Майаҕа олунньу 1 күнүгэр И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ Дьокуускай куораттан Раиса Тимофеева-Сырдык Күүс салайааччылаах “Уран тыл оһуора” литературнай түмсүү ыалдьыттаата. Манна Раиса Тимофеева-Сырдык Күүс, Татьяна Никитина-Тупсууна, Любовь Никитина-Тапталлаана, Каджана Евсеева-Чэлгийэ уонна Майаттан төрүттээх биир дойдулаахпыт Вера Санникова-Мичийээнэ кэлбиттэр. Кинилэри кытта Мэҥэ Хаҥалас улууһун Наталья Пахомова салайааччылаах “Таммахтар” литературнай холбоһук айар куттаахтара көрүстүлэр. Ыалдьыттар сылдьыбыт сырыыларын кэпсиир быыстапка туруорбуттар, слайданан көрдөрдүлэр.
Хаҥалас улууһун Тиит Арыытыттан төрүттээх Раиса Николаевна айар үлэҕэ, төрөөбүт тылы сайыннарыыга, үйэтитиигэ, кинигэ тахсыытыгар утумнаахтык үлэлиир, бэйэтэ 14 кинигэ ааптара. Кини түмсүү үлэтин сэргэ кэлбит ыалдьыттары сырдатта.
Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэни барытын хабан үлэлиир “Уран тыл оһуора” литературнай түмсүү 2018 с. олунньу 8 күнүгэр 67 киһилээх төрүттэммит. Быйыл 6-с сыллара, 115 кинигэни таһаарбыттар. Түмсүү бэйэтэ тиэмэлэринэн арааран суруллубут 27 кинигэлэммит. Элбэх улууһу кэрийэ сылдьан түмэлгэ, бибилэтиэкэлэргэ, уһуйааннарга, оскуолаларга сылдьан кинигэлэрин билиһиннэрэн бэлэхтиир үтүө үгэстээхтэр.
Раиса Тимофеева-Сырдык Күүс киирии тылыгар үлэтин-хамнаһын сырдатта: “Хас биирдии ааптарым кинигэлэрин таһаартаран бэйэлэрин улуустарыгар ааттарын ааттаттылар. Түмсүүнэн төрөөбүт тылы өрө тутууга, айылҕаны,сири-уоту харыстыырга, ыраастыырга, о.д.а. тиэмэлэргэ 32 бырайыак толкуйдаан оҥордубут. Ханна сылдьыбыппытын хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан үйэтитэбит. Бу 12-с түмсүүбүтүн – “Таммахтары” кытта көрсө-билсэ кэллибит. “Уһуктуу” диэн бырайыагынан улуустары кэрийэбит. Түмсүүбэр 55-тэн 85 саастарыгар диэри аҕам саастаах дьон сылдьаллар. Бу сылдьан бэйэ бэйэбититтэн үөрэнэрбит элбэх. Кинигэ ааҕыытын көҕүлээммит уопсайа 6800 кинигэни бэлэхтээн кэллибит. Бэс Күөлүгэр баһаар содулуттан эмсэҕэлээбиттэргэ 15 тыһыынча солкуобайдаах араас көмөнү оҥорбуппут. Саха оҕото хайдах суруйарын билсэр сыаллаах 2 төгүл өрөспүүбүлүкэ хабааннаах күрэхтэһиилэри ыыппытым уонна оҕолор суруйаллар эбит диэн санааҕа кэлбитим. Суруйар оҕолорго кинигэ бэлэхтиибин. Улахан куораттар бибилэтиэкэлэрин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээн Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ таҕыстыбыт, кинигэлэрбитин почтанан ыытабыт. “Элиэнэ очуостара” кинигэбит 3 тылынан: сахалыы, нууччалыы, английскайдыы тылларынан тахсыбытынан киэн туттабыт. Майалар сахалыы тыыннаахтар эбит диэн үөрдүбүт. Эдуард Рудыхтыын 107,1 долгуҥҥа “Тэтим” араадьыйаҕа быһа эпииргэ сэрэдэ аайы суруйааччылары таһаарабыт, 4 сыл иһигэр номнуо 190 суруйааччыны таһаардым. “Таммахтар” суруйааччыларгытын биэриигэ кытыннараргытыгар ыҥырабыт, — диэтэ. Раиса Тимофеева-Сырдык Күүс “Маҥан аппар олорон” диэн хоһоонун иэйиилээхтик аахта.
