“Таммахтар” ааптардарын саҥа тахсыбыт кинигэлэрин сүрэхтээтилэр

Майаҕа И.М. Сосин аатынан киин бибилэтиэкэҕэ Арассыыйаҕа Учуутал уонна Уһуйааччы, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылларынан “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук  ааптардарын саҥа тахсыбыт кинигэлэрин сүрэхтээһинэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бу сыл ааптардарга хорутуулаах буолла.  Буруолуу сылдьар кинигэ ааптардара кыһыл дорожканан хааман киирэн кинигэлэрин аалай лиэнтэлэрин кырыйдылар. Үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтарын Мария Иванова хомуска оонньоон, Линда Сергучева ырыанан эҕэрдэлээтилэр.

Дьоро күн тэрээһинин “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук салайааччылара Наталья Пахомова, Изабелла Романова иилээн-саҕалаан ыыттылар, И.М. Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Аграфена Зыкова, бибилэтиэкэрдэр Светлана Федорова, Марина Трифонова, Екатерина Попова, о.д.а.  көмөлөстүлэр.

Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ, “Мичил” оҕо уһуйаанын үрдүк категориялаах иитээччитэ Инна Николаева-Угинка “Олоҕум сүүрүгэ”, Саха сирин эдэр ааптардарын сойууһун чилиэнэ, Баатаратааҕы “Тускул” оҕо уһуйаанын  үрдүк категориялаах иитээччитэ Марфа Попова-Мусьяна Сосина “Оҕо саас сарыала”, “Догдоҥо дорҕоонноро” литературнай түмсүү салайааччыта, “Эркээйи” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, Арассыыйа эмчиттэрин конфедерациятын чилиэнэ Светлана Иванова-Намыына “Иэйиим кустуга”, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, “Майа – дойдум барахсан” бэлиэ хаһаайката Айталина Кошунова “Сахам тылын таптыыбын”, Тараҕай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, “Майа – дойдум барахсан” бэлиэ хаһаайката, РФ үөрэҕириитин туйгуна, сцена бэтэрээнэ Валентина Аманатова “Истиҥ, сэмэй сэһэннэрим”,  Баатара нэһилиэгин олохтооҕо, зоотехник идэлээх Дмитрий Захаров “Сыымах мааны дьоно”, СӨ култууратын туйгуна, Ходоро нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Мария Левина “Умнуллубат түгэннэр”, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Мэҥэ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Мүчүк” фольклор ансаамбылын салайааччы Анисия Скрябина “Сүрэххэ сөҥмүт өйдөбүл”  кинигэлэрэ Күн сирин көрдүлэр.

