Уу, буоларын курдук, ханна да тыын боппуруос. Нэһилиэнньэ кыһалҕатын быһаарарга
Тыа нэһилиэктэригэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырайыак (ППМИ) үлэлиирэ кэрэхсэбиллээх дьыала. I Наахара нэһилиэгэр бу бырагырааманан былырыын 2022 сылтан саҕалаан үлэлэһэн, сайыҥҥы уу ситимин тутуутугар матырыйааллары ыллыбыт. Аны иккис түһүмэҕин туруорсан, сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан үлэҕэ киирэригэр бигэ эрэллээхпит. Оччоҕо дьоммут-сэргэбит түбэһиэх тырааныспарынан ыраахтан уу таһара тохтуо, биир кыһалҕа быһаарыллыах этэ. Онон олохтоох дьаһалта, Тиэлиги дьоно-сэргэтэ бырагырамааны биһириибит уонна өссө да бу хамсааһын салҕана турарыгар баҕарабыт.
Олохтоох дьаһалта.