01 сулууспа сэрэтэр
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ахсынньы 5 күнүгэр диэри 35 баһаар түбэлтэтэ таҕыста. Былырыын баччаҕа 44 баһаар буолбут.
Быйыл баһаар түбэлтэлэрэ чааһынай олорор дьиэлэргэ, кини тутууларыгар, гарааска, баанньыкка 21 түбэлтэтэ буолла – уопсай баһаартан 47,7 %). Быйылгы сылга 4 киһи сырдык тыыннара быьынна.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын тэрилтэтэ 3235 №-дээх бирикээһинэн ахсынньы 4 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска олорор дьиэлэргэ өйдөтөр-сэрэтэр эпэрээссийэ бара турар.
Саҥа дьыл ‒ күүтүүлээх, кэрэ бырааһынньыкпыт тиийэн кэллэ. Саҥа дьыл иннинээҕи түбүк быыһыгар, арыт киһи баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуспат түгэнэ тахсыан сөп. Бырааһынньыкпыт этэҥҥэ ааһарын туһугар баһаарынай быраабылаларын тутуһар наадалаах.
Харыйаны дьиэҕэ, кыбартыыраҕа туруорарга бу курдук быраабыла ирдэбилин тутуһар наада. Харыйа бигэ гына оноьуу маска, киирэр-тахсар аантан тэйиччи туруоруллар. Маныаха харыйа лабаата туннук сабыытын, быыьы таарыйыа суохтаах, дөбөҥнүк умайымтыа биридимиэттэртэн икки миэтэрэ тэйиччи туруохтаах.
Харыйага түргэнник умайар матырыйаалтан оҥоһуллубут оонньуурдары, холобур целлулоидтан, ыйыыр кутталлаах, көҥүллэммэт. Баатаны олох киэргэл курдук туттумаҥ. Киэргэтэргэ собуокка эрэ оҥоһуллубут анал оонньуурдары, электрогирлянданы иилэн, 12 вольтан үөһээ күүрүүлээх лаампалары туттумаҥ. Чүмэчини уматар олох бобуллар. Алдьаммыт гирляндалары холботолоон, биир гирлянда гына оҥорумаҥ, бобуллар. Саҥаны атыылаһыҥ. Кэччэнии содуллаах буолуон сөп. Кыра оҕону көрө сылдьыҥ, уоттаах харыйаны сонурҕаан суулларан кэбистэҕинэ кутталлаах.
Кыра оҕолору көрүүтэ-истиитэ суох дьиэҕэ хаалларымаҥ. Оҕо илиитэ тиийэр, көстөр сиргэ испиискэни, зажигалканы уурумаҥ.
Бенгальскай уоту, фейерверы, уоттаах хлопушканы, пиротехническэй оҥоһуктары дьиэ иһигэр эһэр, ытар күүскэ бобуллар. Пиротехничэскэй оҥоһуктары анал сэртипикээттээх буоллахтарына атыылаһыҥ, таһырдьа эстэрэргэ инструкциятын тутуһуҥ.
Өссө төгүл хас биирдиибит баһаарынай ирдэбили тутуһарбыт, толорорбут наадалаах санатабыт. Баһаара-быһылаана суох саамай кэрэ бырааһынньыкпытын ‒ Саҥа дьылы көрсүөҕүҥ, бырааһынньык күннэрин этэҥҥэ атаарыагыҥ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы 20 №-дээх баһаарынай сулууспатын сэрэтэр үлэҕэ отдела уонна надзор тэрилтэтэ.