«Владимир Путин үүнэр сылы Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитин биһирээбэт, сэҥээрбэт киһи, бука, суоҕа буолуо»

Итинник бигэ санаалааҕын биһиэхэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕолоох эдэр ийэ, 2017 сыллаахха ыытыллыбыт «Тыа сирин.дьиэ кэргэнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕынан ааттаммыт дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэтэ Ньургуйаана Прокопьева үллэһиннэ.
‒ Оҕо эрдэхпититтэн дьиэ кэргэн уопсастыбабыт тутаах чааһа диэн этиини бары үгүстүк истэ, билэ улааппыппыт. Кырдьыга да оннук, бигэ тирэхтээх дьиэ кэргэн уопсастыбаҕа оруола сүҥкэн.
Үүнэр сылга дойду үрдүнэн биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыттан тус сыаллаах-соруктаах, киэҥ өрүттээх үгүс үлэни-хамнаһы эрэнэ күүтэбит. Судаарыстыбаттан материальнай көмөнү, өйөбүлү аҥаардас эрэйэр тутах дии саныыбын. Хас биирдии дьиэ кэргэн уопсастыбаҕа бэйэтин үлэтинэн-/**хамнаһынан, билиитинэн-көрүүтүнэн, дьоҕурунан, сатабылынан, оҕолорун иитиитинэн о.д.а киллэрэр кылаатын хаһан да умнуо суохтаах.
Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтиигэ оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр инниттэн Бэрэсидьиэммит Владимир Путин олохтообут «Демография» национальнай бырайыага төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Бу бырайыак чэрчитинэн дойду эрэгийиэннэригэр, ол иһигэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев көҕүлээбит тус сыаллаах кэккэ судаарыстыбаннай бырагыраамалар олохтоммуттара хайы үйэҕэ үтүө түмүктэрдээҕэ үөрдэр. Ол биир туоһутунан Сахабыт сирин нэһилиэнньэтин ахсаана быйыл сайын биир мөлүйүөннээх кэрдиискэ тахсыбыта буолар. Улууспут таһымыгар дьиэ кэргэни өйүүр социальнай бэлиитикэҕэ эмиэ былааннаах үлэ ыытылларын бэлиэтиибит.
Бүгүн дойдубут Бэрэсидьиэнэ нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар ааһан эрэр сыл түмүктэрин билиһиннэрэр быһа эпииринэн уонна үгэс буолбут улахан пресс-кэмпириэнсийэнэн тахсар холбоһуктаах тэрээһинигэр: «Саамай бастыҥ иитии ‒ тус холобурунан» ‒ диэн тоһоҕолоон этиитин астына иһиттим. Итини олох бары салааларыгар туһаайыахха сөп. Холобур, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр сыһыардахха, төрөппүт оҕотун бэйэтин холобурунан иитиэхтээх, онуоха улахан эппиэтинэһи сүгэрин толору өйдүөх тустаах дии саныыбын.
Дьиэ кэргэн сылыгар ийэ буолууну өйөөһүнтэн, төрөппүт оруолун үрдэтииттэн, оҕо быраабын араҥаччылааһынтан саҕалаан үгүс өрүттээх, киэҥ хайысхалаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэ-хамнас өссө тэнитэллэн салгыы салҕанан барарыгар эрэлбит улахан.