Алтынньы 13 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар Профминимум үлэ чэрчитинэн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьарыктаах буолуу киинэ кэлэн 8-11 кылаас үөрэнээччилэригэр идэни сөпкө талыы туһунан кэпсээтилэр. Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Дьарыктаах буолуу кииниттэн отдел начаалынньыга Кыпчыкова Прасковья Геннадьевна: “Бүгүн биһиги Дьарыктаах буолуу киинэттэн кэллибит. Бастатан туран, ханнык үлэ хайысханан үлэлэһэрбитин, билиҥҥи үлэ ырыынагын балаһыанньатын, профорентационнай тиэстэр, үөрэх кыһаларын туһунан кэпсээтибит. Бүгүҥҥү тэрээһин сүрдээх үчүгэйдик ааста. Оҕолор бэйэлэрин интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыттылар, эппиэттэрин ыллылар”.
Скрябина Сандаара түһэриитэ;
Скрябина Сандаара, Аринкин Артем видеорепортааһа;
Скрябина Сайаара монтааһа.
«Мэҥэбил» пресс-киин