Саха норуотугар, тыа хаһаайыстыбата, оҥорон таһаарар салаа эрэ буолбакка, өбүгэлэрбититтэн кэлбит төрүт дьарыкпытын, мындыр өйбүтүн, дириҥ үгэстэрбитин илдьэ сылдьар хайысха буолар. Бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытын дэлэтии, олохтоох дьон туруктаах буолуутун мэктиэтэ. Тыйыс айылҕалаах дойдубутугар, үгүс күчүмэҕэйдэри туораан, үлэ үөһүгэр сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин. Сыралаах үлэҕит түмүктээх буоллун, тыа сирэ чэчирии сайда турдун! Үлэ дьонугар кытаанах доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу-соргуну уонна табыллыыны баҕарабын!
Дириҥ ытыктабылы кытта, Ил Түмэн дьокутаата Захар Никитин.
Хаартыскаҕа киэн туттар биир дойдулаахтарбын кытары. Социалистическай үлэ Дьоруойа Екатерина Иннокентьевна Новгородова, ХХ үйэ рекордсмен ыанньыксыта Павел Петрович Шарин.