Улууска үөрэхтээһин сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах

Мэҥэ Хаҥаласка үөрэхтээһин 150 сылыгар

Улууска үөрэхтээһин сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна Иннокентий Ильич Прядезников алтынньы 10 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сылын туолбута.

Иннокентий Ильич Дьокуускайга сулууспалаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Аҕата Нам Хатырыгыттан төрүттээх Илья Николаевич Прядезников Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһун актыыбынай кыттыылааҕа, Саха сирин уонна Бүтүн Сойуустааҕы Киин кэмитиэт чилиэнэ (ЯЦИК, ВЦИК). 1938 с. кулун тутар бүтүүтэ Госбаан отделениетыгар кылаабынай буҕаалтырынан үлэлии сылдьан сымыйанан балыллан, НКВД үлэһиттэринэн тутуллан Дьокуускай түрмэтигэр хаайыллыбыт. Кинини кытта биир хаамыраҕа суруйааччы Василий Соловьев‒Болот Боотур сыппыт эбит. Василий Семенович ахтарынан, Илья Николаевич оччотооҕуга эдэр киһини санаатын көтөҕөн: «Кырдьык кыайыаҕа, босхолонуоҥ», ‒ диэн эрэл санааны сахпытын махтанан «Чолбон» сурунаалга суруйбут. Илья Николаевич бэйэтэ өр буолбатах, хаайыы ыар усулуобуйатын тулуйбакка 1939 с. тохсунньу 8 күнүгэр өлбүт. Кэргэнигэр Варвара Петровнаҕа тиһэх суолугар атаарарыгар көҥүл биэрбиттэр. Хомолтото диэн И.Н.Прядезников буруйа суоҕа өлбүтүн кэннэ алта хонон баран, тохсунньу 14 күнүгэр дакаастаммыт. Ол гынан баран бу дьаһал 18 сыл буолан баран 1957 с. ахсынньы 15 күнүгэр Забайкальскай байыаннай уокурук борокуратууратын «Прядезников Илья Николаевич аатыгар холуобунай дьыала буруйу кэһии суоҕунан (за отсутствие состава преступления)» диэн суруга дьэ тиийэн кэлбит. Бу сурук хойутаан кэлиитэ И.Н.Прядезников дьиэ кэргэнигэр төһөлөөх охсуулаах буолбута буолуой?! Уола Иннокентий Ильич 15 сааһыттан 34 сааһыгар диэри «норуот өстөөҕүн оҕото» ыар ааты санныгар сүгэн, дууһатыгар иҥэрэн сырыттаҕа. 1951 с. Дьокуускайдааҕы пединституту кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Талааннаах ыччаты таба көрөн, пединститукка преподавателинэн хааллараары гыммыттарын үрдүкү салайааччылар «аҕата норуот өстөөҕө» диэн утарбыттар.

Саҥардыы үөрэҕи бүтэрбит Иннокентий Ильич 1951 с. Майа орто оскуолатыгар учууталынан ананан кэлэр, 8 сыл оройуон улахан оскуолатыгар үөрэнээччилэри химия, биология умсулҕаннаах эйгэтигэр уһуйар. Кэскиллээх, дьоҕурдаах учууталы бэлиэтии көрөн оччотооҕу салалта Мэҥэ Хаҥаластааҕы райОНО-ҕа мэтэдиичэскэй кэбиниэт сэбиэдиссэйинэн аныыр.

Иннокентий Ильич мэтэдьииһинэн олус табыллан туох баар дьоҕурун, сыратын биэрэн 16 сыл райОНО үлэлээбит 7 сэбиэдиссэйи кытта алтыспыта. Т.П.Попову, С.СМ.Аржакову, М.П.Габышевы, М.Е.Попову, А.М.Анисимовы, Е.Д.Титову, С.Д.Егоровы кытта бииргэ айымньылаахтык үлэлээн Мэҥэ Хаҥаласка үөрэхтээһин сайдыытыгар кылааттарын киллэрбиттэрэ. Ити сылларга Майа, Төҥүлү орто оскуолалара М.К.Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын, Дьокуускайдааҕы учууталлар идэлэрин үрдэтэр институтун мэтэдиичэскэй үлэҕэ тирэх оскуолалара буолбуттара. РСФСР үтүөлээх учуутала М.П.Дьяконова, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна Г.Д.Сосин нуучча, саха тылын учебниктарын ааптардара, РСФСР үтүөлээх учуутала В.С.Заровняева «Сборник изложений для 4‒10 классов по русскому языку» босуобуйа  ааптара буолаллар. Оройуоҥҥа физико-математическай кылаастар Бүтэйдээх, Майа орто оскуолаларыгар аһыллаллар. Оскуолаларга кэбиниэттэринэн үөрэтии систиэмэтэ утумнаахтык киллэриллэр. Оҕону үлэнэн иитии бырагыраамата киллэриллэн, Хаптаҕайга, Ороссолуодаҕа, Павловскайга оҕуруот аһын олордууга, көрүүгэ-харайыыга, атын оскуолаларга от үлэтигэр үлэ уонна сынньалаҥ сайыҥҥы лааҕырдара тэриллибиттэрэ. Күһүн сопхуостарга хортуоппуй хомууругар үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин быраактыката тэриллэр. 1970-с сылларга «Оскуола‒производство‒үрдүк үөрэх» хамсааһын тэнийэр. Интернациональнай иитии ирдэбилэ туран, оскуолаларга «КИД» ‒ интернациональнай доҕордоһуу кулууптара тэриллэллэр, Сэбиэскэй Сойуус араас өрөспүүбүлүкэлэрин кытта суруйсуу, хардарыта көмөлөсүһүү саҕаланар. Вьетнам норуотун, Анжела Дэвис көмүскэлигэр үөрэнээччилэр аахсыйалара тэриллэллэр. Оройуон сэттэ, аҕыс кылаастаах оскуолалара орто оскуола буоланнар, учууталлар идэлэрин үрдэтии соруга улахан болҕомтоҕо ылыллар. Оройуон тирэх оскуолаларыгар өрөспүүбүлүкэ сэминээрдэрэ тиһигин быспакка ыытыллаллар. Үтүөлээх учууталлар Н.Я.Алексеева, И.М.Скрябина, Р.С.Брызгалова, М.П.Дьяконова, М.В.Шергин, А.А.Никифоров, Л.Е.Зыков уо.д.а. уопуттара киэҥник тарҕатыллар. Эдэр учууталларга настаабынньыктар ананан, идэлэрин баһылыылларыгар олук уураллар.

