В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар «Ларионовскай баалга»

Олунньу 10 күнүгэр оскуолабытыгар үтүө үгэскэ кубулуйбут Арассыыйатааҕы Наукалар Академияларын академига, СӨ наукаҕа Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, Дойдулар икки ардыларынааҕы уонна Арассыыйа инженернай академияларын академига, Хотугу Форум Академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, материаловедение Тихоокеанскай — Азиатскай академиятын академига, техническэй наука доктора, профессор, дойдутун, норуотун киэн туттуута Владимир Петрович Ларионов төрөөбүт күнүгэр, киниэхэ анаммыт дэкээдэни түмүктүүр «Ларионовскай баал» үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Владимир Петрович — бу үөрэх кыһатын бастыҥ выпускнига, 1956 сыллаахха кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. 2004 сыллаахха оскуолаҕа кини аатын иҥэрбиттэрэ.
Бу тэрээһин 2024 сыл Дойдубут бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбата, Майаҕа ЧӨЛ олох сылларыгар ананна.
» Баал үөрүүлээх чааһыгар ытык-мааны ыҥырыылаах ыалдьыттарынан оскуола попечителлэрэ буоллулар: -Андрей Михайлович Находкин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата, Ил Түмэн тыа сирин баайын-дуолун уонна экология сис кэмитиэтин бэрэссээдэтэлэ; -Людмила Николаевна Андросова, 2003-2010 сылларга В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ, Арассыыйыскай Федерация бочуоттаах үлэһитэ;
— Людмила Ивановна Заровняева-Стручкова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, «Народное признание» бэлиэ общественнай түмсүү хаһаайына;
— Мария Николаевна Федорова, төрөппүт сүбэтин бэрэссэдээтэлэ;
— Зоя Афанасьевна Герасимова, төрөппүт сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта;
— Руслан Иванович Никаноров, «Аҕа сүбэтин» бэрэссэдээтэлэ, Мэҥэ Хаҥалас муниципальнай оройуон сэбиэтин депутата;
— Анна Руслановна Васильева — попечитель;
— Афанасий Афанасьевич Борисов — попечитель
Бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын оскуолабыт дириэктэрэ Павел Васильевич Васильев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаата, Ил Түмэн тыа сирин баайын-дуолун уонна экология сис кэмитиэтин бэрэссээдэтэлэ Андрей Михайлович Находкин, 2003-2010 сылларга В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбит, Арассыыйыскай Федерация бочуоттаах үлэһитэ Людмила Николаевна Андросова эттилэр.
«Кыталык» оҕо-ыччат эстарднай киинин балетнай студия иитиллээччилэрэ нарын-намчы үҥкүүлэринэн киэргэттилэр. «Ларионовскай баалы» иилээн-саҕалаан танцмейстер Александр Константинович Васильев ыытта.
Баал саамай чаҕылхай, умнуллубат түгэнинэн оскуола үөрэнээччилэрэ бары кылааһынан тахсан менуэт, полька, полонез, падеграс, вальс үҥкүүлээтилэр. Бүгүн манна үөрэнээччилэр, учууталлар, төрөппүттэр үҥкүү кэрэ эйгэтигэр куустардылар.
«Ларионовскай баал» түмүгүнэн бастыҥнарга анал ааттары туттардылар.
«Баал саҥа арыйааччыта» («Дебютантка бала») — Апросимова Айыллаана, 7 «б» кылаас. Сал. Куприянова В.М.;
«Баал саҥа арыйааччыта» («Галантный партнер») — Яковлев Стас, 7 «б» кылаас. Сал. Куприянова В.М;
«Баал Королевата» («Королева бала») — Тастыгина Настя, 11 «а» кылаас. Сал. Гаврильева А.Р.;
«Баал Хоруола» («Король бала») — Романов Коля, 11 «б» кылаас. Сал. Семенова М.Н.
«Бастыҥ паара» («Лучшая пара») — Екатерина Заровняева, Антон Баишев буоллулар.
Бу курдук оскуолабытыгар баал – саамай кэрэ түгэн буоларын өйдөөн, үөрэнээччилэр эрдэттэн долгуйа бэлэмнэнэллэр. Тумус туттар Академикпыт В.П.Ларионов эппитинии: «Киһи олоҕун тухары өрүүтүн сырдыкка-кэрэҕэ дьулуһуохтаах!»