Улууспут үйэ саастаах үс ытык кырдьаҕаһа

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар күн бүгүн 100 сааһын ааспыт 3 ытык кырдьаҕас олороллор. Кинилэринэн буолаллар билигин Нуораҕанаҕа олорор Ульяна Егоровна Пермякова, Дьокуускайга олорор Алексей Николаевич Березкин уонна Таракка олорор Матрена Егоровна Киренская. Кырдьаҕастар үһүөн Дьабыыл сириттэн төрүттээхтэр. Кинилэр уһун үйэлэниилэрин кистэлэҥэ, баҕар, төрөөбүт сирдэригэр буолаарай? Бу туһунан билээри кинилэри көрөр-харайар төрөппүт кыргыттарын кытта билистим.

 

Ульяна Егоровна Пермякова

Ульяна 1920 с. ахсынньы 12 күнүгэр Чурапчы оройуонун 2-с Мэлдьэхси нэһилиэгэр Александра Ивановна, Егор Павлович Сокольниковтар диэн дьиэ кэргэҥҥэ хотоно холбуу турар буор муосталаах кыракый балаҕаҥҥа бастакы оҕонон Күн сирин көрбүт. Дьоно барыта алтата  оҕоломмуттар. Аҕатын этиитин ылынан, 1941с. 21 сааһыгар Чаачыгый холкуос олохтооҕор, Афанасий уонна Михаил диэн 2 уол оҕолоох, 37 саастаах Владимир Николаевич Пермяковка кэргэн тахсан Сыҥаһалаахха таҥара дьиэтигэр саахсаламмыттар. Ыал буолааттарын кытта балтараа ыйынан сэрии саҕаланар. Оччолорго Чаачыгый холкуос Чурапчы улууһугар киирэрэ. Сут-кураан дьыллар тураннар от үүммэккэ 20-лээх дьон Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр баран оттуу сылдьан көһөрүллүү ыар сураҕын истэн төннөн кэлэллэр. Итинник биир сылга түөртэ төхтүрүйэн холкуос сүөһүтүн үүрэн, аҕалан-илдьэн сылдьыбыттар. Сэрии сут-кураан сылларыгар көһөрүллүүгэ Пермяковтар дьиэ кэргэнтэн Ульяна, Владимир, кини төрөппүттэрэ, 2 уола, аймах дьоно буолан холкуос дьонун кытта Кэбээйи Куокуйугар көһөрүллүбүттэр. 2 сыл балык бултааһыныгар сылдьан тоҥон-хатан сүрдээх эрэйдээх кэмнэри ааһан 1944 с. дойдуларыгар төннөллөр. Көһөрүллүү улахан содуллаах буолар. Чурапчы улууһун 2-с Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн Кэбээйигэ 2-с Лүүчүн диэн сиргэ тиийэн ийэлэрин Ульяна ийэтэ, аҕата, бииргэ төрөөбүт 2 балта, быраата, хараҕа суох аҕатын быраата, Ленин аатынан холкуос дьоно бүтүннүү хоргуйан өлбүттэр, бары көмүс уҥуохтара онно хаалбыттар. Ульяна биир балта Анастасия итиэннэ биир быраата Дмитрий эрэ тыыннаах хааланнар, кэлин кинилэр оҕолоро Покровскайга уонна Чурапчы Дириҥэр олохсуйбуттар.

У.Е. Пермякова 1945-1947 с.с. Дьабыылга өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо дьиэтигэр асчытынан үлэлиир. Манна кини маҥнай Баишева Марфа Тимофеевналыын, ол кэннэ Баишева Александра Тимофеевналыын килиэби улахан халааҥка оһоххо илиилэринэн мэһийэн күннэтэ оҥороллоро. Хааһыны, миини туспа чугуун оһоххо буһараллара. Оччолорго ас кыра нуорманан бэриллэрэ, таҥас-сап да мөлтөх кэмэ. 1945 с. оҕо дьиэтин дириэктэрэ Егоров Иван Петрович “Сэрии бүттэ” диэн кыра трибуна үрдүттэн тыл эппитигэр оҕолуун, улахан дьоннуун үөрэн “Ураа” хаһыытыы-хаһыытыы өрүтэ ыстаҥалаабыттар. Сэрии толоонугар дойдуларын туһа диэн олохторун толук уурбуттар, сураҕа суох сүппүттэр кэргэттэрэ ытаһан муҥнаммыттар. Онон Кыайыы күнүн элбэх харах уулаах көрсүбүттэрин кырдьаҕас ахтыытыгар кэпсиир. Оҕо дьиэтигэр олорон үөрэммит оҕолортон кэлин үлэһит буолан баран дьиэтигэр кэлэн махтанан барбыттар бааллар. Ульяна Пермякова 1947 с. утуу-субуу 9 кыыһы төрөтөр. Ол икки ардыларыгар  интэринээккэ таҥас сууйааччынан,  пиэрмэҕэ ньирэй көрөөччүнэн үлэлиир. 11 оҕолорун барытын бэйэтэ иистэнэн таҥыннарар. Оҕолор бары тус-туспа эбээһинэстээх үлэлэрин ирдиир, эппиэтинэстээх буолалларыгар иитэн-такайан таһаарбыт. Бэйэтэ 90 сааһын ааһыар диэри кылынан-сиэлинэн дьарыктанан эстэпиэтэ быыстапкаларыгар сыллата көтүппэккэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбитэ.