Ыалдьыттар бэйэлэрин тустарынан кылгастык билиһиннэрэн, ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээн истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла. Сунтаартан төрүттээх Каджана Евсеева-Чэлгийэ 5 оҕолоох, 30-тан тахса сыл үлэлээбит омук тылын учуутала идэлээх, Учууталлар учууталлара ааты ылбыт педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Дархан этээччи, чабырҕахсыт, тойуксут “Олоххо анаарыыларым” хоһоонун аахта уонна бу буола турар тэрээһинин тойугар хоһуйан ыллаата. Биир дойдулаахпыт Вера Санникова-Мичийээнэ кустук өҥүнэн оонньуур эгэлгэ дьоҕурдаах Далбар Хотун буолар. Кини 1979 с. Майа орто оскуолатын бүтэриэҕиттэн Дьокуускайга олохсуйбут. РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ иискэ норуот маастара, СӨ култууратын туйгуна, 4 кинигэ ааптара “Долгун тааһы чочуйар” хоһоонун бэлэх уунна. 2019 с. бастакы кинигэтин суруйбут Любовь Никитина-Тапталлаана 60 сааһыгар олоҕун аргыһынан буолбут иккис кэргэнин көрсөн баран “Чуумпурбут сүрэхпин аймаатыҥ” диэн суруйбут хоһоонун аахта итиэннэ “Ыллыаҕым” диэн кини хоһоонунан айыллыбыт уонна “Күн бытархайа” ырыалары имигэстик хамсана-хамсана толорон сүргэбитин көтөхтө. Кэбээйи улууһун Сиэгэн нэһилиэгиттэн төрүттээх Дьокуускайга олорор буҕаалтыр идэлээх Татьяна Никитина-Тупсууна 2 кинигэлээх, ырыа буолбут хоһооннордоох. “Сахам ырыата” хоһоонун уонна бэйэтин матыыбыгар, Айыына Попова тылларыгар “Дьүөгэлэр” ырыаны толордо.
“Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччыта Наталья Пахомова харда тылы эттэ. Биһиги холбоһукпутун “Ленинскэй Знамя”, билигин “Эркээйи” хаһыат эрэдээктэринэн үлэлии олорон 1971 с. Иван Брызгалов-Айанаас тэрийбитэ. Онтон салгыы Иван Сысолятин, Иннокентий Сосин, Константин Сосин салайа сылдьыбыттара. Ол кэнниттэн Августина Владимирова- Хабарова 17 сыл салайбыта, кини билигин сүбэһитинэн хаалан туран 2023 сылтан миэхэ туттарбыта. “Таммахтартан” бүгүн миигин сэргэ В.В. Скрябин аатынан орто оскуолаҕа нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Мария Кылабысова, бибилэтиэкэр Мария Левина, бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Исакова Чүүйэттэн, Марфа Васильева, Марелла Баишева Майаттан кэллилэр. Биһиги эмиэ үгэс быһыытынан араас тэрээһиннэри ыытабыт, эһиги талааҥҥытын сүгүрүйэ көрдүбүт, — диэн кылгастык холбоһук үлэтин билиһиннэрдэ уонна айар куттаах ыалдьыттарбытыгар Махтал сурук туттарда. “Таммахтар” ааттарыттан Мария Кылабысова, Мария Левина тыл этэн санааларын атастастылар. “Уран тыл оһуора” литературнай түмсүү 2018 с. таһаарбыт бастакы хомуурунньугун ыалдьыттарбыт бэлэх ууннулар уонна эҕэрдэ сурук туттардылар, бибилэтиэкэҕэ 20 кинигэни бэлэхтээтилэр. Кииннэммит бибилэтиэкэ аатыттан ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел бибилэтиэкэрэ Марина Трифонова талба талааннаах ыалдьыттарга Махтал суруктары туттарда.
Икки өттүттэн саха тылын сайыннарыыга, үйэтитиигэ, кинигэни элбэтиигэ үлэлиир айар куттаахтар истиҥ-иһирэх көрсүһүүттэн астынан, салгыы айымньылаахтык үлэлииргэ баҕалаах тарҕастылар.
Марелла Баишева.