Онон бастакы күөн күрэс 2018 с. Эдьиий Настаа төрөөбүт күнүгэр, кулун тутар 23 күнүгэр ыытыллыбыта. Манна уопсайа 39 эдэр ыччат кыттыбытыттан, кылаан кыайыылааҕынан  Кэбээйиттэн төрүттээх Төҥүлү олохтооҕо Терентий Егоров ааттаммыта. 2022 сыллаахха, бу бырайыак култуура эйгэтин көҕүлээһин пуондатын гранын өйөбүлүн ылан, кыайыылаах тахсан ырыа түһүлгэтэ, күөн-күрэс үбүлэнэн, салгыы ыытыллара ситиһиллибитэ.  Манна 14 кыттааччыттан кылаан кыайыылаах аатын биир дойдулаахпыт Төҥүлүттэн Инна Донская – Дайаана сүкпүтэ.

Быйыл «Төннө туруоҕум алааспар» тэрээһин 3-с төгүлүн 18-35 диэри уонна 36-тан үөһээ  саастаахтарга икки бөлөҕүнэн биирдиилээн толороочччуларга диэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр Бэдьимэҕэ ыытылынна.  Чурапчы, Амма, Орто Халыма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан барыта 27 биирдиилээн толорооччу кыттыыны ылла. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн СӨ норуодунай артыыһа, СӨ Ырыа айааччыларын сойууһун салайааччыта, киэҥник биллэр композитор Алексей Егоров үлэлээтэ. Киниэхэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, М.К.Попова – Эдьиий Марыына аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ, норуодунай оркестр салайааччы дирижера Василий Захаров, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Д.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ Сардаана Осипова, СӨ култууратын туйгуна, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын методиһа, улуустааҕы култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Эмма Павлова уонна А.Н.Варламова аймахтарын ааттарыттан Матрена Филиппова көмөлөстүлэр.

Ырыа дьоро киэһэтин Сыымахтан Августа Баишева уонна Төхтүртэн Алексей Говоров иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бу күн күөн-күрэс аһыллыытыгар олохтоох дьаһалта баһылыга Петр Андросов, Ил Түмэн дьокутаата, Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба коллеһын дириэктэрэ Захар Никитин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Альбина Григорьева, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Анна Исакова, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Егоров, аймахтар ааттарыттан Галина Борисова эҕэрдэ тылларын анаатылар.

“Төннө туруоҕум алааспар” күөн күрэс түмүгүнэн кылаан кыайыылааҕынан Төхтүртэн Айыына Харабаева ааттанна итиэннэ Зоя Егоровна, Федот Семенович Тумусовтар олохтообут бириистэрин – 50 тыһыынча солкуобайы уу харчынан тутта. 18-35 саастарыгар диэри ыччат дьоҥҥо 1-кы степеннээх лауреат аатын Чурапчыттан Аман Винокуров, 2-с степеннээх лауреатынан Дьокуускайтан Рустам Слепцов, 3-с степенннээх лауреатынан Табаҕаттан Елена Александрова буолары ситистилэр. Дипломаннарынан Төхтүртэн Ньургуйаана Верховцева, Тумултан Прасковья Десяткина, Табаҕаттан Нарыйаана Николаева ааттаннылар.

35 саастарыттан үөһээ саастаахтарга 1-кы степеннээх лауреат үрдүк аатын Майаттан Ульяна Ефремова, 2-с степеннээх лауреат Чурапчы Дириҥиттэн Валерий Корякин, 3-с степеннээх лауреат Бэдьимэттэн Ия Секова ааттаннылар. Дипломаннарынан Хорообуттан Петр Сергучев, Дьокуускайтан Михаил Санников, Наахараттан Варвара Никанорова буоллулар. Дьокуускай Тулагытыттан Георгий Поповка “Бастыҥ доҕуһуол”, Чурапчыттан Сарыал Сивцевкэ “Кэскиллээх ырыаһыт”, Бэдьимэттэн Елена Чемезоваҕа “Кэрэ куолас”, Мэлдьэхситтэн Роман Романовка “Бэриниилээх ырыаһыт”, Сыымахтан Анна Борисоваҕа “Кэрэхсэбиллээх ырыаһыт”, Орто Халыматтан Анатолий Гуляевка “Дьикти дьүрүһүн” анал ааттар иҥэрилиннилэр.

