Станислав Иванов «Хорсун-хоодуот Хатан Боотур» олоҥхото электроннай аудио-кинигэ буолан таҕыста

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Уруйдан, Улуу Олоҥхо, Манчаары дойдутугар!” Олоҥхо ыйын тэрээһиннэрэ тиһигин быспакка күннэтэ киэҥ далааһыннаахтык ыытылла тураллар.

Олоҥхо ыйын биир бэлиэ тэрээһининэн «Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ» оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин алгыстаах түһүлгэтигэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын мэтэдьииһэ, олоҥхону толорооччу ыччат, СӨ Дархан оһуокайдьыта, «Саха» НКИХ тэрийэн ыыппыт “Олоҥхо Баттл-2023” күрэс кыайыылааҕа Станислав Иванов “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотун  электроннай аудио-кинигэтэ Күн сирин көрбүт үөрүүлээх дьоро киэһэтэ буолла.

Кинигэ сүрэхтэниитин тэрээһинин эдэр алгысчыт, олоҥхону толорооччу Нуораҕана нэһилиэгиттэн Денис Оконешников арчылаата, алгыстаата, саха сиэринэн, төрүт үгэһинэн арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустубут ыалдьыттары айах туттулар. Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Иванова “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхо сүрэхтэнэр киэһэтин иилээн-саҕалаан ыытта. И.М.Сосин аатынан улуус киин бибилэтиэкэтиттэн Марина Трифонова саҥа тахсыбыт олоҥхоҕо ырытыы оҥордо.

Олоҥхо ааптарын, олоҥхоһут  Станислав Иванову дьоро киэһэтинэн муниципальнай оройуон баһылыгын социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, уһуйааччыта Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүүтүн норуот уус-уран култууратыгар хаапыдыратын салайааччы, доцент Зоя Стрекаловская, Станислав биир дойдулаахтарын аатыттан Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга Семен Каратаев, Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин кээлэктиибэ, “Манчаары ыччаттара” ыччат олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө, о.д.а. эҕэрдэлээтилэр.

Дьоро киэһэни Аксинья Степанова алгыс тойугунан, “Дьиэрэй” фольклор бөлөҕө (салайааччы Мария Иванова)  кырыымпаҕа оонньоон, Аллараа Бэстээх М.Е.Попов аатынан орто оскуолатын фольклорга бөлөҕө (Саргылана Мохначевская) ыллаан-туойан, Аллараа Бэстээх 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын уолаттара (Анна Гоголева) хоһоон ааҕан киэргэттилэр. Түмүккэ Станислав Иванов бэйэтэ суруйан сурдьугунаппыт “Хорсун-хоодуот Хатан Боотур” олоҥхотуттан быһа тардан олоҥхолоон иһитиннэрдэ уонна кэлбит ыалдьыттарыгар, доҕотторугар-атастарыгар махтал тылларын биллэрдэ, сахалыы астаах-үөллээх малааһын мааны сандалытыгар ыҥырда.

 

Айта Васильева,

«Гаврил Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтэ» оройуоннааҕы норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта.