Ороһуоспаҕа (Сибээккэҕэ), былыргы итэҕэл этэринэн, сүллүүкүттэр оһох оттооччу-лара тахсаллар. Бу кэмтэн Кириһиэнньэҕэ диэри тымныйар. Сүллүүкүттэр оҕолоохторо эргэ Саҥа дьылга (Баһылайапка) тахсаллар.
Сүллүүкүн таҕыстаҕына бит-билгэ дэлэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, биттэммит бит олоххо киирэр диэн этэллэр.
Тохсунньу ый күнүн-дьылын билгэтэ
Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүнү күүтэллэр.
Тохсунньу ый бастакы күнүгэр чолбон сулустардыын атахтастаҕына, тыаллаах күн буолар. Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр.
Ый бүтүүтэ сис былыт кэллэҕинэ, хаар түстэҕинэ, тымныы уҕарыыр. Ой дуораана түстэҕинэ, тымныы сатыылыыр, оттон ой дуораана сүттэҕинэ — намырыыр. Мастар халыҥ хаары сүгэһэрдэннэхтэринэ, халаан уута кэлэр. Күүстээх тыал түстэҕинэ, от ыйыгар хаһыҥныыр.
Бикипиэдьийэ