Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сыла
Бу кыра ахтыыбын суруйарбар бэрт өр сыта-тура толкуйдаатым да орун-орун, уурбут-туппут курдук тахсыбата эрээри, бастакы холонууга син барыа дуу диэн эрэнэн туран одоҥ-додоҥ да буоллар аҕам туһунан ахтыыбын бэчээттииргэ сананным.
Биһиги дьиэ кэргэн. Мин оҕо сааһым, оскуолатааҕы сылларым олус да дьоллоохтук ааспыттар эбит. Күн кыһалҕатын билбэккэ, баҕарбытын барыта туолар эриэккэс кэмнэр эбиттэр диэн билигин сыаналыыбын. Ол төрүөтэ мин аҕалаах ийэм миэхэ сыһыаннарыттан, миигин куруук өйдүүллэриттэн буолара чахчы суол.
Ол туоһутунан оҕо сааһым хаартыскалара буолаллар. Алта ыйдаахпыттан миигин араастаан хаартыскаҕа түһэрбиттэр. Ол саҕана хаартыскаҕа түһүү диэн билиҥҥи курдук буолбатаҕа чахчы. Онно миигин таптыыр ийэм, аҕам, эбээм, мин араас оонньуурдарым, кылбачыгас араас киэргэллээх харыйам, хараҕын симэр куукулам тулалыыллар. Мааны да оҕо эбиппин диэн билигин өйдөөтүм.
Онтон бэйэм өйдүүр буолуохпуттан ыла мин дьоннорум наар үлэни өрө туппут дьон этилэр. Сарсыарда эрдэ, киэһэ хойут кэлэллэрин олох кыра эрдэхпиттэн өйдүүбүн. Дьиэбитигэр эбээбит Аньыыскалыын хааларбыт. Ийэм зоотехник буолан наар фермаларга сылдьар быһыылааҕа, ыраах баҕайы сирдэринэн тимир атынан сайын, кыһын атынан барар-кэлэр этэ. Аҕам учууталлаан баран комсомольскай-партийнай үлэҕэ барбыта, наар мунньахтарга сылдьан хойут кэлэрин үйдүүбүн.
Балтым Октя миигиттэн 3 сыл балыс. Кинини куораттан аҕалбыттырын бэрт дьэҥкэтик өйдөөн хаалбыппын. Киэһэ хойут этэ, таҥас сууйбут ууга баар мыыла хабахтарын тэһэ анньа турарбын көрөн эбээм мөхпүтүгэр, ытаан истэхпинэ, эмискэ аан аһылла түспүтэ, ону кытта ийэм уонна аҕам киирэн кэлбиттэрэ. Аҕам туох эрэ суулааҕы остуолга уурбута. Мин ыскамыайкаҕа тахса охсубутум. Арай суорҕаны аспыттара кып-кыра, кып-кыһыл киһи хамсаабыта уонна ытаан барбыта. Ол мин балтым Октя этэ. Ити курдук эдьиий Даша буолан хаалбытым.
Оҕо сааспытыгар бэрт элбэх сиргэ олорбуппут. Ол курдук Бүтэйдээххэ, Өлөчөйгө, Моорук Суолатыгар, Майаҕа, Аммаҕа. Арааһа дьоммут осуоба аҕабын наар партия ыҥырыытынан онно-манна көһөрөллөр эбит. Бу сирдэртэн ордук Моорук Суолатын уонна Амманы дойду оҥостубуппут.
Аан маҥнай айылҕа кэрэтин, саас үрэх уута барарын, ол уу ханна эрэ баран бүтэрин дуу, бүппэтин дуу диэн бастакы санаалары биһиэхэ Суола үрэх биэрбитэ. Аҕам биһигини батыһыннара сылдьан хас от-мас, үөн-көйүүр, хамсыыр-харамай аатын, ханна сылдьалларын, үүнэллэрин кэпсиир этэ. Онтон ыла тулалыыр эйгэни көрө-истэ, кэрэхсии үөрэммиппит буолуо. Биһиги оҕотук санаабытыгар Суолаҕа эрэ күп-күөҕүнэн тэһэ көрбүт таҥара кийиитэ, мап-маҕан кулун ньургуһуна, кып-кыһыл сардаана үүнэр диэн саныыр этибит. Суола үрэх ып-ыраас уутугар мундулар усталларын илиибитинэн тутаары күнү быһа бодьуустаһарбыт. Киэһэ «үрдүк мыраан кэтэҕэр» үрүҥ күммүт түһүүтэ ийэлээх аҕабыт үлэлээн кэлэллэрин балтыбынаан кэтэһэрбит. Суола барыта түптэ сытынан туолара, ынахтар маҕыраһаллара… Абаҕабыт Суоссун Ылдьаа кугас атын миинэн ферматтан кэлэн ааһара, Мэхээс оҕонньор хотуурун таптайара, эбээбит ынахтарын ыыра, Аньыыһыннар уонна Мооруктар оҕолоро лапта оонньоон айманаллара…
Кэлин Майаҕа, онтон аҕабыт Москватааҕы үрдүк партийнай оскуоланы бүтэрбитин кэннэ Аммаҕа көспүппүт. Онно аҕабыт «Коммунизм тутуутугар» хаһыакка редакторынан, кэлин Бөтүҥ орто оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.
Амма биһиги дьоммутугар уонна биһиэхэ иккис дойдубутунан буолар диэхпитин сөп. Ол туһунан аҕам маннык ахтар: «Аммаҕа төрөөбөтөх эрэ киһибин. Таайдарым Окороковтар Амма улууһун Сатаҕай дьоно. 1930 сылтан бэттэх Амма оройуонугар төрөөбүт оҕолор, бэйэлэрин Аммаларбыт дэнэр, Амма улууһун төрүт олохтоохторо буоллулар. Оттон мин дьонум миэхэ бэрт кыра эрдэхпиттэн «Амма диэн баар олус быйаҥнаах, үтүө сирдээх-уоттаах. сайдам сайаҕас санаалаах дьонноох-сэргэлээх үтүө дойду», — диэн бэрт иһирэхтик кэпсииллэрин истэн улааппытым. Бэл оҕо сааһым атаһа Густав Уваровскай Амматтан өрүс тааһын аҕатынан ыыппытын күн бүгүнүгэр диэри күндүтүк саныыбын. Кыра кылааска үөрэнэр кэмнэрбэр Күннүк Уурастыырап Амма туҺунан суруйбут хоһооннорун, ырыаларын ааҕан, ыллаан миэхэ бу эбэҕэ таптал иһирэх иэйиитэ иитиллибитэ.
1941 сыл Аммаҕа аан маҥнай сылдьыбытым. Олус даҕаны сөхпүтүм -махтайбытын. Барахсан киэҥин-куоҥун, уҥуоргу унаарар улахан бырааннарын киһи хараҕа ылар-ылбат ырааҕа, бэрт ыраахтан көҕөрө унааран көстөрө. Халдьыы эҥэр солооһуннарга сэлиэһинэй бурдук сөрүүн тыалга долгулдьуйа хамсыыра. Салгына ыраастан ыраас, халлаана үрдүктэн үрдүк, сырдыктан сырдык. Ол кэмтэн мин Амма эбэҕэ сыл аайы кэриэтэ сылдьабын, манна кэлэ-бара уопсайа аҕыс-сэттэ сыл үлэлээбитим, олорбутум. Дьонун-сэргэтин кытары чугастык алтыспытым. Төһө даҕаны төрөөбүт-үөскээбит Суола үрэхпэр тардыстарбын, Амма эбэни таптаабытым».
Мин балтыбынаан Амма орто оскуолатыгар үөрэммиппит. Мин бу оскуоланы бүтэрэн баран Саха государственнэй университетын историко-филологическай факультетыгар киирэн, үөрэнэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала буолан, Амма аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үлэбин саҕалаабытым. Онтон ыла 44 сыл ааста. Билигин мин академик Л.В. Киренскэй аатынан Амма лицейын дириэктэринэн үлэлиибин, педагогическай наука хандьытаатабын, СР үтүөлээх учууталабын. Кэргэним Семен Семенович Захаров, аатырбыт Сахаачча кыра быраата, төрөөбүт Амматын тупсарын туһугар элбэх таас тутууну тутан, билигин пенсияҕа тахсан олорор. Биһиги дьиэ кэргэн икки уол оҕолоохпут, биэс сиэннээхпит. Балтым Октябрина Иннокентьевна Хабаровскайдааҕы культура институтун бүтэрэн баран өр сылларга Саха Республикатын Национальнай библиотекатыгар научно-методическай отделын салайбыта, билигин ХИФУ научнай библиотекатыгар үлэлиир. Кэргэнэ Алексей Егорович Габышев геолог идэлээх «Анаабыр алмаастара» компания кырдьаҕас геолога. Уоллаах кыыс оҕолоохтор, үс сиэннээхтэр.
Дьоммут кыра эрдэхпититтэн биһиги сиэрдээх киһи буоларга үөрэтэллэрэ. Ол үөрэтии, эн ону оҥор, маны оҥорума диэн буолбатах этэ. Төрөппүттэрбит бэйэлэрин холобурдарынан, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар, дьоҥҥо, сиргэ-дойдуга харыстабыллаах сыһыаннарынан, күннээҕи түбүктээх үлэлэринэн ииппиттэрэ. Төһө да мааны-атаах буолларбыт иһин, кыра эрдэхпититтэн туох барыта сыралаах үлэттэн кэлэрин, бу олоххо тугу эрэ ситиһиэххин баҕарар буоллаххына хайаан да сыал туруорунан, ол сыалгын ситиһэргэ дьаныардаахтык турууластаххына эрэ кэлэрин билэрбит уонна билэбит.
Кинигэлэр. “Кинигэ баар бараммат баай”, — диэн өс хоһооно биһиги дьиэ кэргэммитигэр сөп түбэһэр диэххэ сөп. Хас көстөхпүт аайы эбэһээт хас эмэ куул кинигэ буолар этэ. Билигин ол кинигэлэртэн миэхэ аҕам студенныы сылдьан атыыласпыт хас да кинигэлэрэ бааллар. Олор истэригэр 1959 сыллаахха тахсыбыт Э.К. Пекарскай үс томнаах тылдьыта, С.И. Ожегов, В.Даль түөрт томнаах тылдьыттара, А.С. Пушкин, М.Ю.Лермонтов, Н.В. Гоголь, М.Е. Салтыков-Щедрин эмиэ ити кэмҥэ тахсыбыт талыллыбыт айымньылара бааллар. Истэригэр аҕам илиитинэн суруллубут: “Из книг Иннокентия Сосина”, -диэн. Аҕам ааҕарын, хастыыта да төхтөруйэн кэлэ-кэлэ ааҕарын, оҕо сылдьан дьиибэргии саныыр этим, ону аҕам: “Кинигэ ис хоһооно, аахтаҕын аайы уларыйан дириҥээн иһэр”, — диир этэ. Билигин кырдьык оннугун 44 сыл устата литература учуутала буолан олорон оруннаахтык өйдөөтүм.
Бэрт кыра сырыттахпытына аҕабыт үлэлээн кэлэрин балтыбынаан ээр-сэмээр кэтэһэр этибит. Кини кэллэҕинэ киэһэ чэйдээн баран биһиэхэ кинигэ ааҕар этэ. Кинигэбит сүүрдээх улахан «Сергей Михалков. Наша книга» диэн суруктааҕа. Ол кинигэттэн миэхэ маннык строкалар өйбөр хаалан хаалбыттар: «Шиш-шиш, почему ты на дереве сидишь? Шиш-шиш, потому я на дереве сижу…» Шиш диэн туохтара буоллаҕай, тугу көрөр буоллаҕай диэн муодаргыы саныырбыт уонна киэһэ арааһа Шиш көтөр эбит диирбит. Кэлин билбиппит Шиш диэн мэкчиргэ эбит. Ол мэкчиргэ Суолаҕа ыраах тыаҕа олорор эбит. Ити курдук араас интириэһинэйдэри булан күннээҕи олохпутугар сыһыары тардан кэпсиир этэ. Онтон буолуо оскуолаҕа киирэн баран бэрт дөбөҥнүк ааҕа үөрэммитим уонна туох интириэһиргээбиппин кинигэттэн булар буолбутум. Аҕам эмиэ үөрэтиитинэн үһүс кылаастан дневник суруйар буолбутум, ол дьарыкпын студеннаах бүтүөхпэр дылы бырахпатаҕым. Онно күннээҕи туох буолбутуттан саҕалаан, кэлин ис дууһабар туох буоларын бэрт кичэйэн суруйар этим. Кэлин дьиэ-уот, үлэ-хамнас мэһэйдээн быраҕан кэбиспитим. Баҕар аҕам миигин кэлин тыла-өһө сайдан суруйуо дии санаан, оҥотторбута буолуо… Ону олох күннээҕи күүрээниттэн соло булбатахпыт эбит.