Сиэннэрэ сирдэтинэллэригэр диэн «Үйэ саастаах Пермякова Ульяна Егоровна-Эбээ Ылдьаана алгыһа” истиэнэҕэ араамаланан ыйанан турар. Бу суругу хайдах баарынан манна сырдаттахха;

Дьоҥҥо үчүгэйи, эйэни, аһыныгас сыһыаны оҥорор буолуҥ.

Куһаҕан быһыыны хайаҕыт да батыһымаҥ, оҥорумаҥ.

Үчүгэйи санааҥ, кэтэһэн олордоххо – ол туолар.

Үчүгэйи ыралыыр – үчүгэйи аҕалар.

Элбэх оҕолоох, аймахтаах буолуу – бу ДЬОЛ.

Оҕо көрөр, сиэн көрөр – дьол.

Үөрэ-көтө сылдьыы киһи доруобуйатыгар үчүгэй сабыдыаллаах.

Сөптөөхтүк доруобай буола улаатарга сибиэһэй ас улахан суолталаах.

Сөпкө утуйуу, сөпкө туруу, күннээҕи режими тутуһуу – үчүгэй.

Бука бары эйэлээхтик, биир сүбэнэн сылдьыҥ!

Ульяна Егоровна “1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллээх, СӨ “Гражданскай килбиэн” бочуоттаах, СӨ “Ийэҕэ Үрдүк Махтал” бэлиэлэрдээх. Владимир Николаевич Аҕа дойду Улуу сэриитигэр “Германияны кыайыы иһин”, “Хорсунун иһин” бойобуой наҕараадалардаах сэрииттэн эргиллибит сэрии бэтэрээнэ. Пермяковтар иккиэн Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо. 2 уол оҕолоох Ульяна, Владимир Пермяковтар сэрии кэнниттэн 9 кыыс оҕону төрөтөн дьоллоох олоҕу олороллор. Улахан дьиэ кэргэн аҕата 1974 с. сэриигэ ылбыт бааһырыытыттан олохтон барбыт. Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнин огдообото, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, «Ийэҕэ Албан Аат” уордьан кавалера, СӨ Бочуоттаах кырдьаҕаһа Ульяна Егоровна Пермякова билигин Нуораҕанаҕа кыыһын Матрена Владимировнаны, сиэнин Александр Поповы кытта олорор. Александр эбэтин дьиэтин толору хааччыллыылаах оҥорон кырдьаҕас үчүгэй усулуобуйаҕа олорорун хааччыйбыт. Кинилэр дьиэлэригэр элбэх ыалдьыт сылдьар.

Быйыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр 1976 с. Монреальга 21-с сайыҥҥы Олимпийскай Оонньууларга үрдүк чыпчаалы дабайан саха норуотун аан дойдуга аатырдыбыт чулуу бөҕөс, ССРС успуордун үтүөлээх маастара, аан дойду 3 төгүллээх чөмпүйүөнэ Павел Пинигин успуорт бэтэрээнэ, ССРС успуордун маастара Михаил Друзьяновтыын үйэ сааһын ааспыт Ульяна Егоровнаны аат ааттаан дьиэтигэр Нуораҕанаҕа кэлэ сырыттылар. Ытык кырдьаҕас Ульяна Пермякова төрөппүттэрэ Егор Сокольников уонна Александра Пинигина Чурапчы Мэлдьэхсититтэн төрүттээх, Павел Павловичтыын биир хаан-уруу дьон буолаллар. Онон сибээстээн, Д.П.Коркин 95 сылыгар анаан таһаартарбыт “Мой Учитель Дмитрий Коркин. Путь к триумфу” кинигэтин эдьиийбитигэр диэн махтанан туран бэлэх уунна. Павел Пинигин ытык кырдьаҕастыын ис дууһатыттан сэргээн сэһэргэстэ. Манна таарыйа эттэххэ, 1974 с. Иннокентий Тихонович Васильев Дьабыыл оскуолатыгар физкултуура учууталынан үлэлиир сылларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан успуорт мусуойун тэрийэн үлэлэппит. Манна 1976 с. Олимпийскай чөмпүйүөннэр Павел Пинигин Роман Дмитриевтыын кэлэн балаҕан ыйын 1-кы күнүгэр оскуолаҕа бочуоттаах ыалдьыттарынан буолан линиэйкэҕэ туран түспүт хаартыскалара мусуойга хараллан тураллар. 102 саастаах ийэтин көрөн олорор английскай тыл үөрэхтээх, кэлин олохтоох оскуолаҕа бибилэтиэкэринэн үлэлээбит кыыһа   Матрена Попова: “Ийэбит наһаа ыар олоҕу эдэр сааһыгар ааспыт да буоллар майгыта холку, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарар, ис-иһиттэн дууһалыын кэрэ, сырдык ыра санаалаах, сэрэтэн, өйдөтөн этэр олус мындыр толкуйдаах  киһи. Сиэннэрэ араас тиэмэни барытын тэҥҥэ сэһэргэһэллэр, Биир кэлим эксээмэн садаанньаларыгар тиийэ кэпсииллэрин, саҥаны барытын кэрэхсээн истэр, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар. Талбыт дьиэтигэр олорор кыахтаах ийэбит Нуораҕанатын олус сөбүлүүр, иккис төрөөбүт дойдутунан ааҕар, мантан ханна да баран олоруон баҕарбат” диэн санаатын үллэстэр.

