Саныыбыт, туойабыт эн сүдү талааҥҥын. Поэтесса Марфа Петровна Куличкина төрөөбүтэ 95 сылыгар

Үйэтитии

Елена Борисова. Төҥүлү

Төҥүлү нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр саха дьахталларыттан биир бастакы поэтесса Марфа Петровна Куличкина төрөөбүтэ 95 үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах «Саныыбыт, туойабыт эн сүдү талааҥҥын» ахтыы тэрээһинэ ыытылынна.

Марфа Петровна ‒ саха дьахталларыттан биир бастакынан айар үлэ умсулҕаннаах дьарыгар ылларбыт поэтесса. Кини оҕо сааһа сэрии, кураан, сут, тулаайахсыйыы, өлүү-сүтүү ыар сылларыгар эрэйи-кыһалҕаны билэн, уйан сүрэхтээх чараас дууһалаах лирик-бэйиэт буолара эдэр сааһыттан биллибит. Бастакы хоһоонноро 1949 с. «Колхоз кырдьыга», “Эдэр бассабыык” хаһыаттарга бэчээттэммиттэр.

Ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ чугас аймахтарыттан Евдокия Куличкина, Матрена Борисова эдьиийдэрин Марфа Петровналыын алтыспыт күндү өйдөбүллэрин истиҥник-иһирэхтик ахтан- санаан сырдаттылар. 1991 с. Скрябин Илья Ильич «Үрүҥ түүн» дьоҕус кинигэни таһаартарбыта. 2006 с. Иван Тарабукин «Сүүнэ тыл сүмэтин булларбын» кинигэтэ бэчээттэммитэ. Бу хомуурунньукка Марфа Петровна бэчээттэнэ илик хоһоонноро киирбиттэрэ.

2015 с. Любовь Семеновна Аргунова “Күөрэй дуу, күөрэгэйим” үтүө киһини үйэтитэр үһүс кинигэ тахсыбыта. Бу кинигэлэр ис хоһоонун “Эйгэ” култуура киинин испэсэлииһэ Афанасий Борисов арыйан билиһиннэрдэ.

Марфа Петровна Куличкина поэзията үйэтитиллэр. Нэһилиэк айар куттаах дьонун «Айар кут» түмсүү иэйии куттаахтара саҥа анабыл хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр, санааларын үллэһиннилэр. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Лидия Андросова «Баарыҥ буоллар, билиэҥ буоллар…», олохтоох ааптардар Мария Апросимова «Куруутун ахтылла туруоҕа», Октябрина  Назарова «Кыыс Хотун», «Эдьиий тэҥэ», Галина Ноговицына «Марфа Куличкинаҕа»,       «Истиҥник саныыбыт», нэһилиэк олохтоохторо Андрей Стручков, Марфа Сидорова, Наум Киренскэй ол саҕанааҕы кэмнэри  ахтыынан санааларын тиэртилэр.

«Бу сиргэ төрөөбүт төлкөм» Марфа Петровна олоҕун сырдатыы экран нөҥүө көрдөрүлүннэ, бэйэтин куолаһынан хоһоонун иһитиннэрэн аттыбытыгар баар курдук санаан ыллыбыт.

 

“Айар кут” түмсүү Марфа Куличкинаҕа анабыл хоһоонноро

 

Баарыҥ буолла, билиэҥ буоллар…

 Айыылартан айдарыллан

Айар дьоҕур бэриллибит,

Төрүт сиргэр маҥнайгынан

Бэйиэт буолуоҥ ыйыллыбыт.

 

Ытык Эбэҥ тахсар күнүн,

Сойуус кыаҕын, Кыайыы суолун,

Таптал уотун, үлэ көҕүн

Хоһоонноргор хоһуйбутуҥ.

 

Сүүрбэ биирис саҥа үйэ

Ахсым аттыы түһэн иһэр,

Сүүрбэ төрдүс хайы-үйэ

Сылын ылан элэҥнэтэр.

 

Атын олох, атын сокуон,

Үтүө-мөлтөх мөккүһүүтэ,

Үлэ, үөрэх, дьоҥҥо сыһыан

Уҥа-хаҥас салаллыыта…

 

Күүппэтэхпит, үөйбэтэхпит

Саҥа сэрии үөскээн туруон,

Үүнэр-сайдар үтүө дьоммут

Үгүс өттө онно барыан.

 

Баарыҥ буоллар, билиэҥ буоллар

Ханнык суолга туруоҥ этэй,

Саха хааннаах күргүөм дьоҥҥор

Хайдах тылы этиэҥ этэй?

 

Мунан-тэнэн буккуллууттан

Сырдык суолу ыйар тылы,

Сыыһа өйдөөн алҕаһыыртан

Тутан ылан быыһыыр тылы.

 

Иннэ-кэннэ биллибэттэн

Иннин диэки сирдиир тылы,

Ааспат ыарык хомолтоттон

Өрүү тардан ылар тылы…

 

Таайыаҥ этэ, табыаҥ этэ

Талыы-талба тылы булан,

Этиэҥ этэ, ситиэҥ этэ

Эгэлгэлээх тылы тиһэн.

 

Хобо-чуораан дорҕооннору

Хоҥкуната холбуоҥ этэ,

Үөрэ-дьүөрэ үрдүү-намтыы

Ырыа үөскээн көтүө этэ.

