Үөрэтэр-оҥорон таһаарар кииҥҥэ сыбаарка сыаҕа арыллынна

Күн бүгүн Майаҕа үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин иһинэн үс салаа үлэлиир: иистэнэр, миэбэл оҥорор сыахтар уонна маһы таҥастыыр пилорама.

Ону тэҥэ эбии үөрэхтээһин систиэмэтинэн ювелирнай мастарыскыайы арыйбыттара. Эдэр, кэскиллээх уһуйааччы Евгений Баишев үлэтин бу күһүҥҥүттэн саҕалаата. Манна баҕалаах оҕолор муосчут, ювелир идэтигэр уһуйуллан, араас оҥоһуктары, киэргэллэри оҥорорго үөрэнэллэр.

Улууспутугар биллэриллибит тыа хаһаайыстыбатын сылыгар сөп түбэһиннэрэн, сэтинньи 2 күнүгэр киин төрдүс салаата – сыбаарка сыаҕа арылынна.

Сыбаарка сыаҕын арыйар тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар аалай лиэнтэни быһар чиэс муниципальнай оройуон баһылыгар Дмитрий Тихоновка, үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин дириэктэригэр Алексей Оконешниковка уонна сыбаарка сыаҕын тутаах үлэһитигэр, үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин сыбааркаһытыгар Алексей Евсеевка бэрилиннэ.

Саха сиэринэн, өбүгэ үгэһинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Зиновий Игнатьев алгыс сиэрин-туомун оҥордо.

Үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин кэлэктиибигэр эҕэрдэ тылларын улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Толстяков, Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников, киин дириэктэрэ Алексей Оконешников, дириэктэри производственнай үлэҕэ солбуйааччы Валентина Васильева эттилэр.

Сыбаарка сыаҕын бырайыагын Валентина Николаевна 2011 сылтан көҕүлээн, Москва уонна Санк-Петербург куораттар улахан сыахтарын уопуттара үөрэтиллибитэ. Былырыын бырайыак улуус, олохтоох дьаһалта өйөбүлүн ылан, өр сыл турбут эргэ эбийиэги өрөмүөннүүр үлэ саҕаламмыта.

Киин уопуттаах сыбааркаһыта Алексей Евсеев сыах салайааччытынан ананан саҥа салааны көдьүүстээхтик үлэлэтэргэ былаанныыр. Ол курдук, “лофт” миэбэли, дьоҕус архитектурнай оҥоһуктары оҥорууга соруктар турдулар.

 

сварка сыах