Олунньу 29 – кулун тутар 3 күннэригэр Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар успуорт дыбарыаһыгар эр дьоҥҥо, дьахталларга, бэтэрээннэргэ мас тардыһыытыгар биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин Г.Р.Десяткин – Күүстээх Дэһээккин бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи чөмпүйэнээт ыытылынна.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан барыта 25 хамаанда кыттыыны ылла. Мэҥэ Хаҥалас хамаандатын — 43 спортсмены улуустааҕы успуорт уонна физическэй култуура управлениетын салайааччыта Алексей Попов салайан илдьэ сырытта.
Ыйааһынынан биирдиилээн бастыыр иһин хапсыһыыларга эр дьоҥҥо: 60 киилэҕэ Артур Жирков (Моорук) иккис төгүлүн чөмпүйүөн, 70 киилэҕэ аан дойдутааҕы кылаастаах мадьыны Валерий Никаноров (Наахара) II миэстэ, 80 киилэҕэ СӨ успуордун маастара Андрей Винокуров (Балыктаах) I миэстэ, 80 киилэҕэ СӨ успуордун маастара Алексей Федоров (Чыамайыкы) III миэстэ, 90 киилэҕэ Афанасий Платонов (Аллараа Бэстээх) төрдүс төгүлүн чөмпүйүөн, бэтэрээннэргэ: 85 киилэҕэ хамаанда хапытаана Максим Марков итэҕэллээхтик I миэстэ, дьахталларга: 50 киилэҕэ Анастасия Алексеева (Табаҕа) иккис төгүлүн өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, 55 киилэҕэ СӨ успуордун маастара Татьяна Томская (Сыымах) III миэстэ, 55 киилэҕэ СӨ успуордун маастара Анастасия Соколова (Наахара) III миэстэ, 60 киилэҕэ Манчаары оонньууларын чөмпүйүөнэ Анна Охлопкова (Сыымах) үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, 65 киилэҕэ Европа чөмпүйүөнэ Кэрэчээнэ Бродникова күүстээх састаапка өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, 75 киилэҕэ Лия Плотникова (Мэлдьэхси) III миэстэ буоллулар.
Түөрт күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн улууспут хамаандата сэттэ чөмпүйүөннээх, биэс призердаах 126 очукуону ылан, чөмпүйэнээт муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанна. Иккис миэстэҕэ 136 очукуолаах Хаҥалас улууһун хамаандата, үһүс миэстэҕэ 164 очукуону ылан Уус Алдан таҕыстылар.
Сыраларын ууран, көмүс көлөһүннэрин тоҕон улууспут аатын чиэстээхтик көмүскээбит спортсменнарбытыгар үһүс төгүлүн чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүккүтүнэн истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.