Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Тараҕай нэһилиэгин Араҥас пиэрмэтигэр нэһилиэк баһылыга Юрий Порядин салайааччылаах, кини көҕүлээһининиэн саҥа тутуллубут хотоҥҥо субуотунньук буолан ааста.
Олохтоох үлэһит уолаттарбытыгар көмөлөһөн, нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, нэһилиэк олохтоохторо биир сомоҕо буолан үлэ күргүөмнээхтик, күүстээхтик ыытылынна. Элбэх киһи кыттыылаах, үлэһиттэр олорор дьиэлэрин ханапаакылаан, хомуйан уонна саҥа хотон тула буор кутан, кырааска үлэтин үмүрүтэн «Норуот күүһэ ‒ көмүөл күүһэ» буоларын ситистибит. Эбиэт кэмигэр кэрэ аҥаардарбыт чэй оргутан, миин буһаран үлэһит дьону минньигэс аһынан эбиэттэттилэр.Күммүт туран биэрэн, үлэбит хамсааһына тэтимнээхтик барда. Субуотунньукка кыттыбыт нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр улахан махталбытын тиэрдэбит, инникитин да өссө түмсүүлээх, бэйэ-бэйэбитигэр күүс-көмө буолуоҕуҥ диэн ыҥырабыт.
Табаҕатааҕы олохтоох модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ.