Арассыыйаҕа Учуутал уонна Аҕа сүбэһит, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын, Төҥүлү бөһүөлэгэр “Эр Хоһуун” сылларынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын, «Төҥүлү нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын, “Эйгэ” култуура киинин өйөбүллэринэн мэссэнээт, бэпэчиитэл, Төҥүлү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, СӨ Бэрэсидьиэнин “Кыра уонна орто урбаан сайдыытыгар кылаатын иһин”, СӨ Ил Дарханын бириэмийэтин, “Урбаан сайдыытыгар сүрүн оруол”, “Оройуон иннигэр үтүөлэрин иһин” мэтээллэр, “Мэҥэ Аат”, “Дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр кылаатын иһин” бэлиэлэр, о.д.а. үгүс наҕараадалар хаһаайыннара Иван Борисов көҕүлээһининэн балаҕан ыйын 1-3 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Тимир болгуо – кэрэ көстүү” диэн тимир уустарыгар куонкурус тэриллэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Үөрүүлээх тэрээһини Александра Баишева дириэктэрдээх “Эйгэ” култуура-сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. Хотун Төҥүлү нэһилиэгин устуоруйатын мусуой дириэктэрэ Иван Тарабукин, уус Бэрииһэптэр сыдьааннарын туһунан педагогическай үлэ бэтэрээнэ Елена Куличкина ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттарга сырдаттылар. Нэһилиэк олохтооҕо Дмитрий Васильев “Улахан убайбар” ырыанан эҕэрдэлээтэ.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Петр Эверстов: “Биһиги нэһилиэккэ 4-с төгүлүн ыытар күрэхтэһиибит кыттыылаахтарын эҕэрдэлиибит! Нэһилиэккэ барыта 14 түмсүү баар. Олортон биир улахан түмсүүнэн уустар түмсүүлэрэ буолар. Иван Борисов курдук киһилээх буоламмыт биһиэхэ маннык тэрээһини ыытар судургу, чэпчэки. Кини барытын бэйэтэ толкуйдаан оҥороругар биһиги кыттыһабыт эрэ” диэн эҕэрдэтигэр эттэ.
Кэлиҥҥи сылларга Төҥүлү нэһилиэгэр “Мас тойуга” диэн мас уустарын икки ардыларыгар маһынан скульптуралары оҥорууга күрэхтэһиини тэрийэн ыыппыт, нэһилиэгэр элбэх киһини үлэ миэстэтинэн хааччыйан үлэлэтэр, олорор, үлэлиир нэһилиэгин тас көстүүтэ тупсарыгар үгүс кылаатын киллэрбит, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакытын ыскамыайка оҥоһуутугар ыытыллар тимир уустарын куонкуруһун көҕүлээччи, тэрийээччи Иван Борисов:
- Күрэхтэһии кыттыылаахтарын, нэһилиэгим олохтоохторун барыгытын эҕэрдэлиибин! Ыраахтан толкуйдаммыт баҕа санаа туолара улахан дьыала. Мантан киһи, дьон наадыйар эбит диэн санаата кэлэр, эрэл, кыах ылар. Биир өттүнэн нэһилиэк киэркэйэр, онон бүгүн кэлбит уустарга махталбын тиэрдэбин. Бу куонкурус уустар бэйэ бэйэҕитин кытта ыкса билсэн-көрсөн, уопут атастаһан үлэлииргитигэр сыаллаах анаан тэрилиннэ, эһиил бу тэрээһин салгыы ыытылларыгар бииргэ үлэлиэхпит, диэн туран таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр баҕарда.
Биллиилээх тимир ууһа Николай Михайлов уустар түмсүүлээхтик үлэлээн, тимири араас өттүттэн көрдөрүөххэ наадатын бэлиэтээн эттэ.
