Балаҕан ыйын 14 күнүгэр ‒ Сэмэнэп күн Моорук сэбиэтин 8 сыл таһаарыылаахтык салайбыт, буойун учуутал,кыраайы үөрэтээччи, музейы тэрийээччи,киэҥник биллэр Шишигиннэр аймах амарах аҕалара Спиридон Васильевич Шишигин төрөөбүтэ 100 сыла туолла.
Кини Тараҕай нэһилиэгэр 1923 с төрөөбүтэ. Аҕата Баһылай Шишигин, ийэтэ Өлөксөөндүрэ Керемясова уолларыгар биир сыл иннинэ үрүҥнэртэн ытыллыбыт маҥнайгы комсомолец, убайын Спиридон аатын биэрбиттэр. Бүтэйдээх 7 кылаастаах оскуолатын туйгуннук үөрэнэн 1938 с бүтэрбит. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн сэрии иннинэ дойдутугар Табаҕаҕа учууталлаабыта. 1942 с бэс ыйыгар тылланан 19 с саастаах уол сэриигэ барбыта. Гвардеец,пулеметчик Украинаны босхолооһуҥҥа ыараханнык бааһырбыта. 1944 с. этэҥҥэ сэрииттэн эргиллэн Табаҕаҕа, Мас Булгунньахха история, география учууталынан үлэлээбитэ. Табаҕа оскуолатыгар завучтуу, дириэктэрдии сылдьыбытын үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэрэ амарахтык,махтана ахталлар. Хомуньуус уһуннук партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн, агитаторынан,лекторынан үлүмнэһэ үлэлээбитэ. Нэһилиэгин историятын үөрэппитэ, К.К.Байкаловы үйэтиппитэ, мусуойу тэрийбитэ. Биһиги түөлбэ биир эрдэтээҥи кыраайы үөрэтээччитэ. 1965 с. Моорук сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта. Өлөчөйү, Мооругу, Абалааҕы, Табаҕаны, Бүтэйдээҕи хабар бөдөҥ нэһилиэги 8 сыл 3 ый таһаарыылаахтык, сатабыллаахтык салайбыта умнуллубат, ытыктанар. Салайар үлэҕэ элбэх сыратын биэрбитэ, сатабылын анаабыта үлэтэ түмүктэрдээх этэ. 1973 с. диэри Моорук сэбиэтэ оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ сопхуоһун курдук инники күөҥҥэ сылдьыбыта.
Спиридон Васильевич кэргэнэ Аргунова Зоя Николаевна, Бүтэйдээх Алаас Аргуновтарын кыыһа. Шишигиннэр 6 оҕолоохтор. Аҕаларын, ийэлэрин аатын ааттатар бары өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьон. Улахан уол Алексей Бүтэйдээх оскуолатын выпуснига. Тутар этэрээт биллиилээх, мэтээллээх хамандыыра. Чурапчыга баартыйа оройкуомугар, Дьааҥыга милииссийэҕэ үлэлээбитэ. Ил Түмэн дьокутаата. Аҕатын идэтин ууһаабыт Егор историческай наука хандьыдаата, Бүтэйдээх выпуснига. Саха сирин киин мусуойун салайбыт РФ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол аҕатын аатынан Спиридон Хаҥалас улууһугар улахан учуутал, дириэктэр. Аан дойду кылаастаах виртуоз хомусчут. Кыргыттартан улаханнара Ульяна Бүтэйдээх оскуолатын учууталынан, организаторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Аҕатыгар үөрэнэн күүстээх саахыматчыт, тириэньэр. Кэргэнэ Антон Гаврильевич Борисов Бүтэйдээххэ историктаабыта. Иккис кыыс Агния пионерия бэтэрээнэ. Хомусчутунан, хомус уһуйааччытынан киэҥник биллэр. Кыра уол Николай идэтинэн историк, талааннаах худуоһунньук. Бүтэйдээххэ учууталлыыр Наталия Романовнаны кэргэн ылбыта. Хаҥаласка оскуола дириэктэринэн, аҕатын курдук сэбиэтинэн үлэлээбитэ. Николай үлэтин чыпчаала өрөспүүбүлүкэҕэ Хомус мусуойун дириэктэрэ, саха хомуһа сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Көстөрүн курдук Спиридон Васильевич утума педдинастиянан, хомуска,саахымакка,наукаҕа, салалтаҕа ситиһиилэринэн, сиэннэринэн салҕанар, аата умнуллубат.
Ыаллыы Табаҕаҕа аата амарахтык ахтыллар тэрээһиннэр буолаллар, иккис кинигэтэ дьон билиитигэр тахсар. Хааннарынан,үөрэммиттэринэн, үлэлээбиттэринэн Бүтэйдээхтиин быстыспат ситимнээх Шишигиннэргэ эҕэрдэбитин этэбит, үөрүүгүтүн үллэстэбит.
«Сэндиэлэ» түмсүү, түмэллэр.