Павел Пинигин: “Арай аптаах киһи кэлэн иккиһин төрүүрүҥ буоллар хайа олоҕу талыаҥ этэй диэн ыйыттаҕына туох диэҥ этэй?” диэн ыйыппытыгар толкуйдуу даҕаны барбакка эрэ ытык кырдьаҕас  «Билиҥҥи олохпун талыам этэ. Билигин туох барыта баар, сут-кураан сыллар курдук буолбатах, атын сайдыылаах олох, ханнык да омук дойдутунааҕар бэйэбит олорор сирбит-уоппут быдан ордук” диэн хардарбыт. Онуоха олимпийскай чөмпүйүөн олус үөрбүт. 2 уол, 9 кыыс турар хаартыскаларынан улахан баннер оҥоһуллубутун сөҕө-махтайа кэрэхсээн көрбүт.

Ытык Киһи 102 сааһыгар ыччаттара, аймахтара дьиэтин таһыгар мустан бэлиэтээбиттэрэ. Бэлиэ тэрээһини дресс-кодтаан тэрийэн кыргыттара кыһыл, күтүөттэр халлаан күөх, кийииттэр от күөх, сиэннэр маҥан уонна хос сиэннэр итиэннэ хос-хос сиэннэр араҥас өҥнөөх таҥастары таҥныбыттара хонуу араас өҥнөөх сибэккинэн симэммитин курдук кэрэ көстүү буолбут. Манна сорох ыччаттара анал байыаннай дьайыыга уонна баахтабай үлэҕэ сылдьар буолан кэлбэтэхтэр. Бу күн уопсай хаартыскаҕа түспүттэрэ 102 буолан соһуппут. Күнэ эмиэ бэркэ туран биэрбит, сарсыныгар илгэлээх ардах түспүтэ диэн Матрена Владимировна үөрүүтүн үллэһиннэ. Кинилэр ийэлэрин соҕотохтуу хаһан да хаалларбаттар. Туох баар үтүө сонуннарын барытын оҕолор буоллун, сиэннэр буоллун, кырдьаҕас ийэлэрин, эбэлэрин кытта үллэстэн кэпсии-ипсии сылдьаллар. Онон да буоллаҕа буолуо, Ульяна Егоровна этэҥҥэ өйүн тутан, ходунуогунан хааман, остуолга көлөһөлөөх кэлээскэнэн  кэлэн олорсон тэҥҥэ аһаан, олох үөһүгэр олорор.

Ытык кырдьаҕас кыргыттара: педагогическай үлэ бэтэрээнэ Матрена Попова уонна “Бэс Чагда” санаторий Дьокуускайдааҕы бэрэстэбиитэлэ Анна Пермякова 2023 с. кулун тутарга төрөппүттэрин дьоһун олохторун кэпсиир “Киэн туттар күндү дьоммут” кинигэлэрин бэчээттэтэн таһаарбыттара. Кинигэҕэ У.Е. Пермякова оҕолоругар, кэнэҕэски ыччатыгар анаан төрдүлэрин-уустарын билэллэригэр суруйбут итиэннэ бииргэ алтыспыт дьонун ахтыылара, хаартыскалар, докумуоннар, ону сэргэ, элбэх ийэлэригэр сыһыаннаах устуулар QR-кодунан  киллэриллибиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх.

Чурапчы улууһун дьоно-сэргэтэ сыллата балаҕан ыйын 19 күнүгэр Кэриэстэбил күнүн  бэлиэтииллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ көһөрүллүүгэ аналлаах соҕотох мусуой Хатылыга баар. Чурапчы көһөрүллүүтүн 81 сылынан Матрена Попова уола Александрдыын, балта Анна Пермякова, саҥастара Елена Пермякова, сиэн кыыс Раиса Семенова буоланнар Чурапчыга кэриэстэбил миитинигэр кыттыыны ылан төрөппүттэригэр аналлаах истиэндэ туруорбуттарын арыйдылар. Манна Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев: “Ульяна Егоровнаны  дьиҥнээх Дьоруой киһи быһыытынан ааҕабын. Хоту дойдуга көһөрүллүү алдьархайын билэн, тулуйан, үлэ ыараханын үлэлээн кэлэн баран, аҕалара сэрииттэн эргиллэн кэлэн, олоххо тардыһыылара, олох сырдыгын-кэрэтин дьоҥҥо сэргэҕэ тиэрдиилэрэ –  кинилэр  9 кыталык кыргыттары төрөтөн кэҥээн-ууһаан олороллоро биир бастыҥ холобур буолар диибин. Кырдьаҕаһы кытта дьиэтигэр сылдьан сүрдээх үчүгэйдик кэпсэппиппит. Кини сопхуос пиэрмэтигэр  кыһыннары эрэһиинэ саппыкынан сылдьан, салгыы оҕолорун, дьиэтин-уотун көрөн киһи өйүгэр баппат үлэни-хамнаһы үлэлээн сылдьыбыт. Кыргыттара манна кэлээри турдахтарына «Аны маннык көһөрүллүү алдьархайын дьон-сэргэ хаһан да көрсүбэтин!” диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйи баҕара хаалбыт. Бу этиитэ сүрдээх элбэҕи этэр. Хатылы нэһилиэгин мусуойун пуондатыгар биир саамай ытык киһибит Ульяна Егоровна уонна кини кэргэнэ Владимир Николаевич Пермяковтар 3 QR-кодтардаах истиэндэлэрэ баар буолбутугар махтанабыт”, диэн туран ытык кырдьаҕаска Хатылы нэһилиэгин баһылыга Вячеслав Поповтуун итиэннэ мусуой аатыттан Махтал суруктары итиэннэ кинигэлэри бэлэх ыыттылар.