Урбаан эйгэтигэр 2001 с. ылсан үлэтин саҕалаабыт Иван Иванович сылтан сыл саҥаны олоххо киллэрэн Төҥүлү сиэдэрэй тутууларынан, оҥоһуктарынан киэркэйэр. «Халыма” федеральнай тыраассаҕа “Уют”, “Нал” кафелар үлэлииллэр. Сылаас туалеттан саҕалаан араас тутуу сыллата эбиллэн оҥоһуллар өҥө элбээн иһэр. Баанньык, таҥас сууйар, ыалдьыт хонон-өрөөн ааһар, дьоҕус хампаанньаҕа анаан дьоро күнү бэлиэтиир дьиэлэр, бөһүөлэк киинигэр маҕаһыыннар, ырыынактар, «Айылгы” балаҕан тутуллан үлэлииллэр. Тутуулар бары өбүгэ үгэһин тутуһан сахалыы истиилинэн оҥоһуллаллар. “Нал” кафе таһыттан көстүүтэ айанньыттары сөхтөрөр. Манна саха дьоно, ынаҕа, сылгыта, хотонноох балаҕана, кыыллар, көтөрдөр чуучулалара, ис өттүгэр ретро мусуой бааллара омук дьонун болҕомтолорун тардыан тардар. Тиэргэннэр араас кэрэ сибэккилэринэн симэнэн хараҕы манньыталлар.
Иван Иванович саҥа бырайыагын олоххо киллэрэн тимир уустарыгар сахалыы истииллээх ыскамыайка оҥоһуутун 3 күннээх күрэхтэһиитин үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытта. Урбаанньыт уустар миэстэтигэр олорон үлэлииллэригэр усулуобуйаны толору хааччыйар. «Айылгы” балаҕаныгар көрсүһүүгэ эстрада ырыаһыттара Константин Степанов, Эдуард Баланов тэрээһин кыттыылаахтарыгар ырыаларын-тойуктарын бэлэхтээтилэр.
Манна Сунтаартан эдэр уус Петров Егор Иванович, 76 саастаах Константинов Валентин Иванович, Чурапчыттан кини бииргэ төрөөбүт быраата Константинов Анатолий Иванович уонна Дорогунов Семен Иванович, Тааттаттан Атастыров Алквиад Павлович, Хаҥаластан Данилов Семен Николаевич итиэннэ бэйэбит улууспут нэһилиэктэриттэн Майаттан Скрябин Архип Николаевич, Төхтүртэн Максимов Юрий Николаевич, Табаҕаттан Гоголев Иван Иванович, Моорук Суолатыттан Апросимов Алексей Алексеевич, Маттаттан Сивцев Аркадий Аркадьевич, Төҥүлүттэн Баишев Роман Анатольевич – барыта 12 тимир уустара күөн көрүстүлэр. Сүрүн судьуйанан тимири итиилии уустаан-ураннаан охсон киэргэтэн оҥорор, Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн төрүттээх Николай Михайлов, чилиэннэринэн олохтоох худуоһунньук, уһуйааччы Наум Киренскай, биир дойдулаахпыт, РФ профтех үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, техническэй наука хандьыдаата, Нам педагогическай коллеһын уһуйааччыта Надежда Слепцова үлэлээтилэр. Куонкурус балаһыанньатынан уустарга итии, тымныы хаһыылар (копкалар) иккиэн киирэннэр дьиэлэригэр сороҕун бэлэмнээн аҕалаллара көҥүллэммит. Уустар босхо хонон, суунан-тараанан, аһаан сырыттылар. Тэрээһиҥҥэ СӨ норуотун маастардара Устин Николаевич Борисов, Елисей Андреевич Баишев, Леонид Прокопьевич Говоров көмөлөстүлэр. Тимир уустара үөһэ ааттаммыт уустар мастарыскыайдарыгар уһаннылар.
