Тохсунньу 12 күнүгэр Майатааҕы «Кэнчээри» уһуйаан «Туллуктар» улахан бөлөх оҕолоро өбүгэлэрбит таҥха кэмигэр чуумпуран сылдьан инникини сэрэбиэйдэнэллэрин, көмүлүөк тула түөлбэлээн олорон олоҥхо, остуоруйа истэллэрин, таабырын таайсалларын, сахалыы остуол оонньууларыгар күрэхтэһэллэрин туһунан өйдөбүлү инэриннилэр. Ол курдук, Скрябина Сандаарабыт уус эһээтэ Александр Михайлович Скрябин мини музейбытыгар анаан бэлэхтээбит биир сонун оҥоһугар болҕомтолорун ууран оҕолор өбүгэлэрбит олорбут балаҕаннарын ис көстүүтүн чинчийэн көрдүлэр-иһиттилэр, анал олбохторугар олороннор түөрэх быраҕан баҕа санаалара туоларын, этэрбэс хаамтаран ким бу сылга элбэх ситиһиилээх буоларын, сүллүүкүннэр туһунан инники билсибит остуоруйаларын уруһуйдаан, хас биирдии бэйэлэрэ төрөөбүт ыйдарынан харысхаллара кинилэри өрүү араҥаччылыы, көмүскүү, харыстыы сылдьарын туһунан биллилэр.
Сонуну бэлэмнээтилэр иитээччилэр: Аввакумова Сардаана, Иванова Алена