Улуустааҕы “Үөрэтэр-оҥорон таһаарар” оҕону эбии үөрэхтээһин киин быйылгы үөрэх дьылыгар ювелирнай мастырыскыай тэрийэн, оскуола оҕолорун араас ювелирнай оҥоһуктары оҥорууга үөрэтэн саҕалаата. Майа В.П. Ларионов, Ф.Г. Охлопков аатынан оскуолалартан уонна киэһээҥҥи оскуолаттан 4-с кылаастан 11-с оҕолор кылааска диэри оҕолор баҕа өттүлэринэн кэлэн дьарыктаналлар. Куруһуок салайааччытынан Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэммит, худуоһунньук, маастар-преподаватель идэлээх, эдэр учуутал — Евгений Михайлович Баишев үлэлиир.
Бу куруһуокка оҕолор кыыл муоһуттан, араас матырыйаалтан сахалыы дизайннаах киэргэллэри, харысхаллары оҥорорго үөрэнэллэр. Алын кылаас үөрэнээччилэрэ скульптурнай пластилинынан дьоҕус скульптуралары оноро үөрэнэллэр. Евгений Михайлович үчүгэйдик ылсан, оҕолорго муосчут сатабылыгар уһуйар былааннаах.
Куруһуок оҕолоро уһуйааччыларын кытта оҥорбут бастакы оҥоһуктарын, тайах муоһуттан харысхаллары, биир дойдулаахтарыгар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан оҥордулар. “Саллаат! Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума!” — диэн алгыс тыллаах харысхаллары, Саха сириттэн дойду көмүскэлигэр сылдьар хорсун эр дьоммутугар, кыайыы аргыстаах этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэллэрин баҕаран, оҥоһуктарыгар илиилэрин сылааһын, сүрэхтэрин баҕатын иҥэрэн, бэлэх ыыттылар. Дойдуларыттан ыраах сылдьар төрөөбүт ийэ тылларынан суруллубут харысхал санааларын сааһылаан, куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тирэх буоллун!
Ону сэргэ, улууспут Аҕа баһылыгын Д.И. Тихонов ыҥырыытын өйөөн “Үөрэтэр-оҥорон таһаарар” оҕону эбии үөрэхтээһин киин бары үлэһиттэрэ биир санаанан “Ыраах, сэрии хонуутугар сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө, тирэх буоллун» — диэн, биир күннээх хамнастарын Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Манчаары» пуондатыгар ыыттылар.
Мария Борисова, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы