Төрүт үгэһи тарҕатар биир дойдулаахтарбыт Ил Дархан анал истипиэндьийэтин ыллылар

Бүгүн, Саха сиригэр Олоҥхо күннэрин чэрчитинэн, саха төрүт култууратын илдьэ сылдьар дьоммутугар – олоҥхоһуттарга, оһуокай тылын этээччилэргэ уонна уустарга Ил Дархан анал истипиэндьийэтин аныыр үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна.

Ил Дархан анал истипиэндьийэтин төрүт үгэспитин илдьэ сылдьар Сахабыт сирин бастыҥтан бастыҥ дьоно – 7 олоҥхоһут, 7 оһуокай тылын этээччи, 6 тимир ууһа, 7 норуот маастара ылар буоллулар.

— Кинилэр ортолоругар Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан биир дойдулаахтарбыт: олоҥхону толорооччу Иван Алексеевич Григорьев (1 Наахара нэһилиэгэ), оһуокайдьыт Николай Кузьмич Карамзин (Нөөрүктээйи нэһилиэгэ), тимир ууһа Устин Николаевич Борисов (Төҥүлү нэһилиэгэ), Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, «Туойаана» керамическай мастарыскыай салайааччыта Петр Петрович Егоров (Майа сэл.), Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга Федор Иванович Марков (Тараҕай нэһилиэгэ) баалларынан киэн туттабыт, — диэн биһиэхэ улууска төрүт үгэспитин тэнитэр дьону кытта үлэни сүрүннүүр улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Иванова иһитиннэрдэ.

Бу ааттаммыт дьоммут 2024 сыл устата ый аайы 30000 солкуобай суумалаах истипиэндьийэни ылыахтара. Олоҥхону үөрэтиигэ, уһуйууга, тарҕатыыга утумнаах үлэтин иһин  Сунтаар олоҥхоһутугар Никандр Прокопьевич Тимофеевка олоҕун тухары ылар истипиэндьийэ ананна.

Үрдүк наҕараадаҕа – Ил Дархан анал истипиэндьийэтигэр тиксибит  дьоммутун истиҥник эҕэрдэлиибит!

Өссө да үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кыайыылары-хотуулары, айымньылаах үлэни, чэгиэн туругу баҕарабыт!