 

Березкин Алексей Николаевич

1923 с. муус устар 10 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кыаммат-түгэммэт дьадаҥы ыалга төрөөтүн кытта уолу Анастасия, Иван Березкиннар диэн сэниэ ыал иитэ ылбыттар итиэннэ төрөппүт оҕолорун курдук таптаан ииппиттэр. Алексей Николаевич иитиллибит дьонугар олус махталлаах улааппыт. Кэргэниниин Громова Варвара Егоровналыын кинилэри Олохтон барыахтарыгар диэри үчүгэйдик көрбүттэр-истибиттэр.

Алексей оҕо сааһа боростуойа суох кэмҥэ ааспыта.  Кини оҕо сааһыттан сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта күүстээх буолан ханнык да харгыстартан иҥнибэккэ иннин диэки дьулуспут. Дьабыыл 7 кылаастаах оскуолатыгар 1932-1939 сс. үөрэнэн бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирэр уонна доруобуйатынан үөрэҕин тохтоторго күһэллэр. 1942-1943 үөрэх дьылыгар Төҥүлүгэ 10-с кылааһы үөрэнэн бүтэрэр. Ол кэннэ Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан сулууспалыы барбыт.

20 сааһыгар империалистическай Японияны утары сэриигэ Уһук Илиҥҥи фроҥҥа 368-с особай горно-стрелковай полка Сунгарийскай хайысхатыгар разведчигынан сулууспалаабыт. 1947 сыл кулун тутар 17 күнүгэр сулууспата бүтэн дойдутугар эргиллэн кэлэр. Кини бойобуой сырыыларын “Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин” мэтээл уонна “Японияны кыайыы иһин” Аҕа дойду сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьана, 1945 сыл атырдьах ыйын 23 күнүгэр 372-с №-нэн бэриллибит И.В.Сталин илии баттааһыннаах Махтал суруга туоһулууллар.

Эдэр, эрчимнээх Алексей Березкин дойдутугар эргиллэн кэлээт Дьабыыл нэһилиэгэр холкуоска үлэлии киирэр. Манна кини уһуннук үлэлээбэт. 1947-1948 үөрэх дьыла саҕаланыыта балаҕан ыйыттан Дьабыыл орто оскуолатыгар учууталынан уонна оҕо дьиэтигэр биэнньиэр баһаатайынан үлэлии киирэр. Үлэтигэр бэриниилээх, дэгиттэр дьоҕурдаах учууталы оҕо-аймахтан саҕалаан бииргэ үлэлиир кэлэктиибэ олус сөбүлүүллэр. Манна кини учуутал быһыытынан эрэ буолбакка  ситиһиилээх спортсмен, көхтөөх уопсастыбанньык буолан дьон-сэргэ ытыктабылын ылар.

Сэрии кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэрии үлэтигэр күүскэ кыттар баҕалаах эдэр киһи, бэйэтигэр саҥа суолу тобулан, 1954 сыллаахха Дьокуускайга 3 ыйдаах суоппар кууруһугар үөрэнэ киирэр. Бу кэннэ дойдутугар тахсан Киров аатынан холкуоска саҥа идэтинэн үлэлиир.

1961 сыллаахха түөрт оҕолоох Варвара Егоровна, Алексей Николаевич Березкиннар Төҥүлүгэ көһөллөр. Манна Варвара Егоровна орто оскуола алын сүһүөх кылааһын учууталынан, Алексей Николаевич оскуолаҕа суоппарынан үлэлии киирэллэр. Бу үлэлиир сылларыгар уопсастыбаннай үлэттэн туора турбат. Олохтоох кулуупка драматическай испиктээкиллэргэ оонньуур, Саҥа Дьыл бырааһынньыктарыгар кыра оҕолорго үөрүү бэлэхтээн клоун оруолун толорор.

А.Н.Березкин норуокка ааттыын Сүүрүк Өлөксөй диэн ааттанар. Кини спортивнай олоҕо Төҥүлү мууһугар ыытыллыбыт хайыһар күрэхтэһиитин чемпионнаатыттан саҕаламмыта. 1943 с.  байыаннай үөрэххэ үөрэнэрэ.  1943-1987 сыллар – кини саамай сүүрүүнэн дьарыктаммыт кэмнэрэ. Кини ханнык да эйгэҕэ үлэлээтэр сүүрүүтүн хаһан да тохтоппотоҕо.  Нэһилиэгиттэн саҕалаан оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ сүүрүү маассабай успуордун көҕүлээччи буолар. 1500 м сүүрүүгэ 2-с миэстэ, 5000 м сүүрүүгэ чөмпүйүөн үрдүк аатын сүгэн бу ситиһиилэринэн кини өрөспүүбүлүкэҕэ уһуну сүүрүүгэ күүстээх сүүрээччи быһыытынан биллибитэ. Бу туһунан оччолорго Төҥүлүгэ М.Горькай аатынан сопхуоска салайар үлэлэргэ үлэлээбит Егор Белолюбскай 1973 сыл кулун тутар 8 күнүнээҕи “Ленинскэй Знамя” хаһыакка Алексей Березкин 50 сааһын туоларыгар анаан суруйбут матырыйаалыттан быһа тардан кэпсиэҕим.