Аҕам кинигэлэрэ. Аҕабыт биэс уонча кинигэни күн сирин көрдөрбүтэ. Кэлин уон сылга кини төһө да бу сиртэн бардар кинигэлэрэ тахса тураллар. Ол буолар биһиги аҕабыт сүппэт-өспөт бу сиргэ өйдөбүнньүгэ! Ол кинигэлэр сорохторун туһунан кыра-кыратык санаан аһыаххайын.
Арай маҥнайгы кылааска үөрэнэ сырыттахпытына биир подругам «Д» буукубаны барбыппытыгар «Даша» диэн суруллубутун көрөн баран: «Эн паапан суруйааччы ол иһин эн ааккын Буукубарга киллэрбиттэр»,- диэтэ. Мин наһаа соһуйдум, ол аата мин аҕам кинигэ суруйар буоллаҕа дуу дии санаатым, ол гынан баран кини кинигэ суруйбат, хаһыат оҥорор диэн эмиэ буккуллан хааллым. Ону учууталбыт Мария Петровна Охлопкова барытын орун-оннугар быһааран биэрдэ. Дьиэбэр тиийэн ханна эрэ «Иннокентий Сосин «Айааннаан иһэн» диэн таһыгар массыына ойуулаах кинигэ баарын көрөөн булан баран: «Уой кырдьык мин аҕам суруйааччы эбит!» — диэн наһаа астынным.
80-90-с сылларга аҕабыт оҕолорго анаммыт хас да кинигэлэрэ тахсыбыттара. Бу кинигэлэр биһиги оҕолорбутун кытта тэҥ саастаахтар. «Тыа саҕатыгар», «Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата», «Ойуурга моҕотой угуйар», «Төрөөбүт ыырдарым» уо.д.а.
«Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата» диэн кинигэ иһигэр манных анабыл сурук баар: «Сиэммэр Кешиккэ эһэҥ кинигэтин көрөн уурар, ааҕар улахан киһи буолуоххар баҕаран бэлэхтиибин. Эһэҥ, автор И.Сосин. Алтынньы 9 күнэ 1983 сыл Амма сэлиэнньэтэ». Бу Кешаҕа (эһэтин аатын ылбыта), улахан сиэнигэр икки сааһын туолаары сырыттаҕына бэлэхтэммит кинигэ. Кеша, Коля, Дуся, Гоша эһээлэрин кинигэлэригэр улааппыт дьон. Саҥа ааҕар буолаат да ити кинигэлэри ааҕан барбыттара. Үчүгэйэ диэн кинигэлэр кыра-кыра кэпсээннэртэн тураллар уонна тыа сирин оҕолоро күннэтэ көрөр олохторо бэрт өйдөтүмтүө баҕайытык суруллаллар.
