Владимир Кузьмин «Ырам миэнэ – ырыам» ырыанньык-кинигэтэ сүрэхтэннэ

Сэтинньи 24 күнүгэр Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ мэлэдьиис, ырыаһыт, байаньыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, улуустааҕы «Дьүрүлгэн» мэлэдьиистэр уонна ырыаһыттар түмсүүлэрин тутааах киһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун байаньыыстарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Владимир Кузьмин «Ырам миэнэ – ырыам» ырыанньык-кинигэтин сүрэхтэнэр истиҥ түһүлгэтэ тэрилиннэ.

Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар СӨ култууратын туйгуна, ырыанньык ааптара Бэдьимэттэн төрүттээх Георгий Попов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын персоналы кытары үлэҕэ салайааччыта Станислав Захаров, Дьаҥхаады нэһилиэгин баһылыга Василий Стручков, Сыымах нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Акимов, Төхтүрдээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ Екатерина Винокурова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылаана Адамова – Алтан Кыыс, СӨ ырыа айааччыларын, мэлэдьиистэрин сойууһун чилиэнэ Михаил Санников – Уол Сарсын уо.д.а.

Киэһэтин Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр Владимир Кузьмин «Ырам миэнэ – ырыам» кинигэтэ тахсыбытынан улууспут бастыҥ толорооччулара, айар кэлэктииптэрэ кыттыылаах улахан кэнсиэр буолла.

Ырыа айааччыга дьоло – ылланар ырыатыгар. Бу күҥҥэ кинигэ тула кэпсэтии, алгыстаах баҕа санаа барыта Владимир Кузьмиҥҥа ананна. Владимир Васильевич ырыанньык-кинигэтэ тахсыбытынан дьоно-сэргэтэ, доҕотторо-атастара, биир эйгэлээхтэрэ үөрүүтүн үллэһиннилэр.