Төҥүлүлэр туруорсар боппуруостара толоруллан иһэллэригэр махтаналлар

Олунньу 13 күнүгэр Бырабыыталыстыба үлэтин отчуота Төҥүлү нэһилиэгэр буолла. Нэһилиэк баһылыга Петр Эверстов салайан ыытта.

Дьиэ кэргэнинэн ынах, сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыба баһылыга, настаабынньыга Николай Баишев Нөмүгүгэ электрическэй уот киирбитигэр махтанан туран 100 сүөһү турар аныгылыы хотон тутарыгар көмөлөһөргө эттэ, балбаах,  ходуһа сир боппуруоһугар тохтоото итиэннэ туруорсар боппуруостара олоххо киирэн иһэллэригэр, суол-иис оҥоһуллубутугар  баһылыктарыгар, тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар, үрдүкү былааска, үүт харчыта кэмигэр бэриллэригэр “Хоту” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Иван Максимовка махтанна.  Иннокентий Титов өрүскэ хараардыы үлэтэ төһө көдьүүстээҕин сураста.

“Эйгэ” култуура киинин дириэктэрэ Александра Баишева “Земский работник культуры” бырагыраама, култуура систиэмэтигэр ипэтиэкэ хаһан киириэн сөбүн ыйытта, саҥа таас кулууп тутуллара наадатын быһаарда.

Бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Галина Громова байыаннай дьайыы байыастарын ийэлэрин ааттарыттан өйөбүллэргэ махтанна уонна байыаннай дьайыыттан кэлбитэ сыл буолан эрэр байыас бэтэрээн докумуонун хаһан ыларын, бааһырбыт байыас төттөрү барбатыгар туох үлэ ыытылларын, сокуонунан көрүллэр чэпчэтиилэри ыйытта. СПТУ-4 дьиэтигэр туох да саҥа тутуу барбатаҕын, хаһан былааннанарын сураста.

Бурдугунан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Николай Стрекаловскай Чыамайыкыга алмаас көстүбүтүнэн ханнык тэрилтэ хостоору сылдьарын, өрөспүүбүлүкэҕэ бырыһыан төлөнүүтүн, Магадаҥҥа тиийэр тимир суол хаһан тутуллар, комбикорм собуота тоҕо үлэлээбэтин, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута хайа өттүттэн саҕаланарын, сэлээркэ сыаната үрдүү турарын ким хонтуруоллуурун, тыа хаһаайыстыбатын граныгар тиксибэтэхтэргэ атын туох бырагыраама баарын, өртөөһүнү тоҕо көҥүллээбэттэрин, ас хаачыстыбатын ким хонтуруоллуурун ыйытта. Аллараа Бэстээххэ элбэх оҕолоохторго бэриллибит учаастакка хаһан электрификация киллэриллэрин, хаарбах дьиэнэн хаһан саҥа дьиэ тутулларын, ТХПК дириэктэрин хамнаһа тоҕо кыратын туһунан ыйытыылар суругунан киирдилэр.

Үлэ бэтэрээнэ Федор Куличкин улуус баһылыга Дмитрий Иванович байыаннай дьайыыга бэйэтинэн баран уолаттарга өйөбүл буоларыгар махтанна итиэннэ Төҥүлү нэһилиэгэ тирэх киин буолбутуттан үөрбүтүн эттэ. Бырабыыталыстыба былааннаабыт үлэтин барытын толорбутугар махтанан туран үлэтин үчүгэйинэн сыаналаата. Кини мас тутуулары сыыйа таас тутуунан солбуйан иһэр наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна саҥа успуорт киинэ тутулларын туруоруста.

Орто оскуола дириэктэрэ Вячеслав Сотников оҕолор атын сиртэн мэдиссиинэ кылааһыгар үөрэнэ кэлэллэригэр интэринээт наадатын туруоруста. “Хоту” ТХПК салайааччыта Иван Максимов миниистир Петр Ивановичка кэпэрэтииби өр сыллаах улахан иэһиттэн босхолообутугар махтанан туран тэрилтэ үбүлүөйдээх кинигэтин бэлэх уунна. Оҕо ускуустубатын оскуолатын дириэктэрэ Галина Варламова 2024‒2025 сс. таас саҥа оскуола тутуутугар көмөлөһөргө көрдөстө.  Баһаарынай чаас начаалынньыга Роман Баишев уруккута киин хочуолунай дьиэтин өрөмүөннэтэн оҥостоору ОДьХХ балаансатыттан баһаарынай чаас балаансатыгар көһөрөр докумуону туруоруста.

Түмүккэ үлэ дьонун бэлиэтиир үгэһинэн Петр Попов Үөрэҕирии министиэристибэтин Махтал суругун саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Анастасия Баишеваҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Министиэристибэтин Бочуотунай  Грамотатын оҕо ускуустуба оскуолатын уһуйааччытыгар Ньургуяна Портнягинаҕа туттарда.

Отчуоту 72 киһи иһиттэ уонна биһирииллэрин биллэрдилэр.

Марелла Баишева.