Сыл аайы, кыратыттан улаханыгар диэри бары долгуйа күүтэр күммүт — Саҥа Дьыл түүнэ үүнэрэ аҕыйах кэм хаалла. Бу күннэргэ ааһан эрэр сылбыт туох ситиһиилэри аҕалбытын, туох кыратык сиппэтэҕин ыраҥалыыр, түмүк таһаарар тоҕоостоох кэмнэрбит буолаллар. Саамай улахан баҕа санаабыт барыбытыгар — кэлэр Саҥа сыл ааһан эрэр сыллааҕар өссө үчүгэй түмүктэрдээх, элбэх ситиһиилэрдээх буоллун диэн! Куһаҕан, итэҕэс манна хааллын, туох баар кэрэ, сырдык эһиилги сылга биһигини кытта салгыы аргыстастын! Ил Дархаммыт биллэрбит Оҕо аймах Сылыгар элбэх кэскиллээх дьаһаллар олоххо киирдиннэр, кэнчээри ыччаппыт сайдыытыгар төһүү буоллуннар, онтон ким да туора турбакка, бары көмөлөөн үлэлиэҕиҥ. Инники сайдыыбыт суолун элбэх сылларга түстүүр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара буолуоҕа, дьэ итиннэ түмсүүлээхпитин, тэрээһиннээхпитин өссө төгүл бигэргэтиэҕиҥ! Улууспутугар суолталаах тутуулар, улахан бырайыактар салҕаныахтара уонна саҕаланыахтара, манна бары биир киһи курдук үлэлээтэхпитинэ элбэҕи ситиһиэхпит.
Үүнэн эрэр саҥа 2024 сылга эрэллээхтик, бигэтик үктэнэн киириэҕиҥ, эһиэхэ барыта этэҥҥэ буоллун, күндү дьоммут! Саҥа дьылынан!
Истиҥ эҕэрдэни кытта, Ил Түмэҥҥэ дьокутааттаргыт Андрей Находкин, Захар Никитин.