Сүгүрүйэбит, хорсун саллаакка…

Бу дьыл, сэтинньи ый 9 күнүгэр Ем.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна культураларын көрдөрөр холбоһуктаах Саха музейын тиэргэнигэр баар балаҕаҥҥа Аҕа дойду сэриитин кыттыылаҕа, «Кыһыл Сулус орден кавалера, хорсун сэрииһит Яков Дмитриевич Левиҥҥэ аналлаах «Умнубаппыт, махтанабыт, сүгүрүйэбит…»диэн Кэриэстэбил күнүгэр хаан — уруу аймахтара, сиэннэрэ, биир дойдулаахтара мустан убайбытын ахтан — санаан аастыбыт.*

*Яков Дмитриевич Левин 1917 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Тараҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.Оҕо сааһа кэрэ айылҕалаах Мыла үрэҕинэн, Сииги Үөт сайылыгынан ааспыта.Левиннэр аймах, ол иһигэр биһиги аҕабыт Савва Михайлович дьоно арҕаа, ыаллыы алаастарынан, Мыланан,Ньааранан, Сис Күөлүнэн ууһаан — тэнийэн олорбуттара.Яков Дмитриевичтаах эһэлэрэ Левин Федор Семенович 4 уоллаах эбит — Иван, Федор,Семен, Дмитрий* *Левиннэр.Мин Яков Дмитриевич дьонун туһунан сырдатыаҕым.*
*Аҕалара Дмитрий Федорович Левин (1893 с.т), ийэлэрэ Александра Семеновна, (1899 с.т.) диэн сытыары — сымнаҕас майгылаах, туруу үлэһит дьон этилэр.*
*Бииргэ төрөөбүт 8 оҕоттон*
*улаханнара Яков*
*Дмитриевич.Кини Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин уруйдуу төрөөбүт эбит. Татьяна Дмитриевна диэн — 1919 с.т.балта Никаноров* *Прокопий Иванович диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Наахараҕа олохсуйбуттара.2 уол оҕону* *ииппиттэриттэн биирэ эдэр сааһыгар олохтон барбыт, иккис уоллара Петр Гермогенович Григорьев — Табаҕаҕа олорор, кэргэннээх, оҕолордоох,* *сиэннэрдээх.*
*Левин Петр Дмитриевич -1926 с.т., кэргэнинээн Татьяна Иннокентьевналыын Табаҕаҕа олорбуттара, 4* *оҕололоммуттара сиэннэрдээхтэр.*
*Ийэлэрэ Өлөксөөс ыалдьан өлбүтүн кэннэ аҕалара Миитэрэй кэлин иккистээн* *Иванова Мария Ивановна диэн (1904 с.т) Чүүйэ дьахтарын кэргэн ылан, 5* *оҕоломмуттар.*
*Левин Николай Дмитриевич — (1932 с.т.) кэргэнинээн Софья* *Дмитриевналыын дойдуларыгар Табаҕаҕа олорбуттара, 7 оҕолоохторо,* *сиэннэрдээхтэр.*
*Надежда Дмитриевна — Улахан Наадьа, (1937 с.т.) кэргэнинээн Ефремов Перегрин Николаевичтыын Табаҕанан, Тиэлигинэн* *олоробуттара, 6 оҕололоммуттара, сиэннэрдээхтэр.*
*Варвара Дмитриевна — 1943 с.т.Чирков Михаил* *Константинович диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Абыйга олохсуйан 5 оҕоломмуттара,* *сиэннэрдээхтэр.*
*Кэргэнин аҕата Константин Чирков диэн норуокка биллэр улахан эмчит, ойуун этэ,*
*Яков Петрович (иитиллибитинэн) убайа сэриигэ өлбүтүн кэннэ 1945 төрөөбүт, кэргэнинээн Анисия* *Дмитриевналыын (биллэр көрбүөччү этэ) Дьокуускайга олохсуйан, 7 оҕоломмуттара, сиэннэрдээхтэр,*
*оһоҕос түгэҕинээҕи кыыстара Надежда Дмитриевна — Кыра Наадьа (1949 с.т.)* *кэргэнинээн Никифоров Владимир Ипатьевичтыын 2 уол оҕоломмуттара, Майаҕа* *олорбуттара,*
*сиэннэрдээхтэр.*