“1950 сыл атырдьах ыйын биир үтүө күнүгэр Нэммэрэ сайылык ыалларын тилийэ сүүрбүт биир түбэлтэ мин өйбөр бигэтик иҥэн хаалбыт. Ол маннык этэ. Чурапчы айанын суолунан кыра уҥуохтаах, хатыҥыр киһи арҕааттан кэлэн илин барбыт. Бу киһи ураты түргэнэ, оту-маһы үрдүнэн ойуолаан, балтараа биэрэстэ сиргэ аҕыйахтык көстөн ааһыыта ынах хомуйа сылдьар сайылык дьахталларын куттаабыт. Мин өйдүүрбүнэн, “иирбит” киһи сылдьарын туһунан, бэл  нэһилиэк Советыгар биллэрии баарта. Кэлин билбиттэрэ, ол республика спартакиадатын чемпиона Дьабыыл оскуолатын учуутала А.Н.Березкин Дальнай Восток уонна Сибиир күрэхтэһиитигэр кыттан баран, дьиэтигэр төннөн иһэр быһыыта эбит.

… 1952 сыл бэс ыйа. Якутскай куорат паркатааҕы стадионугар Саха АССР 30 сылын туолар юбилейнай спартакиадата бара турар. Стадион тыһыынчанан киһинэн туолбут. Сайыҥҥы олус куйаас күн. Салгын температурата 32 кыраадыс итиини көрдөрөр. Онуоха эбии кууран турар куораттан итии салгын саба охсор. Киһи олорон эрэ да уута-хаара ыгыллар куйааһа таҥнары сатыылаабыт. Стадион хотугу өттүгэр уонтан тахса спортсмен разминкалана сылдьаллар. 10 км дистанцияҕа старт бэриллиэхтээх. Күрэхтэһиигэ буоларын курдук, көрөөччүлэр ким бастыахтааҕын эрдэттэн таайа сатыыллар. Сылыктааччылар республика чемпиона, Москва күрэхтэһиитин кыттыылааҕа Валентин Алантьев, “Колхозник” общество хас да төгүллээх чемпиона Алексей Березкин, Томпоттон кэлбит талааннаах эдэр сүүрүк Василий Охлопков икки ардыларыгар бастакы миэстэ иһин мөккүөр барыахтааҕын билэллэрэ. Сүүрүү саҕаланар. Сүүрүүнү В.Алантьев көҕүлүүр, иккиһинэн Березкин. Тэтим олус үрдүк. Сотору буолаат В.Алантьев сэттис, В.Охлопков уон иккис эргииртэн дистанцияттан туоруурга күһэллэллэр. Биһиги А.Березкин иккилии-үстүү эргиири оҥордоҕун ахсын инчэҕэй платогу айаҕар уган биэрэбит. Эккирэтэр киһи суох. Иккис миэстэлээх сүүрүгү 700 метринэн быраҕан, Алексей Березкин тыһыынчанан ыалдьааччылар таһыныыларын, уруйдаан үөгүлэһиилэрин, духовой оркестр өрө көтөҕүллүүлээх музыкатын ортотугар дистанцияны бастакынан түмүктүүр. Онон республика юбилейнай спартакиадатын чемпионунан буолар”…

60-с сыллар бүтүүлэригэр сопхуостар тэриллэннэр элбэх үлэһит илии наада буолар. Манна Алексей Николаевич М.Горькай аатынан сопхуос Күөллэрикитээҕи отделениетыгар кадровай булчутунан үлэлии киирэр. Бу сылдьан сүөһү иитиитигэр интэриэһэ уһуктан, техник-осеменатор  идэтигэр үөрэнэн сиэмэһит буолар итиэннэ ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ тиийэ ылсан 1995 сыллаахха диэри үлэлиир. Кини ханна да үлэлээтэр үлэтигэр үрдүк ирдэбиллээхтик уонна эппиэтинэстээхтик ылсарын, сүрдээх чычаас майгылаах, хаһан да санаатын түһэрбэт, ыарахаттартан чаҕыйбат мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар үтүө майгылаах киһи буоларын бииргэ алтыспыт дьоно ахталлар.

1997 сыллаахтан Дьабыыл орто оскуолатыгар А. Н. Березкин бирииһигэр сыллата ыытыллар кросс сүүрүүтэ олохтоммута. Манна өрөспүүбүлүкэ, оройуон оскуолаларыттан элбэх оҕо кэлэн кыттара. Маны сэргэ, А.Н. Березкин кэргэниниин Варвара Егоровналыын Дьабыыл агротехнологическай хайысхалаах орто оскуолатын үөрэххэ, уопсастыбаннай үлэҕэ уонна успуорка уһулуччу ситиһиилээх үөрэнээччитигэр анал истипиэндьийэни олохтообуттара. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран кэргэниниин Дьокуускай куоракка олоро киирэллэр. Манна даҕаны Алексей Николаевич бэйэтин миэстэтин булар. Кини Дьокуускай куораттааҕы сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин сэбиэтигэр олох-дьаһах хамыыһыйатыгар киирэн уопсастыбаннас аатыттан  олохтоох былаас уорганнарын кытта биэнсийэлээхтэри олорор усулуобуйаларын тупсарыыга ситимниир звено быһыытынан үлэлиир. Манна бэйэтин дьон-сэргэ туһугар, хас биирдиилэригэр көмөлөһөргө баҕалаах, сүрэхтиин-дууһалыын ылларан үлэлиир дипломат буоларын көрдөрөр.

