Учуутал идэтэ наһаа сэргэх

2023 сыл Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна настаабынньык, өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сылларынан сибээстээн Майатааҕы Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуолаҕа үлэлиир химия, биология үрдүкү категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, РФ Бэрэсидьиэнин Гранын хаһаайката, “РФ Бочуоттаах настаабынньыга” бэлиэлээх идэтигэр уһулуччу бэриниилээх киһи Анна Кимовна Шарина туһунан сэһэргиэхпин баҕарабын.

Кини 1965 с. Тараҕай нэһилиэгэр Бурнашевтар диэн дьиэ кэргэҥҥэ Күн сирин көрбүт. Ийэтэ Александра Петровна биэс оҕолорун атахтарыгар туруорбут. 17 сааһыгар Табаҕа орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрээт 1982-1987 сс. СГУ биология-география бакылтыатыгар биология отделениетыгар  үөрэнэн химия, биология учуутала дипломнаах бүтэрэр. Бу идэтин таларыгар Табаҕа орто оскуолатыгар химия, биология уруоктарыгар үөрэппит учуутала Елена Кирилловна Винокурова улахан оруолу ылбыт. Кинини Анна Кимовна наһаа үлэһит, үлэтигэр олус бэриниилээх, дириҥ билиини биэрэр учууталынан сыаналыыр, муҥура суох махтанар. Бастаан үөрэҕин бүтэрдэҕин утаа ийэтэ олохтон туораан, 2 сыл олохтоох оскуолаҕа биэнньиэр баһаатайынан үлэлиир. Онтон Бүтэйдээх оскуолатыгар химия учууталынан ананан 6 сыл, ол кэнниттэн Майаҕа үөрэх управлениетыгар мэтэдьииһинэн үлэлээбит. Манна кэлэн олоҕун аргыһын көрсөн ыал буолбут. Оҕотун көрөн олорор кэмигэр 1 сыл олорон баран Майа гуманитарнай оскуолатыгар ол кэмҥэ дириэктэринэн үлэлиир Руслан Михайлович Терентьев ыҥырыытынан химия учууталынан ылыллан үлэлиир. Онтон ыла бу идэтинэн гуманитарнай оскуола үлэлээбитэ 2-с сылыттан күн бүгүнүгэр диэри тохтообокко, бастаан химияны, кэлин биологияны эбии ылан тахсыылаахтык үлэлии сылдьар.

Кэргэнэ Василий Васильевич Шарин Майа тэлэбиидэнньэтин төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ, өр кэмҥэ операторынан үлэлээбитэ, билигин кыраайы үөрэтэр мусуойга киинэ архыыбын исписэлииһэ. Кыыһа Виктория Васильевна ыал ийэтэ, кини Арктикатааҕы култуура институтугар үөрэнэн дизайнер идэлээх, билигин оҕотун көрөн олорор.

А.К.Шарина Табаҕа орто оскуолатын, онно үөрэммит сылларын наһаа күндүтүк саныыр. Оччолорго сопхуос кэмигэр нэһилиэккэ элбэх үлэһит баара, үлэ-хамнас ньиргиччи барара, оскуолаҕа элбэх оҕо үөрэнэрэ. Бастакы уруоктарын биэрэригэр саллар санаа киирдэҕинэ учууталын Елена Кирилловнаны саныы биэрэн “Кини манна хайдах ыытыа этэй” диир эбит. Математикаҕа Парасковья Георгиевна Романова наһаа үчүгэйдик уруогун быһааран үөрэтэрин, олус үрдүк култууралаах учуутал буоларын махталынан ахтар. Химия учуутала, кылаас салайааччыта Елена Кирилловна Винокурова, история, обществоведение учуутала, кылааһын салайааччытынан үлэлээбит Ананий Андреевич Бурнашев, физкултуура учуутала Александр Никитич Аргунов ааттарын киэн тутта ааттаталаата.

Анна Шарина:

— 200 оҕолоох оскуолаҕа 1 эрэ физрук сарсыардаттан киэһээ хойукка  диэри успуорт саалатыгар оҕолору эрчийэрэ. Олус элбэх оҕо успуордунан дьарыктанара. Кинилэр үгүс ситиһиилээх буолаллара. Оччолорго оннук буолуохтааҕын курдук саныыр этибит. Билигин санаан көрдөхпүнэ, наһаа да идэлэригэр бэриниилээх, үчүгэйдик үлэлиир учууталлар бааллар эбит, — диэн  оччотооҕу учууталларын истиҥник ахтан-санаан ылар.

Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын үбүлүөйдээх кинигэтэ тахсыбытыгар ааҕан көрбүтэ, бу оскуоланы бүтэрбит 57 оҕо медик идэтин талан үөрэммит. Ону таһынан сорох оҕолор химия, биология, тыа хаһаайыстыбатын, психология, физкултуура  үөрэхтэригэр уонна медколледжка үөрэммитттэр уонна үөрэнэллэр. Кинилэртэн элбэх оҕо Владивостокка, Томскайга, Хабаровскайга, Иркутскайга, 5 оҕо Санкт-Петербурга үөрэммиттэр. Биир сыл гуманитарнай оскуолаттан 10 оҕо медицинскэйгэ туттарсыбытыттан бары киирбиттэр, ол эрэн 3 оҕо кэлин идэлэрин уларыппыттар. Ол выпустан 7 оҕо быраас буолан билигин бэйэлэрин улуустарыгар үлэлии сылдьаллар. Фармацевтар, медиктэр, санитарнай быраастар бааллар. Ол курдук: Илья Птицын, Настя Хван, Оля Игнатьева, Тася Семенова, Женя Степанова, Айсен Макаров, Даша Саввина, Люда Пермякова, о.д.а. (араспаанньалара оҕо эрдэҕинээҕилэринэн сурулунна). Биир дьиэ кэргэнтэн хастыы да оҕо химия, биология биридимиэттэрин талан үөрэммиттэрин киэн тутта сырдатта. Кинилэринэн буолаллар Катя, Шура Слободчиковалар, Лия, Груня Дмитриевалар, Люда, Ньургуйаана Пермяковалар, Саша, Настя, Нарыйа Тимофеевтар, Айсен, Настя Макаровтар.

А.К.Шарина үөрэнээччилэригэр үрдүк ирдэбиллээх буолан бары күүскэ кыһаллан үөрэнэллэрин түмүгэр олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар.

— Учуутал буоларым быһыытынан оҕолорум ситиһиилэриттэн үөрэбин. Өрөспүүбүлүкэтээҕи химия, биология олимпиадаларыгар элбэх оҕо кыттыбыта. Саша Александрова диэн үөрэнээччим 10-с кылааска үөрэнэ сылдьан биология олимпиадатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ кыайыылаах тахсан Белгород куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадаҕа кытта сылдьыбыта. 11-кэ үөрэнэ сылдьан өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ 3-с миэстэ буолбута. Былырыын Дайаана Тобонова диэн оҕо биологияҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа бириистээх миэстэни ылбыта. Кини быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ үөрэнэр. Биир кэлим эксээмэннэри элбэх оҕо туттарда. Орто баал 50-70-тан тахса буолааччы. Химияҕа Туйаара Яковлева диэн кыыс эксээмэнин 89 баалга суруйбута. Биологияҕа бастыҥ бааллаах Маша Саввина билигин Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа  үлэлиир. Аҕыйах хонуктааҕыта “Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын туйгуна” бэлиэни ылбытынан киэн туттабын.

Хамсык ыарыы кэмигэр онлайн үөрэх ыытылларын сөбүлээбэтэҕим. Кыра кыбартыыраҕа олорор элбэх оҕолоох ыалга бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдээх буолара саарбахтаммат. Видео уруокпун ыытарбар улахан куолаһым атын уруокка үөрэнэр оҕолору мэһэйдиирэ буолуо дии санааччыбын. Кимиэхэ эрэ ноутбук баар, кимиэхэ эрэ суох, ким эрэ хойутаан холбонуо, бары тэҥҥэ холбооботтор. Онон уруок ыһыллаҕас соҕус буолааччы. Кылааска  олорон үөрэтэр, биллэн турар, ордук. Онно сирэйдэриттэн-харахтарыттан ким хайдах үлэлиирэ, өйдүүрэ-өйдөөбөтө барыта көстөн олорор. Үөрэппит оҕоҥ үөрэххэ киирдэҕинэ, үлэһит буоллаҕына, ханна эрэ үлэлии сылдьарын иһиттэххинэ үөрэҕин. Бастаан үлэбин ыарахан эбит дии санаабытым. Баҕар барыам дуу диэн санаа эмиэ киирэрэ. 90-с сыллар наһаа ыарахан сыллар этэ, онно миэстэ уларытар табыллыбат курдук буолбута, онон үлэлии сылдьан, кэлин идэбин сөбүлүүбүн. Сатыырым, билэрим эрэ бу буоллаҕа. Билигин үлэбэр үөрэ-көтө кэлэбин.

Бүтэйдээххэ да,  Майаҕа да үлэлиир сылларбар үрдүк таһымнаах мэтэдьиистэри кытары алтыспытым учуутал быһыытынан сайдарбар көмөлөспүтэ. Кинилэринэн Надежда Николаевна Иванованы, Татьяна Васильевна Сидорованы, Вера Аркадьевна Тимофееваны, Матрена Петровна Птицынаны ааттыыбын. Майа КМО-гар киирэр биир идэлээхтэрим Хараҕа, лиссиэйгэ, В.П.Ларионов аатынан оскуолаҕа бары олус кыһамньылаахтык, үрдүк ситиһиилэрдээх үлэлииллэр, оҕо бөҕөнү таһаараллар.

Оскуолабытыгар лабараанынан үлэлиир Антонина Петровна Попова диэн олус сэмэй майгылаах үлэһит уонна эппиэтинэстээх киһилиин бииргэ үлэлиибит. Кини лабараан хоһугар уопуту барытын бэлэмнээн таһаарар. Кэбиниэт аныгы тэрилинэн, реактивынан толору хааччыллыылаах.

Анна Кимовна кылаас салайааччытын быһыытынан Бүтэйдээх орто оскуолатыгар 1995 с. биир кылааһы, Майаҕа 2005, 2012, 2020 сс. үлэлээн 3 выпуск оҕолорго оскуоланы бүтэртэрбит. Кэлин 5-с кылаастан ылбыт оҕолорун туһунан иһирэхтик санаатын үллэһиннэ:

— 5-с кылаас оҕолорун ылбытым. Кылааска 27-лэр. Элбэхтэр да, кыралар да, мэниктэр да. Бу кэбиниэппитигэр олунньу 23 күнүн, кулун тутар 8 күнүн бырааһынньыктарын бэлиэтииргэ түгэҕэр симиллэн нэһиилэ батааччыбыт. Паарталарбыт көспөт буоланнар наһаа эрэйдээх, ол да буоллар паарталар икки ардыларын быыстарынан күрэхтэһии ыытааччыбыт. Онно 2 эрээтинэн стройдаан туран бэйэ бэйэлэрин эҕэрдэлэһэллэр, онтон сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуубут саҕаланара. Переменаҕа туста сылдьан, мэниктээн оскуола сиэркилэтин тоҕо түһэн, кылаас аанын алдьатан мөҕүллүү бөҕө буолаахтыыллара. Наһаа кыанар, сымса оҕолор бааллара. Ол курдук, Алеша Максимов Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Дальнай Востокка призердаабыта, национальнай көрүҥнэргэ успуорт маастарын нуорматын оскуоланы бүтэрэн баран толорбута, тириэньэрэ Борис Николаевич Ильин. Алеша наһаа көнө, судургу майгылаах оҕо. Субуотунньукка таҕыстахпытына уолаттарга кыралар диэн көмөлөһөн хаар эҥин баһыстахпына “Эн тоҕо инник гынаҕын, бэйэлэрэ үлэлээтиннэр ээ, уолаттар дии” диэн киһим онно миэхэ оччоттон улахан киһи курдук сүбэлиир этэ. Ваня Шеметов, Гриша Евграфов успуорка да, уопсастыбаннай үлэҕэ да олус көхтөөхтүк кытталлара. Кирсан Скрябин диэн оҕом юмор бөҕө. Кини тугу эмэ кэпсээтэ да бары күлэн быара суох барааччыбыт. Роберт Петров, Коля Зырянов үөрэхтэригэр олох чаҕылхай, элбэх ситиһиилээх этилэр. Коля Зырянов кылаас лиидэрэ, туох баар үлэҕэ барытыгар кыттара. Ильнур Дъячковскай, Ваня Сергучев, Айкаар Иванов өрүү бэрээдэктээх, сэмэй уолаттар успуорка, сценкалары туруорууларга көхтөөхтүк кытталлара. Женя Титова үөрэх бастыҥа, ох сааҕа традиционнай ытыыга сахалартан бастакынан успуорт маастара буолбута. Катя Ноговицына ыллаан норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга тиийэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Уопсайынан, айар үлэҕэ, успуорка олус дьоҕурдаах оҕолор үөрэн-көтөн үөрэммиттэрэ. Бастаан бэйэм оҕом кыыс буолан быһыылаах, кыргыттарга чугас курдугум. Кэлиҥҥи сылларга ордук уолаттары сөбүлээбитим, тоҕотун билбэппин эрээри. Уол оҕо көнө, мөхтөххүнэ даҕаны судургутук ылынар буоллаҕына, кыыс оҕо өһүргэниэн сөп. Марта Алексеева диэн кыыспын наар саныыбын, наһаа ыраас дууһалаах, барытыгар иннинэн сылдьар үчүгэй майгылаах оҕо этэ. Оҕолорум бохуоттуохтарын олус баҕарааччылар. Дьиэбэр кэллэхтэринэ шашлык буһардахпына үөрэллэрэ-көтөллөрө харахпар бу баар. Биирдэ кинилэр кыраларыгар кылааһынан бохуоттуу бардыбыт. Мин Майаҕа олорбутум ыраатта да, чугас алаастары үчүгэйдик билбэппин ээ. Онон алааспытын кыайан булбакка ырааһыйа баарыгар тохтоон олордубут. Онно чугас соҕус бөх сытар. Ол бөхтөн миэхэ олоппос була охсон аҕалан “Эйиэхэ олоппос буллубут, эн манна олор” диэн олордон кэбистилэр. Мин онно олорон лапта оонньууну үөрэтэ сатаатым. Олох быраабылатын билбэттэр. Былаах былдьаһа оонньоотубут, куурусса элиэттэн чоппуускаларын быыһыы сатыыр оонньуутун оонньоотубут. Онно элиэлэрбит чоппуускаларбытын түп-түргэнник салыбыраччы тутан кэбистилэр. Оннук сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньууну оонньоон астынан аҕай кэлбиттэрэ. 5-с кылаастан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри саамай ньээҥкэлэспит, элбэх сэниэбин ылбыт ити кылаас буолар. Мин оҕолорум “Сулустар” диибин. Оннук 7 сыл түргэнник ааһан хаалбыта. Бу сылларга улууска «Самый читающий класс» диэн ааты,  оскуолаҕа  үстэ «Сыл бастыҥ кылааһа» буолбуппут.  Кылааскын атааран баран бастаан суохтуугун. Онтон сыыйа үөрэнэҕин. Кылаастаах, биллэн турар, олус интэриэһинэй. Онон эдэр учууталлар кылаас ылаллара наадалаах. Кэлин өйдүү-саныы сылдьардаах буолаҕын. Учуутал идэтэ наһаа сэргэх.

33 сыл педагогическай ыстаастаах учуутал хас биирдии үөрэппит оҕотун наһаа истиҥник санаан  сырдык мичээр аргыстаах олорон сэһэргээтэ.

Учуутал үлэтэ олус түбүктээх итиэннэ үрдүк эппиэтинэстээх. Ол гынан баран, үтүө түмүктээх уонна бочуоттаах. Анна Кимовнаҕа бу барыта баар. Оскуола оҕоҕо иккис дьиэтэ буолар. Иккис ийэлэрин тэҥэ буолан, бэйэтин оҕолорун курдук көрөн-харайан, үөрэтэн-такайан олох киэҥ суолугар үктэннэрбит учууталларын үөрэппит оҕолоро күндүтүк саныыллар. Кинилэр махталлара, тапталлара мэлдьи учууталларын арыаллаатыннар, арчылаатыннар. Анна Кимовнаҕа чэгиэн доруобуйаны, үлэтигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, тус олоҕор, дьиэ кэргэнигэр дьоллоох олоҕу баҕарабын.

Марелла Баишева.