Улууспут ыччаттара ‒ Омскай, Владивосток пуорумнарыгар  

Ыччат, эн эдэргин, кыахтааххын!

Балаҕан уонна алтынньы ыйдарга улууспут ыччата Омскай уонна Владивосток куораттарга улахан пуорумнарга кыттан кэллилэр. Маннык тэрээһиннэр ыччат сайдарыгар кыаҕы биэрэр. СӨ Ыччат бэлиитикэтин уонна социальнай коммуникация министиэристибэтэ “Саха сирин ыччата” анал субсидиятын көмөтүнэн улуус социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын салалтаттан  ыччаттары ыытта.

Алтынньы 13‒16 күннэригэр Владивостокка бастакытын ыытыллар Уһук Илиҥҥи уокуруктааҕы «На волне» ыччат пуорума үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Пуоруму «Росмолодежь» уонна Приморскай кыраай ыччат бэлиитикэтин департамена  тэрийдэ. Арассыыйа куораттарыттан араас эйгэҕэ үлэлиир, үөрэнэр 1200 кэриҥэ ыччат үөрэнэн, сайдан, саҥа доҕоттордонон, түөрт күнү бэрт таһаарыылаахтык атаардылар. Саха сириттэн түөрт ыччат ситиһиилээхтик кытынна. Олортон биирдэстэринэн улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын мэтэдьииһэ Галина Старостина буолла. Кини пуорум туһунан санаатын үллэстэр:

‒ Саха сириттэн түөрт буолан сырыттыбыт. Соһуйуохпут иһин, бары култуура үлэһиттэрэ эбиппит. Амма улууһуттан Сулҕаччы кулуубун уус-уран салайааччыта Александра Матвеева‒Мичийэ, Амма улууһун култуура салалтатын исписэлииһэ Зоя Пахомова уонна Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Вероника Маркова. Пуорумҥа үс хайысхаҕа арахсан үөрэннибит. “На волне успеха” хайысхаҕа бэйэ дьыалатын арыныан баҕарар уонна социальнай бырайыактары суруйар ыччаттар уопуттаах спикердэртэн бырайыагы оҥоруу, саҥа биисинэһи саҕалааһын туһунан туһалаах сүбэлэри ыллылар. «На волне играя» хайысхаҕа информационнай технологияҕа үлэлиир эдэр дьон саҥа оонньуулары айдылар. Ол курдук, нейроннай ситими (нууч. нейросеть) туһанарга, оонньуу кэнсиэпсийэтин толкуйдуурга үөрэннилэр. «На волне творчества» хайысхаҕа киһи ураты айар хаачыстыбатын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэтик тиэрдэр туһунан сиһилии кэпсээтилэр. Тус бэйэм бырайыак туһунан эбии саҥаны билээри «На волне успеха» хайысханы талбытым. Кыттааччылар бары ураты, сонун идиэйэлээхтэр, дьаныардаахтар. Пуоруму тэрийээччилэр олорор сирбитин, аһылыкпытын, куорат иһинэн айаммытын барытын хааччыйбыттара.

«Росмолодежь» тэрийэр бары тэрээһиннэригэр судургутук ыҥырыы тутуохха сөп. Ол курдук, https://events.myrosmol.ru  сайтка Арассыыйа араас куораттарыгар ыытыллар тэрээһиннэр испииһэктэрин киирэн көрөҕүн. Талбыт тэрээһиҥҥитигэр ыйыллыбыт болдьоҕор регистрация ааһаҕыт. Маныаха бииргэ эрэ буолбакка хас да тэрээһиҥҥэ тэҥҥэ сайаапка ыытар ордук. Иккис түһүмэххэ билиини тургутууну ааһаҕын эбэтэр атын сорудаҕы толороҕун. Кэлэр саас Сочига ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлэ буолаары турар. Онон түгэни мүччү туппакка көхтөөхтүк сайаапката ыытыҥ.

 

***

Балаҕан ыйын 26‒30 күннэригэр Омскайга «ОБЪЕДИНЯЯ_УКРЕПЛЯЕМ 3.0» норуоттар икки ардыларынааҕы ыччат пуорумугар кыттан кэллибит. “Молодежная Ассамблея народов России “Мы ‒ россияне” уопсастыбаннай хамсааһын тэрийэн ыытта. Арассыыйаттан 200 ыччат исписэлиистэрин түмэн үөрэттилэр. Арассыыйа 15 эрэгийиэниттэн, ону тэҥэ Казахстантан, Туркменистантан, Турцияттан кэлэн кыттыбыттара. Саха сириттэн иккиэ буолан тиийбиппит:  Догдоҥо нэһилиэгэр ыччат лиидэрэ Егор Терентьев, улуустааҕы социальнай бэлиитикэ управлениетын исписэлииһэ Даяна Афанасьева.

Биэс күн маастар-кылаастар, лиэксийэлэр ыытылыннылар, атын омуктары кытта билсэн-көрсөн алтыһан сырыттыбыт. Араатар маастарыстыбатыгар уонна сценаҕа саҥарарга Павел Вербняк лиэксийэни ыытта. “Нейросеть”, “искусственнай интеллек” туһунан Ирина Руснак маастар-кылааһын кэрэхсээтибит. Омскай кириэппэскэ экскурсияҕа сылдьыбыппыт.

Биэс хайысханан арахсан дьоҕус бырайыактары суруйан көмүскээтибит: “Создатели новой России”, “Молодые педагоги”, “Лидеры изменений”, “Хранители традиций”, “Предводители публичной дипломатии” хайысхаларынан үлэлээбиппит.