Техническэй үөрэхтээһин болҕомтоҕо ылыллан, ССРС үөрэхтээһинин туйгуна, мэтэдьиис учуутал В.П.Васильев уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот үөрэҕириитин туйгуна В.Н.Оконешников үөрэнээччилэрэ черчениеҕэ өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай олимпиадатыгар үлэлииллэрин тухары инники күөҥҥэ сылдьыбыттара, Мэҥэ Хаҥалас хамаандата өрүү бастыыра.

1960‒1970-с сылларга утумнаах мэтэдиичэскэй үлэ түмүгэр үгүс учууталлар Арассыыйа, Саха АССР үтүөлээх учууталлара, норуот үөрэҕириитин туйгуннара, мэтэдьиис-учуутал үрдүк ааттарын ылбыттара, оройуон мэтэдиистэрин үлэтэ өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымыгар үрдүктүк сыаналаммыта, биһирэммитэ.

И.И.Прядезников райОНО-ҕа 18 сыл мэтэдьиистээбит, итини таһынан 20 сыл ‒ 1959‒1979 сс. оройуон учууталларын идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. Ити икки көрдөрүү улуус үөрэҕин управлениетын устуоруйатыгар туһугар куоһарыллыбатах рекорд.

Улуус учууталларын идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн 1999‒2019 сс. эмиэ 20 сыл РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Степан Андреевич Андреев айымньылаахтык үлэлээбитэ. Учууталлар үлэлэрин хаһыакка үгүстүк сырдаппыта, аҕа көлүөнэ учууталлар үтүө ааттарын үйэтитиигэ үгүс өрүттээх үлэни ыыппыта. Степан Андреевич 1998 с. «Үүнүү-сайдыы суолунан», 2019 с. «Сайдыы суолун тутуһан» Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар бастакы оскуола аһыллыбыта 145 сылыгар (1874‒2019) кинигэлэр ааптардара. 2015 с. «Учууталлар Улуу сэриигэ» диэн кинигэни С.Г.Дмитриевалыын бэлэмнээн таһаартарбыттара.

Иннокентий Ильич олоҕун аргыһын, үс оҕотун ийэтин Надежда Ефимовна Благинина туһунан ахтан ааһар тоҕоостоох дии саныыбын. Кини 1952 с. Иркутскайдааҕы омук тылын институтун бүтэрэн, Майа орто оскуолатыгар ананан 40-тан тахса сыл саха оҕолорун ньиэмэс тылыгар уһуйбута. Сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан норуот үөрэҕириитин туйгуна буолбута. Бастаан Саха сиригэр кэлэригэр дьүөгэтэ тоҕо тымныы, ыраах барарга санаммытын ыйыппытыгар Надежда Ефимовна: «Мин бэйэм быһаарыныыбынан киэн туттабын, дьоллоохпун», ‒ диэн хардарбыт. Чахчы даҕаны кини тыйыс айылҕалаах Саха сирин иккис төрөөбүт дойдутун курдук ылынан, оҕо-уруу төрөтөн, сиэннэрин бүөбэйдээн, үгүс үөрэнээччилэригэр тапталлаах учуутал буолан Күн сиригэр төрөөбүт аналын чиэстээхтик толорбута, дьоһун олоҕу олорон ааспыта. Учуутал дьиэ кэргэн олохторун төрөппүт оҕолоро, бүөбэйдээбит сиэннэрэ салгыыллар.

Улахан кыыстара Татьяна Иннокентьевна оҕо бырааһа идэлээх, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Уоллара Илья Иннокентьевич техник-мэхээнньик идэлээх, «Улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлээх, Арассыыйа Бочуоттаах донора, үлэ бэтэрээнэ. Кыра кыыстара Светлана Иннокентьевна метрология инженерэ, үлэ бэтэрээнэ. Прядезниковтар сиэннэрэ, хос сиэннэрэ төрүччүлэрин интэриэһиргээн чинчийэллэрэ, араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кытталлара кэрэхсэбиллээх.

Уһун кэмҥэ үөрэх управлениетыгар мэтэдьииһинэн уонна учууталлар идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Иннокентий Ильич Прядезников улууска үөрэхтээһин сайдыытыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн.

 

Ирина Маркова.