Бэҕэһээ, төрөөбүт дойдубар, тапталлаах Тараппар сырыттым.
Сырыы чэрчитинэн нэһилиэк баһылыга, Андрей Никитич Кычкины, кытта көрсөн нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын, баар кыһалҕалары дьүүллэстибит. Дьаһалта, кулууп үлэтин көрдүм, санааларбын эттим.
Петр Николаевич Петров салалтатынан үлэлиир С.Г.Олесовааатын сүгэр Тарат оскуолатыгар сылдьан иитэр-үөрэтэр үлэни, Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар туох улэ барбытын билистим, оскуола үлэһиттэрин көрсөн ааспыт учуутал күнүнэн эҕэрдэлээтим. Оскуола кэлэктиибэ саҥа оскуола дьиэтэ тутулларын туруорустулар.
Нэһилиэк биир тутаах тэрилтэтинэн 100 хороҕор муостааҕы көрөн олорор «Тарат» ТХПК буолар . Онно тиийбиппитигэр, нэһилиэк эр дьоно субуотунньуктуу сылдьалларыгар түбэстибит, үлэһиттэри кытта кэпсэттибит. Бэрэссэдээтэл Петр Петрович Петров кэпэрэтиип үлэтин-хамнаһын сырдатта, инники былааннарын сэһэргээтэ. Эдэр салайааччы, инникитин саҥа хотону үлэҕэ киллэрэн, сүөһү ахсаанын элбэтэр баҕа санаалаах. Аны сайын сайылык тутуутугар үлэлэһэр соруктааҕын кэпсээтэ. Кэпэрэтиип үлэтигэр олохтоох дьаһалта уонна улуус салалтата көмөтө улаханын эттэ. Ол курдук, улуус баһылыга Дмитрий Тихонов өйөбүлүнэн үгүс кыһалҕа быһаарыллыбыт. Быйыл хотоҥҥо гаһынан ититии киирэн, кэпэрэтиип сайдарыгар кыах бэриллибит.
Киэһээҥи өттүгэр, Михаил Романович салайааччылаах нэһилиэк кулуубугар, ааспыт учуутал, тыа хаһаайыстыбатын күннэринэн эҕэрэлээн туран, КҮН ӨРКӨН уһуйуллааччылара эҕэрдэ кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Судаарыстыбаннай наҕараадалар, Эҕэрдэ суруктар туттарылыннылар. Нэһилиэк инники сайдар кэскилэ тыа дьонун туруктаах буолуута, олох-дьаһах тупсуута. Онон бу хайысхаҕа болҕомтону ууран, күүскэ үлэлэһэр сорук турар.
Захар Никитин, норуот дьокутаата