Үйэ аҥаардаах таптал үбүлүөйэ

Кыһыл көмүс урууну иккиэн бииргэ көрсөр диэн киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт дьылҕа күндү бэлэҕэ буолар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин ытык мааны ыала Матрена Васильевна уонна Анатолий Иннокентьевич Игнатьевтар буруо таһааран, алаһа дьиэни тэринэн, саха сиэринэн иллээхтик ыал буолан олорбуттара үйэ аҥаардаах үбүлүөйдэрин — кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээтилэр.


Таптаһан, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, өйөһөн, убаастаһан олорор ытык ыалга кыһыл көмүс сыбаайбаларыгар  бэйэлэрин үлэлэринэн-хамнастарынан эдэр дьоҥҥо чахчы да холобур буолар олоҕу олорон кэлбит  дьоммутугар “Хара нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Дария Ивановна Назарова,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбатын гражданскай аакталары суруйар управлениета “Дьиэ кэргэн килбиэнэ” ытык бэлиэтин,  Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Ытык ыала” Бочуотун кинигэтигэр киирбиттэрин, “Хара нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин  бастакы нүөмэрдээх «Ытык ыала» бэлиэ хаhаайыннара буолалларын туоһулуур бэлиэлэри  туттарда.
Ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр “Айыллаан” култуура киинин үлэһиттэрэ Виталий Очиров, Татьяна Степанова, Николай Васильев.
Дьиэ кэргэн аҕата Анатолий Иннокентьевич бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри Сталин, Ленин ааттарынан сопхуостарга оробуочайынан, тырахтырыыһынан, «Сельхозтехника», «Агроснаб», «Арктика-строй» тэрилтэлэргэ суоппарынан 40 сыл устата үлэлээн, ыал ийэтэ Матрена Васильевна госбааҥҥа, сельПО-ҕа, «Росгострахха» нэһилиэнньэҕэ үп эйгэтигэр өҥөнү оҥорор тэрилтэлэргэ 35 сыл устата бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээн, эдэр саастарын анаан, ыарахан үлэттэн толлубакка, эрчимнээхтик күүстэрин-уохтарын ууран, эдэр ыччакка үтүө холобур буолаллар!
Ытык мааны дьоммут  үс уол оҕо ийэлээх аҕата, сэттэ сиэн маанылаах эбэлэрэ, алаһа дьиэ Далбар Хотуна Матрена Васильевна,  дьиэ кэргэн аҕата,  ытыктанар эһэлэрэ Анатолий Иннокентьевич күн-дьыл өксүөнүн билиммэккэ, ыалдьар-кырдьар диэни аахсыбакка, эдэрдии эрчиминэн, сэргэхтик туттан-хаптан, чугас дьоҥҥут сылаас тапталларынан кынаттанан, мэлдьи үөрэ-көтө сылдьыҥ, истиҥ-иһирэх өйөбүллэригэр уйдаран өссө да уһун үйэлэниҥ. Эһиги, күүстээх тапталгыт, элэккэй үөрүнньэҥ майгыгыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаҥҥыт үйэлэргэ уҕараабатын диэн алгыспытын аныыбыт.

Сахаяна Терентьева, Хара нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