1995 сыллаахха өссө биир кинигэ тахсыбыта «Остуоруйалаах киэһэлэр» диэн. Ол кинигэ уратыта диэн суруйааччы аны сиэннэрэ күннээҕи олохторуттан суруллубут остуоруйалар буолаллар. Киири тылыгар автор: «Саха сирин биир кэрэ бэйэлээх бөһүөлэгэр икки бырааттыы уолаттар олороллор. Улаханын аата Кешик, кырата Колик диэннэр. Тузик диэн бэртээхэй ыттаахтар, бэрт элбэх оонньуурдаахтар. Ону тэҥэ хаһан да бараммат элбэх кэпсээннээх, араас эгэлгэ үчүгэй ойуулаах-бичиктээх кинигэлэрдээхтэр… Кешик кыра эрдэҕиттэн эһэтэ остуоруйалыырын бэркэ сэҥээрэн истэрэ, быраатыгар кэпсиирэ. Кэлин Колик улаатан, аны хардары-таары остуоруйалаһаллар» — диэн суруйбут. Бу кинигэҕэ эһээбит кыра сиэннэригэр таптала, кинилэргэ эрэлэ көстөр.
«Үйэ аҥаарын чөмчөтөн» диэн 2003 сыллаахха аҕам 75 сааһыгар таһаартарбыт хоһооннорун хомуурунньугун арыйан көрө олорон биир түгэни өйдөөн кэллим. Арай сыбаайба буолла. Биһиги саҥа аймахтарбыт бүлүүлэр тура-тура бэйэлэрин дьоннорун билсиһиннэрэллэр, бары халыҥ аймах эбиттэр… Аны биһиги уочараппыт кэллэ. Онно туран Виталий Андросов (эһээбит быраата) эттэ: «Дьэ доҕоттоор, этиҥ эрэ «Биригэдьиир Марыына» диэн ырыаны билэҕит, ким суруйбутай?» Дьон саастаах өттө: «Билэн-билэн, Иннокентий Сосин ырыата!» — дэстилэр. «Онтон «Мүрү, Мүрү барахсан?» «Ээ эмиэ кини суруйбута», — диэн буолла. «Эдэр ыччат, «Тус-тус хоту, тус-тус хоту» ырыа ким тылларай?» Эдэрдэр буккуллан ылан баран: «Иннокентий Сосин» — диэтилэр. «Бу олорор ити кырдьаҕас, Иннокентий Сосин, кийиит эһээтэ, ити ырыалар ааптардара буолар!» — диэтэ Виталий Тимофеевич. Аҕабыт ити курдук уостан түспэт ырыалар, баһаам элбэх хоһооннор ааптардара буолар. Кини хоһоонноро эчи рифмалара дьүөүрэлэһэллэрин, тыллара-өстөрө хомоҕойдорун, киһи аахтар ааҕа олоруох курдук.
Билигин даҕаны чаастатык “Тэтим” радиоҕа аҕам ырыаларын сотору-сотору биэрэллэрин сороҕор үөрэ, сороҕор санаарҕыы истэбин. Үөрэбин кини ырыалара умнуллубаттарыттан, араас саастаах дьон сэргээн истэриттэн; санааргыыбын аҕам бэйэтэ истибэтиттэн, автор аатын ааттаабаттарыттан, кэлин аҕам аата симэлийэн сүтэн халыа диэн санааттан.
Аҕам 85 сааһын туолаары сылдьан: “Амма туһунан суруйбутум элбэх эбит, ону чөкөтөн кинигэ бэлэмнээтим”, — диэбитэ. Ону оччотооҕу Амма улууһун баһылыга Александр Еремеевич Артемьев көрөн, спонсордаан «Аммаҕа аат ааттаан» диэн кинигэ тахсыбыта, хомойуох иһин бу кинигэ күн сирин көрөрүн аҕам көрбөтөҕө. Кинигэ билигин Амма остуоруйатын үөрэтэргэ биир дьоһун кинигэ буолар.
1984 сыллаахха Дьокуускай кинигэ издательствотыгар «Лена эбэбит кытылларыттан» диэн аҕабыт орто саастаах оскуола оҕолоругар кинигэтэ тахсыбыта. Бу кинигэни бэлэмнии сылдьан, кэлин аҕабыт архивын көрдөххө, бэрт элбэх Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын кытта сирэй көрсөн кэпсэппит, олору блокноттарыгар суруйбут, сорох дьон бэйэлэрин ахтыыларын биэрбиттэр эбит. Рукописьтары көрдөххө маҥнайгы аата «Сүүс саллаат кэпсээнэ» диэн ааттаммыт, кэлин «Лена эбэбит кытылларыттан» диэн буолбут. Бу кинигэ 2021 сыллаахха Амма лицейын учуутала Ноговицына М.Д. оҕолорун кытта проект оҥорон, саҥа тыыннанан иккистээн тахсыбыта. Оҕолор кинигэни ааҕан баран, хас кэпсээн аайы уруһуй оҥоробуттара. Онон билиҥҥи 21үйэ оҕолорун көрүүлэринэн уруһуйдаммыт иллюстрациялардаах, «Сайдам» издательство глянцевай лиистээх, халаҥ хордуон тастаах кинигэ буолан тахсыбыта.