Алексей Николаевич Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин сэбиэтигэр үлэлээн бүтүөҕүттэн даачатыгар оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктаммыта. Кини бу дьарыгынан күһүҥҥү быыстапкаларга, дьаарбаҥкаларга кыттыбыта, атын оҕуруоччуттары кытта уопутун үллэстэрэ. Сайын устата көрөн-харайан үүннэрбит оҕуруотун аһынан сиэннэрин, аймахтарын күндүлүүрэ.

Бүгүн “Германияны кыайыы иһин”, “Японияны кыайыы иһин” мэтээллэрдээх Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС үлэтин, РСФСР успуордун бэтэрээнэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, СӨ Бочуоттаах кырдьаҕаһа Алексей Николаевич Березкин 100 сааһын аһары үктээн олорор. Кини спортсмен, учуутал, суоппар, кадровай булчут, сиэмэһит, ыччат сүөһүнү төлөһүтээччи, оҕуруоччут, ыччакка настаабынньык, оскуолаҕа попечитель, уопсастыбаннай диэйэтэл, тапталлаах аҕа, эһэ, хос эһэ буолар.  Ханнык да дьыаланы толлубакка-чаҕыйбакка ылсан, баҕарбытын олоххо киллэрэн тэйэр үлэһит эр киһи барахсан – чахчы да чөл олох бастыҥ холобура буолар. Кэргэнэ – Варвара Егоровна Төҥүлү орто оскуолатыгар алын кылаас оҕолору үөрэппит учуутал этэ. Иллээх дьиэ кэргэн тапталлаах аҕата Алексей Николаевич Березкин тапталлаах кэргэниниин Варвара Егоровна Громовалыын 64 сыл сарын-сарыннарыттан өйөһөн, түөрт оҕону Күн сирин көрдөрөн дьоллоохтук-соргулаахтык олорбуттара. Билигин кинилэр олохторун уонтан тахса сиэн, сүүрбэччэ хос сиэн салҕыыллар, үтүө ааттарын дьоһуннук ааттаталлар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Мэдиссиинэ киинин эксперт-лабораториятыгар үлэлиир быраас идэлээх кыра кыыһа Татьяна Березкина аҕатын сыа-сым курдук тутан, улахан тапталын иҥэрэн  көрөр-харайар. Кини: “Аҕам кыанар эрдэҕинэ ураты сүрэхтээх, олус үлэһит киһи этэ. Олоххо наһаа дьулуурдаах, оптимист, элбэх киһиэхэ  үтүөнү оҥорбута, көмөлөспүтэ. Оҕолорун, сиэннэрин наһаа таптыыр, аһыыр аһылыгар хаппырыыһа суох. Сиэннэрэ күннэтэ билсэ тураллар”, диэн кэпсээтэ.

 

Матрена Егоровна Киренская

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕаһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Араҥас нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, Дьоруой Ийэ, тыыл бэтэрээнэ, «Аляска-Сибиир” салгыннааҕы байыаннай трассаҕа 1942-1943 сс. саппаас аэродромҥа үлэлэспит 101 саастаах ытык кырдьаҕас Матрена Егоровна Киренская 1923 с. тохсунньуга (олунньу 10) Дьабыыл нэһилиэгэр Матрена Никитична, Егор Иванович Киренскэйдэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини бииргэ төрөөбүт үһүөлэр эбит. 1924 с. ийэлэрэ уолун төрөтөөрү Күн сириттэн күрэнэр. Онтон ыла аҕаларын көрүүтүгэр хаалбыттар.  Эдьиийэ оҕо сылдьан өлбүт, быраата Афанасий Егорович 1943 с. Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барар уонна сураҕа суох сүппүтүн туһунан  тиһэх биллэриитэ 1945 с. кулун тутар 20 күнүгэр кэлэр. Матрена 8 сааһыгар Дьабыыл нэһилиэгин оскуолатыгар киирэр. Иккис кылааска киирэр күһүнүгэр атаҕынан хаампат буолбутун аҕата куоракка киирэн алгысчыт булан кэпсэтэн, кини сүбэтинэн эмтэтэн, түөрт сылынан үчүгэйдик хаамар буолбут. 1938 с. аҕата Олохтон барарын кытта Матрена ыанньыксыттыы барбыт. 1939 с. уот кураан кыһалҕатыттан Уус-Майа улууһугар Нуотара өрүскэ (үрэххэ) от үлэтигэр эр дьону кытта тэҥҥэ үлэлиир. Кыһын атынан от тиэйиитигэр үлэлэспит. Маҥнай ыанньыксыттыырыгар сааһа кыра буолан 8 ынаҕы туттарбыттар.