*Дьаакып, саҥа ыал буолбут эдэр киһи, 1941 сыллаахха Чурапчы военкоматыттан бэбиэскэ тутан хомуурга ыҥырыллан барарыгар кэргэнэ Ольга Егоровна* *(Чичаховтар кыыстара) аҕыйах ыйдаах ыарахан хаалбыт.Атаарааччылар Бэстээххэ тиийэ* *атаарбыттар диэн кэпсииллэр.1942 сыллаахха уоллара Ыстапаан төрөөбүт.Аҕата уол оҕоломмутун билбэтэх да буолуон сөп, суруйсубуттара биллибэт.Ольга кэлин иккиһин кэргэн тахсан кыыстаммыт, онон Ыстапаан балтылаах* *эбит.Ол Надеждаттан уоллаах кыыс оҕо хаалбыт.*
*Дьаакып 2-с Украинскай фроҥҥа воздушно — десантнай дивизия* *стрелковай ротатыгар сэриилэспит.1943 сыл, ахсынньы ый 19 күнүгэр кимэн киириигэ баһыйар элбэх ахсааннаах уонна байыаннай техникалаах өстөөхтөртөн кэннилэринэн чугуйбакка,* *алдьархайдаах уоту ортотунан хорсуннук сэриилэһэн, элбэх өстөөҕү сууһараннар, ахсынньы ый 30 күнүнээҕи 6 с гвардейскай ВДД подразделениетын хамандыырын бирикээһинэн рядовой Левин Яков Дмитриевич бойобуой* *доҕотторун кытары «Кыһыл Сулус» орденынан наҕараадаланарга түһэриллибит. Кини ити наҕараадатын ситэн ылбакка, 1944 сыллаахха, тохсунньу ый 2 күнүгэр* *Кировоградскай уобалас Аджанскай оройуонугар, Николаевка дэриэбинэтин таһыгар кыргыһыыга геройдуу* *охтубутун туһунан биллэрии кэлбит. Аҕата сэриигэ сырыттаҕына төрөөбүт соҕотох уола Ыстапаан ити курдук тулаайах* *хаалбытын кэннэ ийэтинэн аймаҕа, Чичахов Дмитрий Иннокентьевич (Массаан) уонна Матрена Васильевна иитэннэр, үөрэнэн киһи — хара буолбут.Бу амарах санаалаах үтүөкэн дьон элбэх тулаайаҕы, аймах дьоннорун оҕолорун бэйэлэригэр ылан көрбүттэр — харайбыттар.Ыстапаан оҕо эрдэҕиттэн ырыаҕа — тойукка, уруһуйга дьоҕурдаах эбит. Оччолорго Табаҕа оскуолата ситэтэ суох буолан, салгыы Бүтэйдээххэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрэр.Ытык иэһин төлөөн, Владивостокка, Тихоокеанскайдааҕы байыаннай флотка 4 сыл сулууспалаан, (оччолорго кэпсэммэт атомнай подводнай флот) онно буочара үчүгэй буолан үксүн суруксуттаабыт.Борис Федорович Неустроев- Мандары кытары бииргэ сулууспалаабыт эбит. Дойдутугар төннөн кэлэн Дьокуускайдааҕы культурнай — сырдатар училищеҕа үөрэммит.Амма Бөтүҥүгэр кулуупка ананан үлэлии сылдьан олоҕун аргыһын, Артемьевтар диэн ыал биир мааны кыыстарын көрсөн, сөбүлэһэн,ыал буолан Бөтүҥҥэ олохсуйаллар. 1970 с.Табаҕаҕа, Араҥас сайылыкка кинилэр сыбаайбаларыгар дьоммун батыһан сылдьан турардаахпын.Оччолорго кыра да буолларбын, кийиит үчүгэйин, кыраһыабайын сөҕө көрбүппүн умнубапппын.Степан Яковлевич өр сылларга кулууп директорынан, ол быыһыгар үчүгэйдик уруһуйдуур буолан худуоһунньук* *-декораторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.Бэйэтэ ыллыыр — туойар буолан уус — уран самодеятельность активнай кыттааччыта этэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитигэр тиийэ үүммүтэ.Бөтүҥнээҕи норуот*
*айымньытын*
*дьиэтигэр Левин С.Я.аата*
*иҥэриллибитэ элбэҕи этэр. Кэргэнэ Матрена Петровна Бөтүҥ орто оскуолатыгар история уонна обществоведение учууталынан үлэлээбитэ, завучтуу сылдьыбыта.3 оҕоломмуттара, 40 сыл бииргэ эйэ дэмнээхтик, киһи эрэ холобур туттар дьоһун олоҕу* *олорбуттара.*
*Нэһилиэк ытык ыаллара этэ.Убайбыт 1980 с. аҕата көмүс уҥуоҕа көмүллэ сытар сиригэр дойдутун буорун илдьэ баран, сүгүрүйэн* *кэлбитэ.Бу күҥҥэ тиийбэтэҕэ хомолтолоох.2006 с.ыам ыйын 8 күнүгэр, 64 сааһыгар олохтон барбыта.2015 сыллаахха, Кыайыы 70 сылыгар «Вспомнить всех поименно» диэн волонтерскай хамсааһын өҥөтүнэн* *электроннай архивтан көстүбүт материаллартан сиэнэ Владимир Степанович, балта Надежда Дмитриевна уонна сиэн быраата Левин Бүөтүр — Силис Ситим — Бүөтүр уола ирдэһэннэр, 79 сыл буолан баран бу наҕараада — Кыһыл Сулус орден туттарылыннаҕа.Манна Россия байыаннай историческай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатыгар үлэлэһэр Бугаев Николай Дмитриевич көмөтө улахан.Дьэ, ити курдук Үрдүк наҕарааданы 2022 сыллаахха, ыам ыйын 9 күнүгэр, Кыайыы* *болуоссатыгар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев хорсун буойун сиэн уолугар Владимир Левиҥҥэ үөрүүлээх быһыыга — майгыга туттарбыта олус долгутуулаах этэ.Ити сыл сайыныгар, ыһыах күн Табаҕаҕа, музей дьиэҕэ Надежда Дмитриевна убайыгар* *Я.Д.Левиҥҥэ анал стендэ оҥорон туруорбута.Олохтоохтор, аймахтар ол арыллыытыгар сылдьыбыппыт.*

