Үөрэнээччилэргэ сокуон, бэрээдэк туһунан бэсиэдэлэр

Алтынньы 25 күнүгэр Уйулҕа доруобуйатын ыйын чэрчитинэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун ПДН инспектора Макарова Виктория Андреевна 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр бэсиэдэ ыытта. Оҕолорго сокуону кэһии, хас саастарыттан административнай, холуобунай эппиэтинэһи сүгэллэрин, коменданскай чаас, арыгы, насвай, электроннай сигарета буортутун, буллинг туһунан кэпсээтэ. Оҕолор интэриэһиргиир боппоруостарын ыйыттылар.

Жондоров Борис, «Мэҥэбил» пресс-киин