Ыҥырыаларга ылсыбыт Анна Моторовна

Улууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да элбэх үүнээйини үүннэрэринэн биллэр оҕуруотчут, агростартап гранын хаһаайката Анна Харитонова аны ыҥырыалары иитиинэн дьарыктанан эрэрин үгүс киһи соһуйа, интэриэһиргии истибит буолуохтаах. Үүнээйини үүннэриини таһынан, ол үүнээйилэр силигилии үүнэллэригэр көмөлөөх кыракый үлэһит үөннэри иитии Саха сиригэр өссө да киэҥник тэнийэ илик дьарык буоллаҕа. Кылгас сайыннаах сиргэ үүнээйи төһө кыалларынан түргэнник ситэргэ, ууһуурга дьулуһар, тиэтэйэр. Итиниэхэ кэлии ыҥырыалар улахан күүс-көмө буолаллара дакаастанан турар.

Анна Харитонова Хаптаҕай нэһилиэгин олохтооҕо, К.А.Тимирязев аатынан аграрнай университекка үөрэнэн агроном идэлээх Владимир Ларионовы кытары сүбэлэрин, күүстэрин холбообуттара иккис сыллара буолбут. Тоҕо Хаптаҕайга ыҥырыаларын олохсуппутун саҥа ыҥырыаһыт Төҥүлү нэһилиэгэр элбэх сибэкки суоҕуттан аһылыктара кырыымчыгынан быһаарда.

‒ Кинилэргэ манна ас суох. Сибэкки куоппаһа олох аҕыйах. Ол иһин, өрүс эҥэр Хаптаҕайга олохсутарга быһаарыммытым. Быйыл 45 уйалаахпыт, Владимир Васильевичтыын аҥаар аҥаарга курдук. Төҥүлүгэ икки уйам турбута, Хаптаҕайга илдьибитим. Саҥа дьыаланы үөрэтэ сылдьабын, киһи быраактыкаттан эрэ үөрэнииһик диэммин.

Хаптаҕайга гектар кэриҥэ сири ылан, уйалары онно туруорбуттар. Эһиил атын сиргэ туруортуур былааннаахтар. Бөһүөлэктэн килэмиэтир кэриҥэ, Эбэ үрдүгэр. Онно үүнээйитэ, талаҕа элбэх диир. Салгына да ыраас. Былырыын аҕыйах мүөтү ылбыттар. Быйыл бастаан кыратык сүүрдэн бараннар, салгыы 40-ча лиитэрэ мүөтү сүүрдүбүттэр. Атыыга киилэтин 2-лии тыһыынча солкуобайга таһаараллар. Мүөт атыыга үчүгэйдик барарын бэлиэтиир. Дьон доруобуйаҕа олус туһалаах бородууксуйаны хамаҕатык ылар.

‒ Дьылыттан көрөн, ыам ыйын саҥатыгар көтөллөр, ‒ диэн кэпсээтэ Анна Моторовна. ‒ Ыам ыйын 2-5 чыыһылаларыттан саҕалаан үлэлээн киирэн бараллар уонна тымныы түстэҕинэ мөлтүүллэр. Көтүөхтэрин иннинэ эбии аһатаҕын, кыһыны эмиэ аһатан туоратаҕын. Элэктириичэстибэнэн сылытыллар сөрүүн дьоҕус дьиэлээх буолуохтаахтар. 2 кыраадыс сылаастан саҕалаан 5 кыраадыска диэри температуралаах буолуохтаах. Тутар былааннаахпыт. Кыһын аһыыллар, хамсаныахтаахтар.

Ааспыт кыһын Анна Харитонова аҕыйах ыҥырыаны кыстаппыт. Дыыгынаһар үлэһиттэрин Владивостоктан атыыласпыттар. Уйаларын манна оҥортороллор. Бэстэн эҥин. Мүөт хомуурун от ыйын 20 күнүттэн саҕалаабыттар.

Үүнээйи ис дьиҥин, айылгытын билэр ыҥырыаһыт бэлиэтии көрбүтүнэн, ыҥырыалар тулалыыр айылҕаларыгар олус үтүө дьайыылаах харамайдарынан буолаллар. Туох баар сибэккилээх үүнээйилэр, талахтар ыҥырыа кэлэн куоппастарын тарҕатарыттан үүнэллэрэ түргэтиир, силигии үүнэллэр. Түргэнник улааппыт оҕуруот үүнээйитэ үөҥҥэ, сыыс от ыгыытыгар бэриммэт буолар, утарылаһар кыаҕа күүһүрэр. Бөһүөлэк чугаһынааҕы от-мас, талах, оҕуруоттар ыҥырыалар баалларын тута билэллэр. Оннооҕор, Төҥүлүгэ баар иккиэйэх уйатын олохтоохторун дьайыылара талахтарга биллибит. 11 биэдэрэ биэ эмиийин хомуйбут. Ол гынан, ол уйаларын бөһүөлэк иһигэр туруорартан дьаархаммыт. Астара тиийбэтэх үөннэр кыйаханан дьоҥҥо да түһүөхтэрин сөп диэн. Арай, кулубуньукатын үүнүүтэ мөлтөх буолбут. Моонньоҕоно, хаппырыаһа, атын сибэккилэх мастара ыҥырыалар баалларын билбиттэр. Гааһынан ититиллэр, гранын үбүнэн туттубут оранжереятыгар кыһынын атыыга барар сибэккилэри, тюльпаннар, азалиялар, розалар араас суортара курдук сибэккилэри үүннэрэр. Халадыынньык ылынар баҕалаах. Тэпэлииссэ матырыйаалыгар ороскуота элбэҕин этэр.

Ылыммыт дьыалатыгар дьаныардаахтык ылсар оҕуруотчут ыҥырыаны иитээччи быһыытынан эмиэ улууска биллэрин баҕарыаҕыҥ.

Анна Харитонова бу салааҕа ылсан, ыҥырыаны иитэн, бэйэ хаһаайыстыбатыгар дохуот киллэринэргэ улуус олохтоохторун ыҥырар. Доруобуйа үчүгэй буоллаҕына, өй-санаа да үчүгэй буолар, ыҥырыалаах тулалыыр айылҕа да силигилиир.