*Оттон бу түмсүүбүт Яков Дмитриевичка мрамор таастан өйдөбүнньүк мемориальнай дуоска оҥоһуллубутун төрөөбүт алааһыгар таһаарыах иннинэ буолла.*
*РФ үөрэхтээһинин ветерана, СӨ культуратын туйгуна,Мэҥэ Хаҥалас улууһун культуратын бочуоттаах үлэһитэ Надежда Дмитриевна — Эрэлийэ Эдьиий, сахалыы сиэринэн* *көмүлүөк оһоҕу уматан Аал уот иччитин сылгы сиэлинэн сыт таһааран, илгэлээх үрүҥ аһынан, арыылаах алаадьынан айах тутан күндүлээн баран мустубут дьоҥҥо убайын, төрөөбүт алааһын, дьонун — сэргэтин туһунан кэпсээбитэ.*
*Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан тумус туттар биир дойдулаахтарбыт,РФ уонна СӨ культураларын үтүөлээх үлэһитэ, Россия музейдарын Сойууһун* *Бочуоттаах чилиэнэ, СӨ Ытык сүбэтин чилиэнэ Саха түмэлин сүрүннүүр научнай үлэһитэ Егор Спиридонович Шишигин, СӨ үтүөлээх зоотехнига, РФ уонна СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна,* *»Гражданскай килбиэн» Бэлиэ хаһаайына, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна 7 нэһилиэк Бочуоттааҕа,Россия суруналыыстарын сэбиэтин чилиэнэ,Лаврентий Николаевич Романов,* *аймахтарыттан эдьиийбит,САССР үтүөлээх учуутала, тыыл уонна үлэ ветерана, учууталлар учууталлара Мария Самсоновна Маркова,РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ,СӨ үөрэҕириитин туйгуна,Тараҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Матрена Самсоновна Маркова, РФ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ ветерана Мария Прокопьевна Романова, учуутал, үлэ ветерана Анна Федоровна Левина, оҕо уһуйаанын иитээччитэ Вера Николаевна Местникова, СӨ культуратын туйгуна Анна Константиновна Егорова, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина, 2012 сылтан 2022 сылга диэри Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгынан үлэлээбит, СӨ Үбүн министерствотын үлэһитэ Николай Прокопьевич Старостин, Левин Бүөтүр — Силис Ситим — Бүөтүр уола, Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, физрук идэлээх Юрий Васильевич Романов, Ньургун Владимирович Никифоров кэргэнэ, оҕо уһуйаанын иитээччитэ идэлээх Зинаида Семеновналыын,кинилэр уоллара, «Мой гаджет»диэн маҕаһыыннар ситимнэрин ген. директора Владимир Нюргуянович, Россия байыаннай историческай уопсастыбатын чилиэнэ Николай Дмитриевич Бугаев, РФ уонна СӨ суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ,Н.А.Кондаков аатынан «Саха» НКИХ бириэмийэтин лауреата Афанасий Николаевич Попов, Саха политехническай лицей технологияҕа учуутала,СӨ норуот уус — уран оҥоһуктарын маастара Савва Александрович Левин, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, муосчут Егор Петрович Саввин кэргэнинээн, иис — уус маастара Валентина Саввичналыын. Тэрээһини иилээн — саҕалаан ыытта — Яков Дмитриевич кэргэнинэн хаан — уруу аймаҕа, Дьокуускай куорат 12 с нүөмэрдээх оскуолатын тэрийээччи педагога, Айталина Валерьевна Арчахова.Сандалы тула олорон ааспыты ахтыһан, ирэ — хоро кэпсэтэн, аҕам саастаах дьоммут кэс тылларын, баҕа санааларын эдэрдэрбит иһиттэхтэрэ.Айар куттаах Валентина Саввина — Оһуордаах «Өбүгэм сирэ» диэн бэйэтин хоһоонун ааҕан, Уххан тылларыгар, Сиэн Тиитэп матыыбыгар «Үөрүҥ, үрүҥ күн сырдыгыттан» диэн ырыаны ыллаан мустубут дьону эҕэрдэлээтэ.Кэлбит дьон сиэн уол Владимиртан уонна Надежда Дмитриевнаттан өйдөбүнньүк илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн — көтөн тарҕаспыттара. Бу маннык көрсүһүүлэр инникитин даҕаны салҕананан бара турдуннар, кэнэҕэс кэнчээри ыччаты түмэр уонна сомоҕолуур үтүө түмүктээх буоллуннар.*