Суола. Миэхэ «Суола» диэн өйдөбүл аан маҥнай Бүтэйдээхтэн саҕаламмыт. Дьонум күлэ-күлэ кэпсиир буолаллара, үс саастаахпар мин ааппын ыйыттахтарына: «Суола кыыһа суон Дашабын», — диир үһүбүн. Ийэм балтынаан, эдьиий Дуунньалыын үрэх кытыытынан күүлэйдии сылдьан, биир дьахтар үрэххэ сууна турарын көрөн: «Мин Суолабар тоҕо атаххын суунаҕын?» — диэн ыйытан дьону соһуппуппун да күллэрбиппин да.
Онтон Өлөчөйгө олорбуппут. Ийэм ханна эрэ бэрт муокас ааттаах Биэкэнэ диэн сиргэ үлэлии барарын өйдүүбүн. Ыраах-ыраах буруо тахсар этэ ол диэки ийэм күн аайы сатыы барара, биһиги эбээбинээн хааларбыт.
Кэлин Моорукка көспүппүт. Суолаҕа наһаа элбэх аймахтарбыт олороллоро, хас биирдиилэрэ бары нууччалыы эттэххэ уникальнай дьон этилэр.
Суоссуннартан самаай кырдьаҕастара Мэхээс оҕонньор, Дибдир Мэхээс, этэ. Биһиэхэ куруук киирэ-тахса сылдьар этэ, наар тугу эрэ дьаһайара. Суола аатырбыт плотинатын туппут мындыр өйдөөх кырдьаҕас этэ. Майаҕа киирдэҕинэ биһиэхэ хоноро, дьонум киниэхэ аҕаларын курдук сыһыаннаһаллара.
Абаҕабыт Ылдьаа кэргэнинээн Шуралыын уонна уолаттарынаан Костялыын Ылдьаалыын Уоһуйаҕа баран истэххэ олороллоро. Наһаа эриэккэс талах олбуордаах этилэр. Ылдьааны дьон бары убаастыыр киһитэ этэ, кини мин ийэм курдук зоотехник идэлээҕэ. Ийэм киниттэн бэрт элбэҕи билбитин диэн билигин да астына кэпсиир. Убайбыт Костя наар биһиэхэ Майаҕа кэлэр-барар сылдьар этэ. Кини наһаа элбэхтик ааҕар этэ. Наар эбээм оронугар бүк түһэн сытан эрэ кинигэ ааҕара, тугу эрэ дьээбэлээҕи кэпсии-кэпсии мүчүк-мүчүк гынара. Билигин Константин Сосин аҕабыт курдук суруйааччы, учуутал, элбэх оҕо тапталлаах аҕата уонна эһээтэ.
Ылдьаалаах тастарыгар Акулина Егоровна, бэрт сэмэй баҕайы биир эдьиийбит олороро. Кини ветеринар этэ. Дьонум кини убайын Тимофей Егорович туһунан кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Улахан сайылыкка самолетунан кэлэн түспүт байыаннай быраас, кэлин аатырбыт хирург, Амма баһыгар муҥурдааҕа ыалдьыбыт киһини саха быһаҕынан операциялаабыт үһү дииллэрэ. Кыыһа Светлана артыыс үөрэҕэр үөрэнэр диэн киэн тутта ахталлара. Оҕо санаабар мин эмиэ артыыс буоларым дуу диэн санаа үүйэ-хаайа тутара.
