Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын Анна Петровна Васильева салайааччылаах 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ  байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөр Мария Лукина салайааччылаах «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһугу кытта шефтэһэллэр.

Ааспыт кыһын хаар күрдьэн, муус киллэрэн, таҥас кырыйсан, саһыарар сиэккэҕэ көмөлөһөн түмэннэр махталларын ылбыттара.

Биир дойдулаахпыт Иннокентий Маркович Куприянов дойду көмүскэлигэр сулууспалыы сылдьан сырдык тыынын толук уурбута.  Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтигэр Антонина Петровна Куприяноваҕа 10-с “б” кылаас үөрэнээччилэрэ чэппиэр күн оҕуруотугар көмөлөстүлэр, хортуоппуйун хостоотулар, таһырдьаттан дьиэҕэ уутун таһан биэрдилэр. Анна Петровна кылааһын оҕолорунуун буойун ийэтигэр көмөлөһөргө мэлдьи бэлэмнэрин биллэрэн: “Өссө да ыҥыраар”, ‒ диэн тарҕастылар.

Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын 10-с “б” кылааһын үөрэнээччилэринэн киэн туттабыт, үөрэхтэригэр ситиһиини баҕарабыт.

Марелла Баишева.