Үлэни, сынньалаҥы кыайа тутар ыччат десана кэллэ

От ыйын 28 күнүгэр биһиги улууспутугар Дьокуускай куораттан ыччат десана таҕыста. Ыччаттар бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ хас да улууһугар сылдьан нэһилиэктэри тупсаран оҥорууга үлэлээбиттэрэ, нэһилиэнньэҕэ, ыччакка анаан араас тэрээһиннэри, кэнсиэрдэри тэрийбиттэрэ.

Мэҥэ Хаҥаласка бэҕэһээ 90 ыччат 4 оптуобуһунан кэлэн, нэһилиэктэринэн тарҕаспыттара. Ыччаттар Майаҕа, Төҥүлүгэ, Мэлдьэхсигэ, Хараҕа, Чүүйэҕэ, Бөкөҕө сылдьар былааннаахтар.

Кинилэртэн Даниил Федоров салайааччылаах бөлөх Хара нэһилиэгэр кэллэ. Ыччаттары итии чэйинэн, минньигэс аһынан «Айыллаан» култуура дьиэтигэр көрүстүлэр, «Чыпчаал» успуорт саалатыгар түһэрдилэр.

Сарсыардааҥҥы аһылык кэннэ эдэр дьон икки бөлөҕүнэн арахсан үлэлэрин саҕалаатылар. Бастакы бөлөх “Албан аат искибиэригэр”, иккис бөлөх Хара нэһилиэгиттэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьонноох ыалларга күүс-көмө буола бардылар. Искибиэр урукку билиитэлэрин хомуйан, хатырыгынан, кумаҕынан тэҥнээн баран тэлгээтилэр. Оттон ыалларга сылдьар оҕолор тиэргэн иһинэн сиппэккэ турбут үлэлэргэ көмөлөстүлэр.

Киэһэтин, Хараҕа оҥоруохтаах үлэлэрин түмүктээн, Майаҕа оҕо-ыччат успуорт оскуолатыгар бараллар. Онно кинилэри сарсыҥҥы күҥҥэ элбэх үлэ күүтэр. Өрөбүлгэ киэһэлик Майа олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар «Ыччат түһүлгэтэ» диэн бэйэлэрэ туруорбут кэнсиэрдэрин көрдөрүөхтэрэ.

Үлэни, сынньалаҥы кыайа тутар ыччат десанын айана өрөспүүбүлүкэ улуустарынан салҕанар.

 

Биһиги кэр.