Аньыыһын Суоссун Суола баар суох соҕотох фельдшерэ этэ. Элбэх баҕайы оҕолордооҕо, бары көхтөөх баҕайытык бииргэ сылдьаллара, эдьиийдэрэ Галя бырааттарын наһаа үчүгэйдик биэбэйдиирэ. Мин кини курдук эдьиийдээҕим буоллар диэн наар саныыр этим. Билигин Суолаҕа барар-кэлэр дьоммут Артем Анисимович уонна Марфа Дмитриевна буолаллар.
Аттыбытыгар Мооруктар олорбуттара. Кинилэр кыра кыыстарын Настааны кытта куруук бииргэ оонньуурбут. Настаа миигиттэн арааһа аҕа буоллаҕа буолуо, кини оскуолаҕа барбытын өйдүүбүн. Мин кинини кэтэһэн өөр да өр оскуола таһыгар олордохпуна учууталлар оскуолаҕа киллэрэн: «Куурусса хас атахтааҕый? Онтон остуол?» — диэбиттэригэр, бастаан икки онтон түөрт тарбахпын остуолга тирээбиппэр, учууталлар кµлсэн тоҕо барбыттарын өйдүүбүн.
Мария Семеновна Ермолаеваны кытта, сирэйигэр бэс үүммүт мыраанын кэтэҕэр отоннуу барар этибит. Онно аан маҥнай икки ап-араҕас арыынан сотуллубут курдук тэллэйи булбуппар, Мария Семеновна бу тэллэйдэр масленок диэн ааттаахтар, киһи сиир тэллэйдэрэ диэн эппитэ. Мин хап сабар ылан кырачаан биэдэрэбэр укпутум. Онтон мырааны сирэйинэн сүүрэн түһээри төкүнүйэн отоммун тоҕон, тэллэйдэрбин сүтэрэн хомойдум да этэ. Мария Семеновна оскуолатыгар пришкольнай учаастагы тэрийэн, Суола дьонун оҕуруот аһын олордорго үөрэппит киһи буолуо дии саныыбын.
Никитин Уйбаан наар биһиэхэ киирэр этэ. Кини ол кэмҥэ наһаа да үчүгэй олбуордааҕа. Дьиэтин таһынааҕы хатыҥнара бары палисадникка тураллара. Уйбааны тоҕо эрэ наар тыаҕа мас мастыыр киһи курдук саныырым. Ол иһин буолуо мас эрбээтэхтэринэ эрбии: «Уйбаан тыаҕа, Уйбаан тыаҕа», — диир курдуга. Дьоммор инньэ диэбиппэр: «Бу да кыыс»,- диэбиттэрэ. Онтон аҕам, мин дорҕоонтон тыл таһаарбыппыттан олус астыммыт быһыылааҕа, хойукка дылы кэпсиир этэ.
Сайын аайы кырдьаҕас убайбыт Спиридон Иванович дьаһалынан Суоссуттар Мохсоҕоллоох мырааҥҥа тахсар этибит. Майаттан барыбытын убайбыт Метеор (Дмитрий Спиридонович) массыынаҕа тиэйэн Киис тиэрбит сайылыкка илдьэрэ, онно Суола эҥэр аймахтар, Табаҕаттан Баһылай, Уйбаан Суоссуннар кэлэллэрэ уонна бары мырааны дабайарбыт. Онтон Суолабытын көрөн сөҕөрбүт, махтайарбыт. Арааһа Спиридон Иванович маннык дьонун хомуйан, кэпсэтэн, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрэрэ эбитэ буолуо. Онтон биһи оҕо-дьон Суолаҕа сөтүөлээн, аарыма улахан тииттэр быыстарыгар саһа оонньоон, Мохсоллооҕу дабайан, астынар этибит уонна Суоссуттар элбэхпит да эбит, бу олоххо бары айа-тута сылдьар үгүс үтүө да дьонноох эбиппит диэн өйдөбүл биһи оҕо сүрэхпитин үөрүүнэн толороро.