Сэрии сылларыгар МТС-ка үлэһит илии тиийбэтинэн 1940 с. балаҕан ыйыгар 5 ыйдаах тырахтарыыстар куурустарыгар үөрэнэ барар. Тырахтарыыстар куурустара Тумулга, Майаҕа арылланнар элбэх кыыс үөрэммит. Үөрэҕин бүтэрэн кэлбит кыыс тыраахтар өрөмүөнүгэр сылдьыбыт. 1941 с. маһынан оттуллан барар газ генератор  ЧТЗ мааркалаах тыраахтырга олорор. Бу тыраахтыр уматыга 5 см уһуннаах гына эрбэммит мас чууркалар эбит. Тыраахтыр куурсугар бииргэ үөрэммит кыргыттарыныын үлэлээн бэриллибит былааннарын 200-300 % толороллор. Тыаны солоон, бурдук бааһынатын оҥоруутугар, тутуу маһын таһыытыгар үлэлииллэр. Тыраахтырдара алдьаннаҕына бэйэлэрэ оҥостон ыһыыга күннэри-түүннэри үлэлииллэр. Үлэһит илии, тыраахтар тиийбэт буолан “Киров”, “Үүнэр күүс”, “Сайдыы”, “Кыһыл сардаҥа” холкуостарга ыытан иһэллэр. Кыайыы туһа диэн утуйалларын да умнан үлэлииллэрэ. Ыһыы үлэтин кэнниттэн сир паардыыллар, бааһыналары ыраастыыллар. Онтон атырдьах ыйыгар диэри тыраахтардарын өрөмүөннүүллэр. Бурдук быстарарга икки комбайн үлэлиирэ “Севернэй”, “Южнай”. “Южнайы”  тыраахтар соһоро. Бурдук хомуура бүттэҕинэ алтынньыга диэри балатыынкаҕа бурдук сыстараллар. Сарсыарда хараҥаттан киэһэ хараҥарыар диэри үлэлииллэрэ. Оччолорго тырахтарыыстар суолларын бэйэлэрэ солоон сылдьаллара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр АХШ Сэбиэскэй Сойууска ленд-лииһинэн сөбүлэһии сүнньүнэн араас тиэхиньикэни, аһы-үөлү биэрэн көмөлөспүт. Ол иһигэр байыаннай сөмөлүөттэри Киин Арассыыйаҕа “Аляска-Сибиир” трассанан көтүтэн илдьии (перегон) тэриллэн Төҥүлүгэ Сэгэлэй Эбэҕэ 1942 сыл күһүнүттэн 1943 сыл сааһыгар диэри сөмөлүөттэр тохтоон уматык куттан, өрөмүөннэнэн барар саппаас аэродромнара үлэлээбит.

Америка лүөччүктэрэ сөмөлүөттэри Беринг силбэһиитин туоратан Чукоткаҕа аҕалан түһэрэллэрэ, онтон салгыы сэбиэскэй лүөччүктэр көтүтэллэрэ. Матрена 1942 с. ыстаарсай тырахтарыыс аатын сүгэр. Кыһын тыраахтардар төгүрүк катогунан күөл мууһун, хаарын хаптатан сөмөлүөт түһэр суолун оҥорбуттар. Онно сөмөлүөттэр түүнүн түһэн ааһар эбиттэр. Күрдьүллүбүт муус тула харыйа лабааларын анньаннар бэлиэ оҥорбуттар. Сөмөлүөттэри Дьокуускай порда ылбатаҕын куораттан биллэрдэхтэринэ мас чөмөхтөөн уматаннар, лүөччүктэр тумаҥҥа, хараҥаҕа онон сирдэтэн түһэллэрэ. Хаар түстэҕинэ эбэтэр тумана хойуу буоллаҕына кыайан көппөккө хас да хоноллоро.  Биирдэ Төҥүлүттэн чугас Ампаардаах алааска сөмөлүөт саахалламмыт. Уопсайа бу салгын трассатыгар сөмөлүөт саахалыгар 121 киһи өлбүт. Бу саппаас аэродромҥа наар киэһэ өттүгэр 7-лии, 8-тыы сөмөлүөт тэҥинэн түһэн хонон ааспыт түбэлтэлэрэ баар. Түспүт сөмөлүөттэр аккумулятордарын тоҥуо диэннэр МТС гарааһыгар угаллара. Гарааска турар систиэринэттэн көрүүчэйдэрин буочукаҕа кутан баран сыарҕалаах оҕуска тиэйэн киллэрэн саппараапкалыыллара.

Биир күн тыраахтар өрөмүөннүү сырыттахтарына Түргэнник тыраахтары собуоттаан сөмөлүөтү соһон аҕалыҥ диэн ыксаллаах сорудах ылан тиийбиттэрэ сөмөлүөт мотуора алдьанан түспүт, хара уҥунуоҕунан тибиирбит аҕай. Сөмөлүөттэн сэттэ киһи түһэн тыыннаах хаалбыттарыттан үөрэн сорохторо ытаспыттар, сорохторо сири сыллыы-сыллыы  махтаммыттар. Биригэдьиирдиин сүбэлэһэн баран сөмөлүөтү түргэнник тыраахтарга холбоон гараас аттыгар состорон аҕалбыттар. Куораттан саппаас чааһын таһааран оҥостон 4-5 хонугунан көтөн барбыт. Маннык элбэх сөмөлүөт Сэгэлэйгэ түһэн өрөмүөннэнэн ааспыт.

