Сахалыы сиэри-туому тутуһан, Хара нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Николаевич, Зинаида Анатольевна Егоровтар аҕа ууһа от ыйын 14 күнүттэн окко киирбиппит.
5 ыал кыттыһан сыспай сиэллээҕи иитэбит. Олорбутугар сыл аайы кыралыын-улаханныын мустан чугас алаастарбытыгар оттуу тахсабыт. Окко тахсыы биһиэхэ улахан үөрүү, үлэ эрэ буолбакка, тэҥинэн араас күрэхтэһиилэри, оонньуулары тэрийэбит, үөрэ-көтө сынньанабыт.
Быйыл икки техниканан үлэлээтибит. Саамай тутаах киһибит Павел Михайлович Пестряков салайар. Уруккулуу эттэххэ «Звеньевод-биригэдьиир», уоннааҕылар бугулу туруоруу, оту мунньуу. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, ардахтар улаханнык мэһэйдээбэтилэр. Аныгы үйэ буолан интернет ситиминэн хаһан ардах түһүөхтээҕин көрөн үөрэтэн, онон сиэттэрэн от охсуутун, хомуйуутун сөп түбэһиннэрэн, ардахха былдьаппатыбыт. Уопсайа 16 га сири оттоон ортотунан 20 туонна оттоннубут. Элбэх буолан үлэни үмүрүттүбүт. Атырдьах ыйын 18 күнүгэр бүттүбүт. Бу сылдьан үтүө дьыаланы оҥорон Хара нэһилиэгин олохтооҕор Пелагея Николаевна Петрова алааһын оттууругар күүс-көмө буоллубут, оттоон, тиэйэн киллэрдибит.
Чугас алаастарбытын бүтэрэн Айалаах сиригэр аҕабыт алааһыгар Кэлтэгэйгэ балаакканан хоно-өрүү тахсабыт. Онно быйыл ыраах сиртэн Ньурбаттан бырааппыт Коколов Николай Уус Алдантан Саргылана, Александр Дегтяревтар кэлэн оттостулар. Оҕолорбут, сиэннэрбит, устудьуоннарбыт күүс көмө буоллулар. Алааспытыгар күрэхтэһиини буоларын курдук Петя Пестряков кэргэнэ Натальялыын иилээн-саҕалаан ыытааччылар, салгын саатынан сыал ытыыта, тыынан устуу араас көрдөөх эстэпиэтэлэр. Сыал ытыытыгар «Алаас чөмпүйүөнэ» Миша Афанасьев буолла. «Алаас хотуна» ‒ Наталья Олесова уо.д.а. Оҕолорго чөмпүйүөннэрбит ‒ Мичил Афанасьев, Слава Олесов. Уу таһааччылар ‒ Эрчим Коколов, Эрэл Коколов. Бары да сэргэхтик үлэлии, хамсана сылдьар дьоммут.
Оттоспут дьоммутугар күһүн идэһэттэн эт өлүүлүүбүт. Алааспытыгар «Капсула времени» диэн тэтэрээттээхпит. 2015 сылтан туох сонун баарын, хас бугул кэлбитин суруйан тиһэн иһэбит. Сыллата тэҥниибит, ааҕарга олус интэриэһинэй эбит.
Бу курдук бары бииргэ оттоон, үлэлээн-хамсаан өссө да сыспай сиэллээхпитин элбэтиэхпит, хороҕор муостааҕы иитиэхпит.
Сардаана Пестрякова