 

Иэйии нарын кылын тутан

Имэрийэн ылыах этэ,

Санаабытын сайа этэн

Сүрэхпитин сүүйүөх этэ.

 

Айар суолга туруммукка

Алгыс баһын сыалыах этиҥ,

Тохтор тойук тохтообокко

Доллоһуйарын түстүөх этиҥ.

 

Олох оспот суолун тутан

Айанната туруҥ диэҕиҥ,

Устар олох уорҕатыттан

Охтубакка дайыҥ диэҕиҥ.

 

Сааскы сырдык күҥҥэ тэҥнээн

Сарсыҥҥыны күүтүөх этиҥ,

Саха суола салгыы кэҥээн

Салалларын туойуох этиҥ…

Лидия Андросова.

 

 

Марфа Куличкинаҕа

 

Урукку олох сиэринэн

Оҕо сылдьан биһиги

Салла көрөр буоларбыт

Ытыктыыр учуутал дьоммутун.

 

Өйдүүбүт көнө уҥуохтаах,

Чэбэр, талыы көрүҥнээх,

Куруук мааны көстүүмнээх

Саха Далбар Хотунун.

 

Айылҕаттан айдарыылаах,

Иитэр, үөрэтэр айылгылаах,

Ахтан ааһар эдьиийбит ‒

Саха чулуу дьахтара.

 

Астына ааҕабыт хоһооннорун

Тапталы, олоҕу хоһуйбутун,

Сытыы, хомоҕой да эбиттэр,

Истиҥ, иһирэх да эбиттэр.

 

Ыччаттар, ылыныҥ эһиги

Бэйиэт үөрэтэр тылларын,

Уостан түспэт хоһооннорун,

Умнуллубат айымньыларын.

 

Галина Ноговицына.

 

 

 

Куруутун ахтылла туруоҕа

 

Куруутун киэн тутта,

Ытыктыы истэрим:

Сүдү талааннаах

Учуутал эдьиийбин,

Сыанаҕа тахсан дьоһуннук

Иэйиилээх хоһоонун ааҕарын.

 

Олох бары түгэннэрин ‒

Хомолтотун, үөрүүтүн,

Таптал кэрэ иэйиитин

Иитэр-үөрэтэр суолталаах

Бар дьонугар анаабыт.

 

Айылҕа бары көстүүтүн

Кэрэһилии киэргэтэн,

Сүдү күүстээх иэйиитинэн

Ырыа гынан көтүтэн

Хоһоонугар хоһуйбут.

 

Сүдү талааннаах эдьиийбит

Айан хаалларбыт хоһоонноро

Барыбыт дууһатын таарыйан,

Көлүөнэ аайытын салҕанан

Куруутун ахтылла туруоҕа.

 

Мария Апросимова.

 

 

Кыыс Хотун

 

Кыыс Хотун кэрэкэ иэйиитэ

Ис-кутун кылларын таарыйа,

Күн чөмчүүк утаҕын өрөрдүү

Араас да өҥүнэн оонньуура.

 

Сэмэйдик хардыылаан  киирбитэ

Суруйар хонууга холоно,

Алыптаах дорҕоону сааһылаан,

Ыллыгын оһуордуу ойуулаан.

 

Дьон-сэргэ билинэ сэҥээрэн

Матыыпка түһэрэн ылбыта,

Көппүтэ ол ырыа тыллара

Күөрэгэй кэриэтэ дьурулуу.

 

Тиспитэ айылҕа кэрэтин

Олоҕу олуһун таптыырын,

Ийэҕэ махталы эппитэ

Дойдутун туонатын туойбута.

 

Кыыс оҕо килбик да таптала

Сүрэҕэр саһыарбыт кистэлэ,

Сиэттиһэн хаампатах куруһа

Эппиэтин булбатах абата.

 

Сиппэтэх санаатын утаҕа

Санньытан ылара ардыгар,

Айымньы быыһыгар аймана

Ааспыты сипсийэн ааһаллар.

 

Холуубун эдьиийдии киһибин

Далбарай Хотуна дьахтарга,

Алааска наскыйа улааппыт

Баараҕай Аар хатыҥ мааныга.

 

Октябрина Назарова‒Уйгууна

 

 

Эдьиий тэҥэ

 

Эдьиий диэн истиҥник эйигин

Ыҥырыым дуу бүгүн долгуйа,

Санаабар кэпсэтэн ылыым дуу

Хоһоонуҥ быыстарын арыйан…

 

Үөрүүгүн үллэстэ сатааммын

Ыллыккар аттыгар хаамсыым дуу,

Кыракый күөрэгэй кэриэтэ

Күөх оттон күүс ылан көтүүм дуу.

 

Санньыйбыт кэмнэрбэр аттыбар

Эйэҕэс сүбэһит буолаар дуу,

Муунтуйбут санааны сайҕааммын

Оргууйдук ырыаҕын ыллыым дуу.

 

Хомойон өрө тыынар буолума,

Ахталлар эйигин кэрэхсии,

Умнууга хааллым дуу дэнимээр,

Ырыаҕын ыллыыллар сөбүлээн.

 

Үйэлэр тухары ааттана

Өрүүтүн даҕаны ыллана,

Хомоҕой хоһоонун ааҕылла,

Туруоҕа эн ааккын ааттата.

 

Октябрина Назарова‒Уйгууна