“Тимир болгуо – кэрэ көстүү” куонкурус тиһэх күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин баһылыга Константин Лебедев кыттыыны ылан дьоннорун-сэргэлэрин ааттарыттан эҕэрдэлээтилэр. Альбина Андреевна улуус баһылыгын, дьокутааттарын аатыттан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакытын ыытыллыбыт тимир уустарын күрэхтэһиитэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытынан эҕэрдэ бастыҥын анаата. Кини этиитигэр «Биһиэхэ уустарбыт көмөлөрө олус улахан, нэһилиэктэрбит көстүүлэрэ тупсалларыгар кылааттарын киллэрсэллэр, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар саха быһаҕын бэлэхтээн кэллилэр” диэн сырдатта. Манна таарыйа сырдаттахха, Иван Борисов кэргэнэ Чакыртан төрүттээх буолан урбаанньыт кэргэнин Мария Васильевна дойдутугар ыытыллар тэрээһиннэргэ күүскэ көмөлөһөн кэлбит. Онон Чакыр нэһилиэгин баһылыга Константин Иннокентьевич күтүөппүтүгэр диэн Иван Ивановичка Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын алгыстаах бэлиэтин, Сунтаартан кэлбит уустарга Эрилик олоҥхолорун кинигэлэрин туттарда. Саамай саастаах кыттааччыга Валентин Константиновка уонна саамай эдэр кыттааччыга Егор Петровка, күрэхтэһиигэ үлэлээбит судьуйаларга, тэрээһини ыытыыга күүс-көмө буолбут норуот маастардарыгар урбаанньыт Иван Борисов бэйэтин бэлэхтэрин анаан туттартаата.
Түмүккэ, ньыгыл тимиртэн кытардан, таптайан оҥоһуллубут үлэлэр үрдүктүк сыаналаннылар. Алексей Апросимов 1 миэстэни ылан 150 тыһыынча, Егор Петров 2 миэстэ буолан 130 тыһыынча, Аркадий Сивцев 3 миэстэни ылан 100 тыһыынча солкуобай харчынан, ону таһынан хас биирдии кыттааччы 20-лии тыһыынча солкуобайы уу харчынан бириэмийэлэннилэр. Егор Петров тэрийээччигэ Иван Ивановичка махтанан туран саха дьонугар ытык көтөр буолар «Суор” оҥоһугун утары уунна. “Доруобуйа” түмсүү далбардарын аатыттан салайааччы Надежда Оконешникова эҕэрдэлээн туран саамай эдэр кыттааччы Егор Петровка бэйэтэ тикпит куһаат курун чэлгийэ-чэчирии турарыгар алҕаан туран бэлэхтээтэ. Александр Баишев бииргэ үөрэммит үөлээннэхтэрин оҕото Семен Даниловка кылааһын аатыттан сэмэй бэлэҕи туттарда. Маннык элбэх бэлэх хаһаайыннарын буллулар. Ырыаһыттар Сардаана Осипова, Давид Трофимов ырыаларынан киэргэттилэр.
Куонкурус олус үчүгэйдик ааста, үйэлээх үлэлэр турдулар диэн сылдьан көрбүт-истибит дьон бары дуоһуйа-астына үрдүктүк сыаналаатылар. Николай Михайлов, Алексей Апросимов, Егор Петров маастар кылаас ыытаннар уустар бэйэ-бэйэлэриттэн элбэх саҥаҕа үөрэнэн, ыкса билсэн, астынан, махтанан бардылар.
Урбаанньыт Иван Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан мас уустарыгар маннык күрэхтэри саҕалаан Төҥүлү нэһилиэгин искибиэрдэрин араас кэрэ оҥоһуктар умсугута киэргэтэллэр. Кини үтүө холобуру көрдөрбүтэ батыһааччылардаах буолан билигин атын улуустар нэһилиэктэригэр тиийэ маннык куонкурустар ыытыллар буолбуттара кэрэхсэбиллээх уонна хайҕаллаах. Тэрийээччи эһиилги дьылга өссө үрдүк таһымнаах, үрдүк ирдэбиллээх куонкурус ыытылларыгар баҕа санаатын мустубут дьоҥҥо тиэртэ. Олохтоохтор Иван Ивановичка махталлара муҥура суох.
Марелла Баишева.