*Яков Дмитриевич сиэннэрин билиһиннэрэр* *тоҕоостоох.*
*Улахан уол Дмитрий Степанович Левин «Бөтүҥ тыа хаһаайыстыбатын кооперативын салайааччыта, кэргэнэ Варвара Ивановна МБДОУ «Радуга» диэн оҕо сайдар киинин методиһа,* *солбуйааччы директора, 4 оҕолоохтор.*
*Улахан уоллара Дмитрий кэргэнинээн Александралыын Иркутскай куоракка олороллор ИТ эйгэтигэр үлэлииллэр.*
*Кыыстара Нария Дьокуускай куоракка «Новый регистратор» АО филиалыгар директоры солбуйааччынан үлэлиир.*
*Орто уол Яков АГАТУ Информационнай технология колледжын студена.*
*Кыра уоллара Айсен Амматааҕы Л.В.Киренскай аатынан лицей 4 кылааһын үөрэнээччитэ.*

*Кыыстара Наталья Степановна Левина — Романова Амматааҕы «Күөх ыллык» диэн чэбдигирдэр кииҥҥэ сиэстэрэнэн үлэлиир.*
*Кэргэнэ Павел Аполлонович Романов — дьиэ кэргэн бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта.*
*4 оҕолоохтор, 4 сиэннээхтэр.*
*Улахан уол эһэтин аатын ылбыт Степан Левин пединституту бүтэрэн Бөтүҥ орто оскуолатыгар үлэлиир, ону таһынан сылгынан бэйэтэ бааһынай хаһаайыстыбалаах.Кэргэнэ Анастасия бухгалтер идэлээх, 2 эмдэй — сэмдэй Лиана уонна Юлианна диэн кыыс оҕолоохтор.*
*Иккис оҕолоро, соҕотох мааны кыыстара Туйаара пединститутка үөрэнэр, кэргэнэ Айаан урбаанньыт.Васильевтар Арыйаан уонна Айыллаана диэн уһуйааҥҥа сылдьар кыра* *уоллаах кыыс* *оҕолордоохтор.*
*Орто уоллара Айаал Дьокуускай куоракка 7 кылааска үөрэнэр,кыра уол Алик Бөтүҥ орто оскуолатыгар 3 кылааска үөрэнэр, олоҥхонон үлүһүйэн дьарыктанар.*

*Кыра уол Владимир Степанович Левин Дьокуускай куоракка олорор, идэтинэн худуоһунньук — скульптор, урбаанньыт.Кыра кээмэйдээх скульптуралартан, кубоктартан, чорооннортон саҕалаан монументальнай оҥоһуктарга, памятниктарга тиийэ оҥорор.2016 с. аҕатын бюһун Культура киинигэр кини аатын иҥэрэргэ оҥорбут, 2018 с.дойдутугар Бөтүҥҥэ Лөглү Бөҕөнү, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар аналлаах* *памятнигы,Ф.Потапов аатынан Норуот айымньытын киинин таһыгар «Сардаана» фонтаны, 2020 с.Хаҥалас улууһугар скульптор Николай Чоччасовтыын «Саллаат»диэн* *памятнигы оҥорон туруорбуттар.Үлэлэрин үрдүктүк сыаналаан «Амма улууһун уран ууһа» диэн Бэлиэнэн, элбэх Махтал суруктарынан,Бочуотунай грамоталарынан наҕараалаламмыта.Кэргэнинээн Наталья Александровналыын 4 оҕолоохтор.Билигин сакааһынан үлэлиир, айар үлэтин үгэнигэр сылдьар.*

*Сэрииттэн эргиллибэтэх Яков Дмитриевич соҕотох уолуттан ууһаан — тэнийэн билигин сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһэлэрин үтүө аатын сырдык сулус оҥостон бу олох хаамыытыттан харыс да хаалбакка эрчимнээхтик хардыылаан иннилэрин хоту баран иһиэхтэрэ диэн бүк эрэллээх суруйуубун түмүктүүбүн.*

Валентина Саввина — Оһуордаах, СӨ уус уран оҥоһуктарын маастара, «Айар Кут» Сойуус чилиэнэ.

15.11.23.Дьокуускай к.