Майаҕа көһөн баран, Суолаҕа үксүн сайын саҕаланыыта тиийэрбит… Ол иһин буолуо дуу, саҥа тыллан эрэр айылҕа, кэрии тыаҕа күнү быһа кэҕэ этэрэ, күп-күөх, ап-араҥас, мап-маҕан сибэккилээх хонуулар — бу айылҕа тыллар кэмэ Суолаҕа эрэ баар диэн хойукка дылы саныырым. Билигин да бу кэмҥэ Суолаҕа тиийбит киһи, баҕар ол ааспыт дьоллоох оҕо сааһым төннүөн курдук санаан ааһабын.
Кэлин Аммаҕа көспүппүт кэннэ, аҕам наар айаннаан истэхпитинэ, Амма систэрин түһэн, Хоҥхоойукуну аастарбыт эрэ: «Мантан биһиги Суолабыт саҕаланар»,- диэн баран, ким ханна олорбутун, алаастар туох диэн ааттаахтарын, ханнык түбэлтэлэр буолбуттарын кэпсиирэ. Сороҕор массыынаны тохтотон: «Ити күөл аннараа өттүгэр, оннук тиит баар, баран көрүөххэйин!» — диэн буолара. Ити курдук кини төрөөбүт дойдутун билэрэ, таптыыра, ол тапталын биһиэхэ иҥэрэрэ. Ол сылдьан, кэлин бэйэм оҕолорбор кэпсиэм диэн санаа олох да киирбэт этэ, куруук аҕам батыһыннара сылдьан кэпсиэ диэн оҕотук санаалаах эбиппин…
Аҕам архыыбын бэрийэ олорон…
Үһүс сылын балтыбынаан икки аҥы үллэстэн аҕабыт кумааҕыларын бэрийэбит. Көр онно, матырыйааллар араастаан көстөн кэлэллэр, сороҕор сүтэн хаалаллар дьэ дьикти. Бу аҕыйах хонуктааҕыта, «Кэскил» хаһыакка матырыйаал көрдүү сылдьан бэрт сэдэх докумуоннары булан соһуйдум да үөрдүм да. Олор истэригэр аҕам устудьуоннуу сылдьан сахалыы тыллар суолталарын суруйбут тэтэрээтэ, күн-дьыл туһунан бэлиэтээһиннэрэ, Төҥүлү оскуолатыгар 1958 сыллаахх үлэлии сылдьан «Амма Аччыгыйа “Сынньалаҥҥа» — диэн кэпсээнин сэттис кылааска үөрэтии» диэн методическэй разработката, Бөтүҥ оскуолатыгар «Сардаҥа» диэн литературнай куруһуок илиинэн суруллар альманаҕа, Мокваҕа ССКП Үрдүкү партийнай оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан суруйбут бэлиэтээһиннэрэ… Блокноттар быыстарыгар «Мэттэкэ-тэттэкэ Миитэрэй» хоһоон хас да редакцията бааллар эбит. Чехословакияҕа бара сылдьан, хайдах баһаартан дьону быһаабыттарын туһунан «Советская Россия» от ыйын 24 күнүгэр 1960 сыллааҕы номерыттан кырыллыбыт заметканы онтон да атын бэрт сэдэх уонна интириэһинэй докумуоннары буллум.
Аны аҕабыт айымньыларын нууччалыы тылбаастыахха диэн соруммуппут ыраатта. Бу сайын «Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата» диэн кинигэтин баҕар нууччалыы тылбаастыахпыт диэн уонна саҥаттан таһаарыахпыт диэн Майатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын оҕолоругар (салайааччы Константинова А.М.) бу айымньы кэпсээннэринэн уруһуй оҥотторбуппут. Сорох кэпсээннэрин бөрөбүөттээбитим да барыта кыаллыа суох дии сырыттахпына, архыыппытыттан аҕыйах хонуктааҕыта машинканан бэчээттэммит бөрөбүөтү булан ыллым.
Онон кэлэр да өттүгэр аҕабыт Иннокентий Михайлович Сосин дьоҥҥо-сэргэҕэ суруйан хаалларбыт айымньыларынан эргиллэ туруо диэн эрэх санаалаахпыт.
Дария Иннокентьевна Захарова,
И.М. Сосин улахан кыыһа,
академик Л.В. Киренскэй аатынан Амма лиссиэйин директора,
Саха Республикатын үтүөлээх учуутала,
Педагогическэй наука кандидата,
Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо