Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр сэтинньи 30 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын көҕүлээһининэн РФ үтүөлээх учуутала, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалера, өрөспүүбүлүкэҕэ чөл олоҕу бастакынан төрүттээччи Иннокентий Егорович Сергучев үбүлүөйдээх 90 сылыгар аналлаах “Чөл олох – чэгиэн турук” Илин Эҥэр улуустарын уопсастыбаннаһын кэмпириэнсийэтэ ыытылынна.
Кэмпириэнсийэҕэ Амма, Нам улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна улууспут Догдоҥо, Баатара, Араҥас, Дойду, Дьабыыл, Моорук, о.д.а. нэһилиэктэр уопсастыбанньыктара кыттыыны ыллылар. Тэрээһини Виталий Очиров аал уоту оттон, тойук туойан, алгыс көтөҕөн, «Алгыс” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ ыалдьыттары алаадьынан айах тутан арыйдылар.
“Чөл олохтоох Саха сирэ” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин, “Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэ модератора, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай бэлиитикэтикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Биология проблемаларыгар институтун старшай научнай сотруднига Юрий Жегусов, РФ үтүөлээх учуутала, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта Татьяна Артемьева, кини солбуйааччыта Анна Сергучева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай балаататын чилиэнэ, Нам улууһун “Чөл олох иһин” уопсастыбаннай тэриллиитин бэрэссэдээтэлэ Любовь Маркова пленарнай чааска кыттан ыытыллар үлэни сырдаттылар. Альбина Григорьева кэмпириэнсийэ аһыллыбытынан кэлбит дьону эҕэрдэлээтэ итиэннэ:
— Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дьабыыл нэһилиэгин чөл олоҕу тарҕатыыга үлэтэ киинэҕэ көрдөрүлүннэ. Биһиги бу саҕаламмыт үлэни салгыыр ытык иэспит буолар. Оруобуна 1 сыл анараа өттүгэр манна мустаммыт “Чөл олох чорооно” бырайыагы олохтообуппут. Бастакынан 2-с Наахара нэһилиэгэр Александра Петровна Егорова-Тупсууна салайар “Алгыстаах айан” диэн бырайыага “Чөл олох чороонун” ылбыта. Бастакынан Дмитрий Иванович улууска чөл олоҕу көҕүлээн уопсастыбаннай миэстэлэргэ, үлэ тэрилтэлэригэр арыгылааһыны уонна итирдэр утахтары иһэри тохтоторго диэн дьаһалы ылыммыта. “Чөл олох чороонун” бырайыага салҕанан барар. Бүгүн бу кэмпириэнсийэ хайдах барыахтааҕын туһунан биһиги тэрийэр кэмитиэт буоларбыт быһыытынан элбэхтик ырыттыбыт, көрүстүбүт, кэпсэттибит. Чөл олоххо үлэни оройуон үрдүнэн салгыы ыытарга ыаллыы олорор улуустарбыт үлэлэрин-хамнастарын билсэн, уопут атастаһан, бэйэбит бырайыактарбытын байытан үлэлииргэ сыаллаах-соруктаах бу кэмпириэнсийэ тэрилиннэ. Быйылгы сылга анал бырайыактары олоххо киллэрдибит. Ыччат чөл олоххо үлэтин тэнитэр сыалтан 9 нэһилиэк кытыннылар. Ону таһынан ытык киһибит Иннокентий Егорович Сергучев 90 сылынан кэмпириэнсийэ ыытан турабыт. Дьабыыл нэһилиэгэ саамай уһун үйэлээх дьоннорунан биллэр. Бу мээнэҕэ буолбатах. Быйыл баһылыкпыт дьаһалынан И.Е. Сергучев аатынан 3 үрүҥ көмүс бэлиэни олохтоотубут. Эһиил 2024 сылга улууспутугар чөл олоххо үлэ ыытыллыбыта 50 сыла буолуоҕа. Онно өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсара буоллар, — диэн баҕа санаатын тиэртэ.
Юрий Жегусов статистикаҕа олоҕуран экраҥҥа көрдөрөн кэпсээтэ.
— Өрөспүүбүлүкэҕэ арыгы иһиитин тарҕаныыта судаарыстыба бэлиитикэтиттэн, салалтатыттан тутулуктаах, бу салайыллар процесс буолар. Сахабыт сиригэр 2000-с сылтан Михаил Николаев саҕалаан чөл олох бэлиитикэтэ барбыта. 2010-2018 сс. Егор Борисов күүстээх үлэни ыыппыта, хааччахтааһыннар киирбиттэрэ. 118 нэһилиэк чөл олохтоох дэриэбинэ ыстаатыһын ылбыта. 2018-2021 сс. ити бэлиитикэ тохтотуллубута. 2022 с. чөл олох суолтатын өйдөөн сокуоннар ылыллыбыттара. Бу кэмҥэ буруйу оҥоруу кыччаабыт. Төһөнөн элбэх арыгы атыыланар, оччонон элбэх буруй оҥоһуллар, элбэх киһи суорума суолланар. Чөл олох хамсааһына күүскэ баран иһэр. Билиҥҥи кэмҥэ 2003 дэриэбинэҕэ арыгы атыыта бобуллан турар. Саха сирин уонна Чукотка дэриэбинэҕэ олорор эр дьонун ахсаанын тэҥниир буоллахха, 1990 сылга тэҥ эбит. Ол гынан баран биһиэхэ арыгы иһиитин хааччахтааһыныгар үчүгэй үлэ баран Саха сирин дэриэбинэтигэр олорор эр киһи Чукоткаҕа олорор эр киһитээҕэр 20 сыл уһуннук олорор эбит. Арыгылааһыны утары хааччахтааһын наада, чөл олоҕу тарҕатыы, дьоҥҥо сырдатыы үлэтэ күүскэ барыахтаах, — диэтэ.
Нам улууһун “Чөл олох иһин” уопсастыбаннай тэриллии бэрэссэдээтэлэ Любовь Маркова:
— “Чөл олох иһин” уопсастыбаннай тэриллиини 2010 с. тэрийбиппит, 1997 с. Александр Николаевич Маюровка үөрэммитим. Онтон кэлэн бараммын бэйэбит тугу эрэ дьаһаннахпытына табыллыыһы диэн санааҕа кэлбитим. Дьиэҕэ арыгы туттуллар буоллаҕына оҕоҕо «улааттахпына иһиэхпин сөп” диэн бырагыраама үөскүүр. Онон мин кэргэммэр аны Саҥа дьылы сампаана суох ылар буолуохпут диэбиппэр сөбүлэспитэ. 2002 с. социальнай педагог этим, онон оҕо үөрэҕэр кэлбэтэҕинэ дьиэлэригэр тиийэн билсэн, арыгы иһэр төрөппүтү куоракка илдьэн арыгытын эмтэтэр буолбутум. Кинилэр арыаллаан сылдьар киһиэхэ наадыйаллар, көмөлөстөххө наһаа махтаналлар. Онон көмөлөһө сылдьыахха наада. Оҕо приютугар тыыннаах төрөппүттээх сылдьан тулаайах курдук арыгыттан сиэртибэ буолбут оҕолорго корпоратив бырааһынньыгын арыгыта суох ыытарга этии киллэрбитим. Онон инники кэскилбит туһугар арыгыттан аккаастанарбыт наада, — диэн уоттаах-күөстээх тыл эттэ.
Майа дьаһалтатын исписэлииһэ, “Дьол уйата – дьиэ кэргэн” бырайыак ааптара Владилена Павлова:
— Бу сыл балаҕан ыйыгар улууспут баһылыга Дмитрий Иванович чөл олоҕу көҕүлүүр сыалтан “Чөл олох чорооно” улуустааҕы бырайыакка «Дьол уйата – дьиэ кэргэн» бырайыагынан кыттан кыайыылаахтарга киирсибитим. Хас биирдии нэһилиэккэ, улууска социальнай кутталлаах дьиэ кэргэттэрдээхпит. Кинилэргэ тус олохторугар көмөлөһөр сыаллаах үлэ барар. Дьиэ кэргэн оҕотун кытта бииргэ дьарыктанарыгар, дьарыктаах буолуу киинин сүбэлэрэ, уйулҕа үөрэхтээхтэрин кытта дьарык, харчыны таба туһаныы ньымаларын билсии, үлэ буларга көмөлөһүү, дьиэ ис-тас көстүүтүн тупсарарга,- о.д.а. үлэлэр барар түһүмэхтэрин сырдатта.
Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев чөл олоҕу көҕүлүүргэ туһаайыллыбыт дьаһалта ыытан кэлбит үлэтин сырдатта. Сэлиэнньэ киин сирдэригэр куһаҕан дьаллыктан аккаастаныыга туһаайыллыбыт, чөл олоҕу көҕүлүүр сыаллаах баннердар турбуттар. Олохтоохтор, ыалдьыттар кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кытыннылар. Улуус Ытык сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Зиновий Игнатьев чөл олохтоох сэлиэнньэ буоларга этиитэ ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Кэмпириэнсийэ Дьабыыл нэһилиэгин уопутун туһанан чөл олоҕу көҕүлүүр, өрө тутар үлэни ыытыыга Илин эҥэр улуустар уопсастыбаннастарын күүһүн бииргэ сомоҕолооһун, чөл олоххо концепцияларын ылынар сыаллаах тэрилиннэ.
“Иннокентий Сергучев – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чөл олоҕу көҕүлүүр хамсааһыннары төрүттээччи” И.Е. Сергучев 1974-2006 сс. Дьабыыл нэһилиэгэ чөл олоххо үлэлээбит 32 сыллаах үлэтин улахан быыстапката фойеҕа туруоруллубут. Саалаҕа «Кэлэр кэскил туһугар” киинэ көрдөрүлүннэ. Манна 1974 с. Иннокентий Егорович оскуолаҕа дириэктэрдии, кэргэнэ, биология учуутала Елизавета Исаковна Неустроева төрөппүт сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олороннор 1-кы чиэппэргэ 17 оҕо үөрэҕэр ситиспэтэҕин иһин биричиинэтин быһаарар мунньах ыытан, төрдө төрөппүттэр арыгыны иһиилэригэр сытарын быһаарбыттар. Иннокентий Сергучев 1975 с. олохтоох сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии олорон кулун тутар 25 күнүгэр уопсай мунньах ыытан, 4 пууннаах уураах ылыллыбыт: тиэхиньикэлээх дьону үлэлэтэн баран арыгынан күндүлээһини боборго, бырааһынньыгы арыгыта суох ыытарга, ыалдьыты арыгынан күндүлээһини уонна дьону үлэлэтэн баран арыгынан төлөһөрү боборго диэн. Киинэҕэ Роман Борисов, Иннокентий Киренскэй, Татьяна Тимофеева чөл олоххо үлэ ыытыллыбыта нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕо сайдыытыгар туһалааҕа биллибитин, сопхуос отделениетын үлэтэ тупсубутун, тутууну күүскэ туруорсан 2 успуорт саала тутуллубутун, ырааҕы көрөр салайааччы быһыытынан сыаналаабыттарын этэллэр.
Кэмпириэнсийэҕэ 4 сиэксийэнэн үлэ ыытылынна. Бастакы “Чөл олохтоох сэлиэнньэлэри” салгыы сайыннарыы сүрүн тосхоллоро” сиэксийэни “Чөл олохтоох Саха сирэ” эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин чөл олох тирэх пууннарын салайааччыларыгар, нэһилиэктэр баһылыктарыгар, дьокутааттарга анаан ыытта. Чөл олохтоох нэһилиэктэри хайдах сайыннарыы туһунан боппуруоска үлэ барда. Манна модераторынан СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев, экспертэринэн Матвей Лыткин, Юрий Жегусов, улуус дьокутаата Иван Пивоваров, култуура управлениетын салайааччы Анна Исакова үлэлээтилэр. Иккис “Илин эҥэр улуустарга сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥорууларын сэрэтии барылын оҥоруу уонна олоххо киллэрии” сиэксийэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар эппиэттээх тэрилтэлэргэ, бу үлэни сэрэтэр уорганнарга уонна үөрэх управлениеларын бэрэстэбиитэллэригэр анаан ыытылынна. Манна “Оҕолорбутун, ыччаппытын, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорбутун инники кэскиллэрин туһугар хайдах үлэни ыытыахтаахпытый” диэн Альбина Григорьева дакылаат оҥордо. Модератор Нюргуяна Варламова, экспертэринэн улуус административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Ким Нестеров, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, улуус киин балыыһатын нарколог бырааһа Александра Мохначевская, Майатааҕы В.П.Ларионов аатынан орто оскуола дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Маргарита Афанасьева үлэлээтилэр. Үһүс “Уопсастыбаннай тэрилтэлэр нэһилиэнньэ ортотугар ыытар сэрэтэр үлэлэрин сүрүн хайысхалара” сиэксийэҕэ дьахталлар, аҕалар, эр дьон сэбиэттэрин, чөл олохтоох нэһилиэктэр бэрэстэбиитэллэрэ, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениеларын салайааччылара кытыннылар. Манна уопсастыбанньыктар чөл олоххо тугу үлэлэһэллэрин тула модератор Федор Белолюбскай, экспертэринэн Александра Егорова, Вячеслав Санников, Татьяна Артемьева үлэлээтилэр. Төрдүс “Илин эҥэр улуустар ыччат холбоһуктарын ассоциациятын сүрүн соруктара” сиэксийэҕэ ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр управлениелар салайааччылара, лиидэрдэрэ кытыннылар. Манна Октябрина Кулешова ыччат чөл олоххо үлэтигэр дакылаат оҥордо. Модератор Михаил Масаха, Анна Сергучева, Олег Петров, Игорь Данилов экспертээтилэр.
Секциялар үлэлэрин түмүгүн модератор Альбина Григорьева иһитиннэрдэ. Манна уопсастыбаннас туруорбут этиилэрин түмэн аналлаах министиэристибэлэринэн, тэрилтэлэринэн чөл олоххо үлэ ыытыллыахтаах итиэннэ улууспут иһинэн эһиилги сылтан чөл олоххо үлэлиир улахан бырагыраама оҥоһуллан үлэлиэхтээх диэн түмүккэ кэллилэр.
“Мэҥэ Хаҥалас улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга Дмитрий Тихонов кэмпириэнсийэ түмүктэнэр чааһа үүммүтүнэн бар дьонун эҕэрдэлээтэ. Кини:
— Биһиги норуоппут, ыччаппыт инникитин чөл туруктаах, инникигэ дьэҥкэ көрүүлээх буоларыгар туһаайыллыбыт, былааннаахтык үлэлиир-хамсыыр, дойдубутугар хаһаайын буолар ыччаты иитэн таһаарар өйтөн-санааттан тэриллибит кэмпириэнсийэҕэ көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Былырыын баччаларга чөл олох хамсааһынын саҥалыы көрөммүт үлэни саҕалаабыппыт уонна былаан ылынаммыт бу сыл устата үлэлээтибит. Ол үлэбитигэр туох итэҕэс-быһаҕас баарын, туох кыайтарбатаҕый, туох ситиһиилэр баалларый диэн көрөммүт инники үлэбитигэр биир улахан түһүмэх түмсүүбүт буолла. Эһиги хараххыт уоттаммытын, эниэргийэ кэлэрин, баҕалааххытын көрөн ордук үөрдүм. Эһиги бэйэҕит манна баҕаран кэлэҥҥит билбэтэххитин билэн, көрбөтөххүтүн көрөн, билиигитин хаҥатан тиийэҥҥит олоххо киллэрэргэ биир бастакы эппиэтинэһи ылар дьон буолаҕыт. Сарсыҥҥыттан саҥалыы көрөн үлэлиэхпит-хамсыахпыт. Иннокентий Егорович хара дьайы кытта охсуһар охсуһуута бу буолар. Кини үлэлээбит-хамсаабыт Дьабыылын нэһилиэгэр күн бүгүн икки 100 сааһын ааспыт ытык дьон холобур буолан олороллоруттан астынабыт, киэн туттабыт. Тыыннаах холобурдар буолбут ытык дьоммут олохторун үөрэтэн, ону ыччакка киэҥник сырдатыах тустаахпыт. Бу биһиги үлэбит саҕаланыыта эрэ. Инникитин ыччат дьоммут, норуоппут, Сахабыт сирин туһугар өссө түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ, — диэн ыҥырда.
2023 сыл алтынньы 31 күнүгэр 113-П №-дээх дьаһалынан И.Е.Сергучев аатынан “Чөл олоҕу тарҕатааччы” Мэҥэ Хаҥалас улууһун анал бэлиэтэ олохтоммута. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов РФ үтүөлээх учуутала, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалера, өрөспүүбүлүкэҕэ чөл олоҕу төрүттээччи Иннокентий Егорович Сергучев аатынан үрүҥ көмүс түөскэ кэтэр бэлиэни “Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччытыгар, СӨ үөрэҕириитин туйгунугар, “Барҕарыы” пуонда стипендиатыгар, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайыныгар Татьяна Артемьеваҕа, улуустааҕы киин балыыһа сиэстэрэтигэр, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгунугар, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданиныгар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Мэҥэ аат” Бочуот кинигэтигэр киллэриллибит Валерия Михайловаҕа, “Алгыстаах айан” айар экспедиция салайааччытыгар, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, 2-с Наахара нэһилиэгин Бочуоттаах гражданиныгар, норуот эмчитигэр, СӨ кыһыл көмүс кинигэтигэр киллэриллибит СӨ Бочуоттаах мэссэнээтигэр Александра Егороваҕа дохсун ытыс тыаһын ортотугар туттарда.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын көҕүлээһининэн хас биирдии нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй туругун тупсарыыга көһөрүллэ сылдьар “Чөл олох чорооно” бырайыак олохтоммута. Манна кыайыылаахтарга наҕараадалары улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева туттарда. Үһүс бөлөххө Андрей Кычкин баһылыктаах Араҥас нэһилиэгэ, иккис бөлөххө Валерий Никифоров баһылыктаах Мэлдьэхси нэһилиэгэ уонна бастакы бөлөххө Алексей Неустроев баһылыктаах Майа сэлиэнньэтэ кыайыылааҕынан тахсан наҕараадалары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай бэлиитикэҕэ управлениета ыыппыт “Ыччат чөл олоҕу талар” чөл олоҕу тарҕатар уонна бигэргэтэр тэрээһиннэргэ оройуон олохтообут гранын күрэҕин кыайыылаахтарыгар управление салайааччыта Октябрина Кулешова наҕараадалары туттарда. Араҥас нэһилиэгин “Уолан Боотур” сахалыы многоборье күрэҕин бырайыагынан Виринея Арьянова салайааччылаах, Хара нэһилиэгин “Дышать легко” бырайыагынан Жанна Тимофеева салайааччылаах, Дьабыыл нэһилиэгин “Мастерская ЗОЖ” бырайыагынан Михаил Баишев салайааччылаах ыччат түмсүүлэрэ кыайыылаах аатын ыланнар 100000 солкуобайдаах сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.
РФ үтүөлээх учуутала, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалера, өрөспүүбүлүкэҕэ чөл олоҕу бастакынан төрүттээччи Иннокентий Егорович Сергучев үбүлүөйдээх 90 сылыгар анаммыт “Чөл олох – чэгиэн турук” Илин эҥэр улуустарын кэмпириэнсийэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ субсидия көрөн, чөл олоҕу өйүүр үгүс дьону түмэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар элбэх матырыйаал, буклеттар оҥоһуллан тарҕатылыннылар. Тэрээһини Спиридон Григорьев, Александр Кулешов иилээн ыыттылар, Сардаана Осипова, Виталий Очиров, Игорь Игнатьев ырыаларын, “Кыталык” үҥкүү норуодунай ансаамбыла үҥкүүлэрин бэлэхтээтилэр.
Арыгы – дьаат, арыгы – алдьархай төрдө! Маны хас биирдиибит өйдөөн, кэнчээри ыччаппыт туһугар аһыы утаҕы алаһа дьиэбитигэр киллэрбэккэ дьулуһуоҕуҥ, куһаҕан дьаллыкка ылларбат туһуттан бу астан олоччу аккаастанан дьоро күннэрбитин арыгыта суох бэлиэтиэҕиҥ диэн тэрээһин кыттыылаахтара бар дьоннорун ыҥыран тарҕастылар.
Марелла Баишева.