Бүгүҥҥү туругунан улууска 4 мэхэньисээссийэлээх звено, 570 киһи, 373 тиэхиньикэ окко үлэлии сылдьар.
1674 гектардаах сир охсулунна, 387 туонна от кэбиһилиннэ. Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, кураан дьыл туран үүнүү мөлтөҕүнэн, хаалан иһэбит: былырыын баччаларга 1770 туонна от бэлэмнэниллибитэ.
Уопсайа улуус үрдүнэн 41927 туонна былаантан, нэһилиэктэр биэрэр сабаҕалааһыннарынан, 29269 эрэ туонна оту ылар балаһыанньа үөскээтэ. Бу былаан 71 бырыһыаныгар тэҥ. Онон ыраах баран оттуур мобильнай биригээдэлэри тэрийии үлэтэ бара турар. Күн бүгүн 18 сайаапка киирбитин туһунан улуус кылаабынай агронома Василий Бурнашев иһитиннэрдэ. Биригээдэлэр көһөн тиийэн Дьокуускай куорат арыыларыгар, Хаҥалас, Амма улуустарыгар оттуохтаахтар. Сарсыҥҥыттан, от ыйын 20 күнүттэн, Чыамайыкы звенолара Төхтүр сиригэр оттуу барыахтара.
Улахан хаһаайыстыбалартан «Тумул» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ уонна «Хорообут» ХЭТ тэрээһиннээхтик окко киирдилэр. Нөөрүктээйи нэһилиэгин хаһаайыстыбалара 100 туонна оту бэлэмнээтилэр.
Бу күннэргэ элбэх от охсуллан баран ардахха былдьанна, халлаан көннөрдөр эрэ бары күргүөмүнэн тахсан үлэни үмүрү тутуохтара.
Хаачыстыбалаах оту бэлэмниир сыалтан балаҕан ыйын 2 күнүгэр диэри сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин кыраапыга оҥоһуллан, олохтоох бэйэни салайыныы сэбиэтигэр бигэргэммитэ.
Кэлэр нэдиэлэттэн туһааннаах исписэлиистэр нэһилиэктэринэн сылдьан от үлэтин хаамыытын, бурдук үүнүүтүн көрүөхтэрэ, сабаҕалааһыннары оҥоруохтара.