Быйыл Майа сэлиэнньэтигэр Р.Г.Васильев аатынан Мэҥэ Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл арыллыбыта 60 сылын туоларынан, өрөмүөн үлэтэ саҕаланна.
Үлэ былаана киэҥ. Түмэл бу дьиэтэ 2002 сыллааахха тутуллан үлэҕэ киириэҕиттэн өрөмүөннэнэ илик. Сүрүн үлэтэ – улахан саала муостатын уларытыы буолар. Муостатын көтүрэн, бетоннаан баран, билиитэлэри тэлгииргэ бэлэмнээн тэҥнии сылдьаллар. Салгыы «Ректайм» хампаанньаны кытта кэпсэтэн экспозиция ис бараанын оҥорон саҕалыахтара.
Баай пуондабытыттан уонна саҥа экспонаттары дьон көрүүтүгэр туруоран, үбүлүөйдээх күҥҥэ улуус олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар мусуой аанын арыйыахпыт диэн биһиэхэ Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Михаил Масаха иһитиннэрдэ.