Тиэлигигэ оскуола тутуутун туруорсуу ‒ хаһыс да сыла

Тиэлигилэр 57 киһи кэлэн отчуоту иһиттилэр. Нэһилиэк баһылыга Иннокентий Исаков мунньаҕы иилээн-саҕалаан ыытта.

Кэпсэтиһии саха тылын сайдыытыттан саҕаланна. Билигин былаас үлэһиттэрэ сахалыы саҥарбаттар, быһаарыы барыта нууччалыы диэн буолла. Бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ, сокуон барыта сахалыы тылбаастанан эрэрин истэн дьону үөртүлэр. Тиэлигигэ интэриниэт суоҕунан, гаас ситимэ кэлбэтинэн көйгөтүллэн олорор курдук сананалларын тиэртилэр. Сайдыы тыа сириттэн барыахтааҕын, газгольдер боппуруоһун үөрэтэр көрөргө эттилэр.

Хотон туттарга туох-ханнык бырагыраамма баарын, Ыпсар карьертан таас таһаллар да, олохтоох суол-иис мөлтөҕүн, хаһан оҥоһулларын, карьер үлэтиттэн нолуок нэһилиэккэ хаһан бэриллэрин, Амма суолун тутууга хаһан үлэ барарын, ирбистэр сыаналарын хаһан хонтуруоллууру сурастылар. Сылгыны үөрдээн иитиигэ сөбө суох сокуон тахсаары турарын, бэтэринээр өҥөтө үүт харчытын кытта тэҥҥэ үрдээн иһэрин мунаараллар. Кулууп дьиэтигэр хаһан өрөмүөн ыытылларын, миграннары байыаннай дьайыыга тоҕо ыыппаттарын, бөрө мэнээктээн бөһүөлэккэ чугаһаабытын, бөртөлүөтүнэн сылдьан тоҕо өлөрбөттөрүн  ыйыттылар.

Чэгиэн турук туһугар хас нэһилиэк аайы уопсай баанньык туттарар наадатын, хаһыс да сылларын оскуола тутуутун туруорсалларын этиилэргэ таарыйдылар. Тыа сирэ эһиннэҕинэ тыл эстиэ, тыа хаһаайыстыбата эстиэ диэн санааларын эттилэр. Ыччат үөрэҕи бүтэрэн баран нэһилиэгэр төннүбэт буолбутун, онуоха нэһилиэккэ тахсан үс сыл үлэлииллэрин ситиһэргэ санааларын тиэртилэр. Түмүккэ үлэни-хамнаһы биһирииллэрин биллэрдилэр.

Елизавета Неустроева.