Владимир Путин Өлүөнэ муостатын тутуутугар чуолкай болдьоҕу ыйарга сорудахтаата

Дойдубут Бэрисидьиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ, Алдан өрүстэрин туоруур муосталар туһунан балаҕан ыйын 5 күнүгэр Уһук Илин эрэгийиэннэр куораттарын – Анадырь, Магадан уонна Дьокуускай – маастар-былааннарын, сайдыыларын туһунан ыыппыт мунньаҕар иһитиннэрдэ.

Владимир Путин мунньах иннинэ бу саас ыам ыйыгар Дьокуускай куорат маастар-былаанын туһунан кэпсэтии барбытын иһитиннэрдэ.

‒ Дьокуускай туһунан эттэххэ, биһиги бу саас Арассыыйа креативнай экэниэмикэтин сайдыытын быыстапкатыгар куорат маастар-былаанын туһунан кэпсэтэн турабыт. Онно биһиги Дьокуускайга киинэ павильонун тутар туһунан сөбүлэспиппит. Бу павильоҥҥа киинэ кыһыннары уһуллар усулуобуйата оҥоһуллуохтаах, ‒ диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.

Бэрэсидьиэн Магадан, Анадырь уонна Дьокуускай куораттар маастар-былааннарын оҥорууга суол-иис, айан-сырыы улахан оруоллааҕын бэлиэтээн туран, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун туһунан эттэ.

‒ Бу куораттар маастар-былааннарыгар бастакы уочарат суол-иис, тырааныспар сайдыытын көрүөххэ наада. Арассыыйа хотугулуу-илин өттүгэр улахан тутуунан Өлүөнэ муостата буолуохтаах. Бу туһунан кэпсэтии барбыта ыраатта. Итини таһынан “Халыма” федеральнай суол өрөмүөннэниэхтээх. Манна эмиэ Алдан өрүһү туоруур муоста тутуллуохтаах. Бу муоста “Халыма” суолугар кыһыннары-сайыннары сырыы баар буоларын хааччыйыаҕа. Онон Өлүөнэ муостата тутуллан олоххо киириитин болдьоҕун ыйан туран Дьокуускай социальнай-экэнэмиичэскэй былааныгар киллэриэххэ. Итини таһынан Алдан муостатыгар эмиэ болдьоҕу туруоруохха , ‒ диэн иһитиннэрдэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ.

Владимир Путин бу тутуулар бары тыйыс айылҕалаах сиргэ ыытыллалларынан матырыйаалы, тутуу хаамыытын ураты болҕомтоҕо ыларга эттэ.

‒Бу үс куорат бары тыйыс айылҕалаах сирдээхтэр-уоттаахтар. Онон тутууга аныгы үйэ матырыйаалларын хото туһаныы барыахтаах, тутууну ыытыыга саҥа, сонун көрүүлэр, быһаарыылар ирдэниллэллэр. Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн бу эрэгийиэннэргэ дьон-сэргэ олорор, үлэлиир усулуобуйатын тупсарыы, эдэр исписэлиистэр кэлэллэрин ситиһии буолар,  диэн эттэ дойду баһылыга.

 Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин дакылаатыгар Өлүөнэ муостатын үбүлээһинигэр болҕомтотун уурда. Кини бэлиэтииринэн, тутуу үбүлээһини аҥаарын федеральнай бүддьүөт уйунуохтаах. Ону таһынан Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ бэйэтин өттүттэн үбү-харчыны угарыгар инфраструктурнай кирэдьиит бэриллэрэ наадатын иһитиннэрдэ.  Айсен Николаев НДС  учуоттаан туран, муостаны тутуу  суумата 130 млрд солк. буоларын эттэ.