Түмүктээн эттэххэ, күөн күрэс сыалын ситистэ. Ырыаһыттар таһымнара үрдүгүн бэлиэтиэххэ наада. Эдьиий Настаа 60-ча ырыалааҕыттан бу күн 19 эрэ ырыата ылланна. Бу сүрүн биричиинэтинэн сорох ырыалара нотаҕа түспэккэ, ырыаны сөбүлээччилэр ортолоругар тарҕамматаҕа буолар. Ырыанньыгын таһаарарга Бэдьимэттэн төрүттээх музыкант Георгий Попов үлэлэһэ сылдьар, онон аныгыс күөн күрэскэ бу итэҕэс туоратыллан, А.Н.Варламова ылламматах ырыаларын дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕатар соруга турар. Хас биирдии саха киһитин сүрэҕин ортотунан киирэр “Аҕам алааһа” ырыа бу күөн-күрэс балаһыанньатыгар ылламмат диэн ыйыллыбыта. Ол оннугар, хас биирдии саха төрөөбүт алаастаах диэн өйдөбүлтэн, Алаас гимнин быһыытынан куонкурус кыттыылаахтара түмүккэ бары тахсан ыллаабыттарын, саала иһигэр мустубут дьон иилэ хабан ыллаһаннар, ураты эйгэ үөскүүрүгэр кыах бэрилиннэ. Ордук элбэхтик “Туос тууйастар”, икки төгүллээн “Оҕо сааһым”, “Киһи”, “Эн миигин умнумаар, доҕоруом”, “Таптыыбын эйигин”, “От сыта” ырыалара толорулуннулар. Умнулла быһыытыйбыт “Туой хайа” Чурапчы Дириҥиттэн Анна Иванова, “Сааскы санаа” Амматан Петр Ефремов, “Любимый город” Чурапчы Дириҥиттэн Дария Захарова, “Кыталыктар” Майаттан Ульяна Ефремова, “Ырыаһыкка” Чурапчыттан Сарыал Сивцев, “Чыаппара” Парасковья Матвеева толорууларын көрөөччүлэр биһирээн иһиттилэр. Онтон Бэдьимэттэн Валентина Попова “Дьоннор кэпсииллэр” диэн Анастасия Николаевна эрдэ ханна да тахсыбатах ырыатын толорон кэрэхсэбили ылла.

Күөн күрэскэ бирииһи олохтообут СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэрр, Ил Түмэн дьокутааттарыгар Андрей Находкиҥҥа, Захар Никитиҥҥэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатыгар, улуус култуураҕа салалтатыгар, СӨ ырыа айааччыларын сойууһугар, “Дойду ситимэ” түмсүүгэ, Зоя Егоровна, Федот Семенович Тумусовтарга, Баатара нэһилиэгин дьаһалтатыгар, 1-кы Баатара нэһилиэгин тэрилтэлэригэр, уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, нэһилиэк олохтоохторугар, Майаҕа олорор-үлэлиир биир дойдулаахтарыгар, А.Н.Варламова аймахтарыгар тэрийээччилэр дириҥ махталларын биллэрэллэр.

Анастасия Варламова сырдык аатын үйэтитэр тэрээһиннэр инникитин да салҕанан бара туруохтара диэн бүк эрэллээхпит. Эдьиий Настаа бэйэтэ эппитинии, дьон дууһатын кылын таарыйар уустук, ону таба тутан ылыы – ураты тосхол. Ырыа айааччыга суруйбут ырыатын ахсаана улахан оруола суох, кини дьоло – ылланар ырыатыгар. Онон саха баарын тухары Эдьиийбит ырыалара ыллана турар дьылҕалаахтар диэн бигэтик этиэх тустаахпыт.

 

Эмма Павлова.