Өрөспүүбүлүкэҕэ сыл түмүгүн таһаарар тэрээһиннэр салҕанан бара тураллар. «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр, гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга үлэ түмүктэрин таһаарар үөрүүлээх тэрээһин буолла. Ыччат бэлиитикэтин өйөөһүн, дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитии, о.д.а. суолталаах хайысхаларга санаа, уопут атастаһыыта тэрилиннэ.
Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов, ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистир Петр Шамаев, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, норуот дьокутааттара, Уопсастыбаннай палаата, уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ ыччаттары эҕэрдэлээн, бастыҥтан бастыҥ үлэлээхтэри бэлиэтээтилэр.
2023 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга Мэҥэ Хаҥалас улууһун ыччаттара «Бастыҥ үлэлээх улуус» аатын ыллылар.
«Бу ситиһии улуус ыччаттарын, уопсастыбанньыктарын барыбыт түмсүүлээх үлэтин түмүгэ буолар. Түгэнинэн туһанан, бары уопсастыбанньыктарга, волонтердарга, кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр салайааччыларыгар, олоххо көхтөөх сыһыаннаах биир дойдулаахтарбытыгар махтанабыт», — диэн улуус социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын начаалынньыга Октябрина Кулешова бииргэ үлэлэһэр дьонугар-сэргэтигэр эҕэрдэ, махтал тылларын этэр.