Сэрии сылларыгар МТС-ка барыта 40-ча кыргыттар уонна дьахталлар үлэлээбиттэр, ыарахан да кэмнэри этэҥҥэ туораахтаабыттар.  Бу “Аляска-Сибиир” кистэлэҥ трассата буоларын олохтоохтор 1972 сыллаахха биирдэ билбиттэр. “АлСиб” 70 сылынан Төҥүлү нэһилиэгэр оскуолаҕа бу кэмҥэ үлэлээбит тырахтарыыс дьахталлары ыҥыран көрсүһүү тэриллибит. Бу сыл Дьокуускай куоракка аэропорт мусуойугар ыҥыран үс бэтэрээҥҥэ “АлСиб” 70 сылынан Хабаровскай кыраайтан кэлэн байыаннайдар мэтээл туттарбыттар. Матрена Егоровна “1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Никита Гаврильевич Кычкин 1927 с. Мөҥүрүөн нэһилиэгин Маандыгытыттан төрүттээх. 1944 с. Таракка көһөн кэлэн эдьиийигэр Хоборооско олорон үлэһит буолар. 1947 с. Матрена Киренскаяны көрсөн сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолаллар. 30 сыл тыраахтарыыһынан эҥкилэ суох үлэлээбитэ, коммунистическай үлэ удаарынньыга буолбута. Олоҥхоһут, ырыаһыт, тойуксут, успуорка дэгиттэр дьоҕурдаах киһи быһыытынан биллибит. Матрена Егоровна Никита Гаврильевичтыын 11 оҕону Күн сирин көрдөрбүттэр. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга 1988 с. ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыт. 31 сиэн,  54 хос сиэн, 11 хос-хос сиэн кини олоҕун салгыыллар.

Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов Матрена Егоровнаҕа 100 сааһынан Ил Дархан илии баттааһыннаах “Үйэ Саас” дастабырыанньалаах бэлиэни туттарар дьоро күнүгэр ытык кырдьаҕас кийиитэ, Тарат сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала Парасковья Лебедева ытык кырдьаҕас олоҕун устуоруйатыттан: “Биһиги эбэбит Сэгэлэйгэ оттуга бүтэн хаалбыт Америкаҕа көтүөхтээх сөмөлүөтү Эбэ түгэҕиттэн соспут соҕотох бэтэрээн буолар.  Биһиги эбэбитинэн олус киэн туттабыт, дьоллоох дьоммут, эбэбит баарын тухары тирэхтээхпит. Кини уруккутун олох кэпсээбэт, «Мин тырахтарыыстаабытым, ыһыыга үлэлиирбит”, — эрэ диэн кэпсиир этэ. Биирдэ да аччыктаабытым, сордоммутум, аас-туор олоххо олорбутум диэн кэпсээбэт этэ. Ханнык да түгэҥҥэ күлэн саһыгыратар үтүө майгылаах. Ол буолуо кини уһун үйэлэниитин кистэлэҥэ”, — диэн киэн тутта кылгастык  сырдатан турар. Ийэтин көрөн олорор кыыһа Марфа Кычкина: “Ийэбит 17 сааһыгар диэри Дьабыылга олорбут. Онтон Төҥүлүгэ аймахтарыгар кэлэн олорон тырахтарыыстар куурустарыгар үөрэнэ барбыт. 1947 с. аҕабытын көрсөн холбоһон ыал буолан 11 оҕону Күн сирин көрдөрөллөр. Ийэбит утумун салҕаан,биһиги аймахха мэхэньисээтэр идэлээх элбэх. Уолаттар тыраахтырдара алдьаннаҕына ол чааһын көрүҥ диэн эппитэ оруннаах буолааччы. Ийэбит 95 сааһыгар диэри мас хайытара. Уолаттара былдьастахтарына, маннык гынан дьарыктанабын ээ, диэн күлэн кэбиһэрэ. Кини мэлдьи хамсана, үлэлии сылдьарын ордороро. Кыыһырар диэни билбэт, сымнаҕас, холку майгылаах, сөптөөхтүк аһыырын, таҥнарын, нус-хас чуумпу олоҕу  хааччыйабыт, тапталынан сылдьабыт”, диэн сэмэйдик санаатын үллэһиннэ.

Түмүктээн этэр буоллахха, үөһээ ааттаммыт 100 саастарын ааспыт ытык кырдьаҕастарбыт үһүөн сут-кураан, сэрии ыар  сылларын алдьархайын, аччыктыыры, тоҥору-хатары эттэринэн-хааннарынан билэн, күүстээх үлэ үөһүгэр сылдьан, элбэх ыччаты иитэн-үөрэхтээн, улахан итиэннэ ыарахан  олоҕу олорон,  дьон-сэргэ ортотугар сылдьыбыттар. Кинилэр хамсык ыарыыны хабан ыалдьа сылдьыбыттар эрээри, ону кытта кыайбыттар. Мантан да көстөрүнэн, киһиэхэ, ордук аҕам саастаах дьоҥҥо туохтааҕар даҕаны ордук суолталаах – чугас дьонуҥ истиҥ сыһыаннара, кинилэр тапталлара, махталлара, эрэллэрэ буолар. Күннэтэ алтыһан соҕотохсуйар, мунчаарар түгэни биэрбэттэрэ күүс-уох биэрэр, олоххо дьулуурдарын күүһүрдэр буоллаҕа. Биһиги дьоруойдарбыт оҕолоро, сиэннэрэ маны барытын тапталлаах төрөппүттэригэр биэрэллэригэр сытар буолуохтаах биһиги иннибитигэр уктар ытык кырдьаҕастарбыт үйэлэрэ уһаабыт кистэлэҥэ.

Марелла Баишева.