Ыытааччылар бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат, ураты сэргэх хас биирдии ааптар айар үлэҕэ хайдах кэлбитин  сиһилии билиһиннэрдилэр. Инна Николаева-Угинка поэзия жанрыгар сахалыы, нууччалыы тылларынан айымньылаахтык үлэлиир. Суруйааччы ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаан таптал иэйиитин, айылҕа көстүүлэрин иэйиилээхтик арыйар. Оҕоҕо инникитин идэтин сөпкө таларыгар бастакы өйдөбүлү биэрэр, кыра сааһыттан идэ араас көрүҥнэрин билиһиннэрэр, айылҕаҕа харыстабыллаах буоларга, дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыаҥҥа, төрөөбүт тылы таптыырга иитэр суолталаах кинигэлэри бэчээттэппитэ. Бу кини 9-с кинигэтэ буолар. Марфа Попова-Мусьяна Сосина айар үлэтэ кэнчээри ыччаты кэрэхсэбиллээх, бары өттүнэн сайдыылаах киһи гына иитэн таһаарарга  туһуланар. Кини хоһооннорун куонкурустарга элбэх кыттааччы сөбүлээн ааҕар. Саҥа кинигэтигэр саамай биһирэммит хоһоонноро түмүллэн киирбиттэр. Светлана Иванова-Намыына төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа тапталы хоһуйар. Кини 35 хоһооно муусука кэрэ эйгэтигэр бэйэлэрин сүгүрүйээччилэрин булан ырыа буолан көтөн тахсан истээччи биһирэбилин ыллылар. Айталина Кошунова ааҕааччыны толкуйдатар, таайтарыылаахтык суруйар лирическэй хоһоонноро, учуутал идэлээх ааптар буоларын быһыытынан кэрэни кэрэхсииргэ, сырдыкка-үтүөҕэ дьулуһарга иитэллэр-үөрэтэллэр. Кини эрдэттэн иитиэхтии сылдьыбыт иэйиитин хоһоонугар тиһэн түмэ сылдьыбыт. Онтун олоххо киллэрэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон 2 кинигэни таһаартарбыт.  Валентина Аманатова Майатааҕы Үһүс көлүөнэ оскуола литературнай түмсүүтүн салайааччыта. Кини поэзия, проза жанрдарыгар холонор. Ийэ дойдуга, дьиэ кэргэҥҥэ таптал, олох араас көстүүлэрин арыйар айымньылардаах. Мария Левина проза жанрыгар таһаарыылаахтык үлэлиир. Ааптар кэпсээннэрин олоххо буолбут түгэннэргэ олоҕуран суруйар. Кини айымньылара олох бары кыһалҕатын таарыйар, сиэр-майгы өттүнэн иитэр-үөрэтэр өрүттээхтэр. Дмитрий Захаров хоһоон суруйуунан дьарыктаммыта 3 сыл курдук буолла эрээри номнуо икки хомуурунньугу Күн сирин көрдөрбүт. Кини олох бары өрүтүн умсугутуулаахтык хоһуйар. Араас таһымнаах куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар ааптар тэттик кэпсээннэргэ холонор. Анисия Скрябина-Сайда 15 кинигэ ааптара. 40 сыл ыстаастаах култуура бэтэрээнэ саха тылын концепциятын бырагырааматынан үүнэн-сайдан, 1994 с. “Чабырҕаҕы үөрэтии ньымалара” бастакы кинигэтэ тахсыбыт. Ааптар саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын сайыннарыыга утумнаахтык үлэлэһэр, хоһоон, ырыа суруйарга холонор. Бу күн ааптардар айар үлэ аартыгар хаһан, хайдах киирбиттэрин кэпсээтилэр, айымньыларын сырдаттылар, хоһооннорун аахтылар.

Ааптардар Валентина Аманатова, Светлана Иванова, Марфа Попова, Инна Николаева, Айталина Кошунова Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин салалтатын Эҕэрдэ суругунан, Учуутал сылынан “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук сүбэһитэ Августина Владимирова-Хабарова Махтал суругунан, Анисия Скрябина Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын Эҕэрдэ суругунан наҕараадаланнылар, сибэкки дьөрбөтүн туттулар.

Марфа Поповаҕа, Дмитрий Захаровка Баатара нэһилиэгин баһылыгын Махтал суруктара, Мария Левинаҕа Ходоро нэһилиэгин М.Т. Данилова-Хатыҥ Ай аатынан култуура киинин, И.М. Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ кэлэктиибин Эҕэрдэ суруктара, өйдөбүнньүк бэлэхтэрэ, сибэкки дьөрбөтө туттарылыннылар. М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Ольга Дьяконова биир идэлээҕин Мария Васильевна Левина кинигэтин уйадыйа аахпытын, ааптар нэһилиэгэр “Ыллык” диэн литературнай түмсүүнү салайарын, 2022 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 5 сыл устата саамай бастыҥ бибилэтиэкэр аатын ылбыт киһи буоларын сырдатта. Айталина Кошуновалыын оҕо бибилэтиэкэтигэр бииргэ алтыһан үлэлээбитин, ийэтигэр, бибилэтиэкэ бэтэрээнэ Галина Федотовна Ошустановаҕа кыыһа “Сирдээҕи аналын сиэрдээхтик толорон” кинигэ таһаартарбытын, ону сэргэ, бибилэтиэкэни кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэр Марфа Поповаҕа, Инна Николаеваҕа саҥа кинигэлэрэ сүрэхтэммитинэн “Алаас ахтылҕаннаах ырыата” диэн Иннокентий Сосин айар үлэтин, олоҕун сырдатар кинигэлэри бэлэх уунна. Догдоҥо нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Тамара Зыкова биир дойдулааҕар Светлана Ивановаҕа, биир идэлээҕэр Мария Левинаҕа, ааптар Мария Левина саҥа кинигэтигэр уруһуйдарынан көмөлөспүт бибилэтиэкэ худуоһунньугар Елена Татариноваҕа махтанан туран бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

“Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук  эппиэттиир сэкирэтээрэ Марфа Птицына  ааптардарга Махтал суруктары туттарда уонна “Инникитин даҕаны биһиги ааптардарбыт эдэрдэри батыһыннаран, айар куттаах дьону көҕүлээн  кинигэни өссө элбэтэн, улууспут саамай үрдүк чыпчаалга буоллун” диэн эттэ.  Киниэхэ ааптардар Мария Левина, Светлана Иванова, Валентина Аманатова кинигэлэрин эрэдээктэрдээн таһаарбытыгар махтанан туран бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.

“Айар Майа” литературнай түмсүү салайааччыта Елизавета Попова-Баартаах Кырата Инна Николаева хоһоонноругар ырытыы оҥорон, 220 хоһооно киирбит саҥа кинигэтигэр 10 хоһооҥҥо аллитерацияны таба туһанан туттубутун, бу хоһоон айааччы аайы бэриллибэт дьоҕур буоларын  бэлиэтээтэ. 2 тылынан айар суруйааччы сарсыарда аайы батсаап ситиминэн саҥа хоһооннорун ааҕан ыытарыгар махтанарын биллэрдэ. Билиҥҥи кэмҥэ 16 ырыалаах ааптар өссө да элбэх хоһооно ырыа буоларыгар эрэнэрин, түмсүү биир тарбахха баттанар ааптара буоларын сырдатта.

Бу курдук саҥа кинигэлэрин сүрэхтээбит бары ааптардарга истиҥ-иһирэх тыллар ананнылар, инники үлэлэригэр баҕа санаалар  этилиннилэр.

“Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук  сүбэһитэ Августина Семеновна: “Бүгүн И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ олус үчүгэй “Таммахтар” быйаҥнаах күммүт буолла. Ол курдук, “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук 8 ааптардарын саҥа кинигэлэрин сүрэхтээтибит. Салайааччылар Наталья Пахомова, Изабелла Романова, эппиэттиир сэкирэтээр Марфа Птицына биир сүбэнэн үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыттылар. 3 ааптарбыт кинигэлэригэр Марфа Ивановна көмөлөстө. Киниэхэ анаан бүгүн элбэх махтал тыллар этилиннилэр. Итини таһынан ааптардарбыт хоһооннорун аахтылар, кинигэни хайдах суруйбуттарын туһунан кэпсээтилэр, ырыа ыллаатылар. Истиҥ-иһирэх күн буолла. Манна кыттыбыт ааҕааччыларбыт, истээччилэрбит астынан тарҕастылар. Түгэнинэн туһанан, бииргэ үлэлиир «Эркээйибит” эрэдээксийэтигэр, киин бибилэтиэкэ бары үлэһиттэригэр махталбытын тиэрдэбит”, диэн үөрүүтүн үллэһиннэ. Итиэннэ Степан Марков “Таптыырга саас мэһэйдээбэт”, Константин Сосин “Эһээ оҕотобун”, Айталина Кошунова “Үлэлиир тэтэрээт” кинигэлэрэ “Айар” кинигэ кыһатын киоскаларыгар атыыга тахсыбыттарын иһитиннэрдэ.

Оройуон бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ итиэннэ “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук  биир ситимнээхтик үлэлээн маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара айар-суруйар дьоҕурдаах дьону кынаттыыр, айар аартыктарын арыйар күүс буолара саарбаҕа суох. Эдэр салайааччы Наталья Пахомова сыллата саҥа кинигэлэри сүрэхтиир түһүлгэни алтынньы ыйга  ыытары олохтууру иһитиннэрбитин ааптардар ытыс тыаһынан биһирии көрүстүлэр.

Марелла Баишева.