Уһуйаан оҕотун энциклопедията

Оскуола чугаһаата

Чараас, дьоҕус, бөдөҥ буукубалардаах, өҥнөөх уруһуйдардаах, киһи билбэтэҕэ дьиктитик суруллубут бу кинигэ оскуола кыра кылааһын оҕолоругар туһаайыллара ордук эбит диибин. Уһуйааннар, биллэн турар, иитээччи көмөтүнэн көрүөхтэрэ, сэҥээриэхтэрэ. Оттон оҕо бэйэтэ аахпытын ордоруо чуолкай, арыйталаан ханна туох туһунан кэпсэммитин чуо булаттыа. Киниэхэ итинник дьарык иһийэн олорон ааҕарыгар туһалаах.

Ол иһин төрөппүттэргэ туһаайан этиэм этэ: ханнык баҕарар кинигэни, эбии үөрэтиэх, үөрэниэх босуобуйалары даҕаны, бэйэҕит бастаан арыйан, холонон көрүҥ. Мин санаабар “Аан дойду харамайдара” 1-4 кылаас оҕолоругар туох да ааттаах үчүгэй, элбэххэ угуйуох кэриҥнээх, олус суолталаах булумньу.

Оскуолаҕа үлэлиир саҕана оҕо тугу ааҕан билбитин кэпсэттэрэр, истэр буоларбыт. Билигин оннук баар дуо? Холобур, Ваня Иванов ити харамайдартан төһөлөөх диэн элбэҕи билэн, харахтара чаҕылыйан туран, сөҕөн, эбиитин атын ханнык эмэ үөҥҥэ-көйүүргэ маарыннатан кэпсии-ипсии турарын атыттар сэҥээрбиттэрин, хантан булбутун туоһулаһалларын ойуулаан көрүҥ эрэ? Оҕо бэйэтинэн билиигэ умсугуйара—улуу дьыала!

Ханнык баҕарар иитээччи, учуутал оҕоҕо ыстаан биэрэрэ кыра. Кини соруга—оҕону үлэлииргэ үөрэтиэхтээх. Ыйан биэрэн. Сэҥээрэн. Тэптэрэн, хайҕаан. Оччоҕо эрэ кыра киһи билиигэ “иҥсэлээх” буолар. Кыра оҕо хаһан да “мин маны биллим, абыранным, сайынным” диэн санааҕа оҕустарбат. Кини дьонун, учууталын, бииргэ алтыһар оҕолорун соһутарыттан астынар. Кинилэр сыаналарын кэтэһэр. Хайҕаннаҕын аайы эбии кимэн киирэр. Онуоха өссө урут аахпыттарын өйдүүрүн туһанар. Ол сылдьан, сырыы ахсын үлэлиир буоллаҕына, бэйэтигэр ким да такайбатаҕын үрдүнэн, хайдах гынан, хантан ылан өссө соһутар албастары иҥэринэр, ол аата тус бэйэтин алгоритма үөскүүр. Учуутал онуоха тиэрдиэхтээх.

Онон, күндү кэллиэгэлэрим, учууталлар, иитээччилэр, бу кинигэни болҕойуҥ. Үөрэнээччигитигэр, иитиллээччилэргитигэр бэртээхэй “аста” быраҕан биэриҥ, бу энциклопедияны сүбэлээҥ. Иһирдьэ баар сорудахтарын хайдах толороллорун кэтээн көрүҥ. Ол буолуоҕа олус кэрэхсэбиллээх дьарык! Кинигэ иһигэр сыһыарылла сылдьар хаартатынан күргүөм оонньууларда-күрэхтэ тэрийиҥ. Куоталаһыннарыҥ, аан дойдуну анаарарга, сэҥээрэргэ үөрэтиҥ. Оччоҕо кыра кинигэ улахан туһатынан ыччаппыт өйдүүн-санаалыын кыратыттан байан, үүнэн-сайдан тахсыа, ситиһиилэргэ чэпчэкитик тиийэр кыахтаныа.

                                                                           Анисим Неустроев