«Санааҕытын олох түһэримэҥ, олоххут — бэйэҕит илиигитигэр»

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо туһаайан бэйэтин баҕа санаатын тиэрдэр остуол тиэнниһигэр «Дьулуур» ыспартакыйаада чөмпүйүөнкэтэ Светлана Матвеева.

— Ыалдьабын диэнинэн муҥурданан киһи хамсаммакка таах олорон хааллаҕына, доруобуйабыт өссө мөлтүүрэ чахчы, — диир кини. — Онон ханнык да ыарахаттары, уустуктары аахсыбакка, санаабыт күүһүнэн салайтаран олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһиэхтээхпит.

Светлана 2013 сыллаахха сүһүөҕүнэн инбэлииккэ тахсыбыт. Ол да буоллар, успуорка интэриэһин сүтэрбэккэ, өссө дьаныһан туран дьарыктаммыт. Бастаан олорон эрэ волейболга, кэлин остуол тиэнниһигэр улууспут сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн үгүс күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттан кэллэ. Үгүс күрэхтэһиилэр чөмпүйүөннэринэн буолар.

Бу да сырыыга Светлана Николаевна бэйэтин кыайыытыгар бигэ эрэллээх эбит. Ыспартакыйаадаҕа араас улуустартан кэлбит 12 утарылаһааччытын барыларын ыраастык хотон кыайыы өрөгөйүн билэн сүргэтэ көтөҕүллэ сылдьар. Кыайыытын туһунан үөрүүлээх сонунун бастакынан Дойдуга олорор кыыһыныын Альбиналыын үллэстибит.

Светлана Матвеева курдук олоххо тардыһыылаах күүстээх санаалаах дьон бааллара барыбытыгар бастыҥ холобур буолар.