Сайылыкка ырыа-хоһоон түһүлгэтэ

Айар уххан

От  ыйын 28‒29 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Иэйии» литературнай түмсүү айар куттаах дьоно Доллу Бэрдьигэстээҕэ сайылыкка ыалдьыттаан бардылар. Кинилэр “Сайылык” диэн бырайыагынан хоно сытан сайылык олоҕун билистилэр. Салайааччы, суоппар идэлээх, кэпсээн, хоһоон суруйар дьарыктаах Илья Афанасьев-Алмаас, чилиэннэр: иитээччи, режиссер, юрист идэлэрдээх Мария Поскачина, иитээччи идэлээх Зоя Москвитина-Арыллаана уонна кэргэнниилэр – 36 сыл мэдиссиинэҕэ үлэлээбит, хоһоонньут Степанида Иванова-Санаара, СӨ култууратын туйгуна, мелодист, “Үйэлээх ырыа” бэлиэ хаһаайына Константин Мохначевскай-Саһарҕа Дьокуускай куораттан, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха тылын учуутала идэлээх, билигин гаастарга биир эппиэттээх үлэҕэ үлэлиир Марина Кычкина-Ситим Кут Аллараа Бэстээхтэн кэлэн  ырыаларын-хоһооннорун бэлэхтээн сайылык ыалларын сэргэхситтилэр. Ситим Кут “Сайылык” диэн хоһоон суруйан тарҕата оҕуста.

 

“Иэйии” түмсүү суруйар дьон үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таһааран билиһиннэрэр сыаллаах 2018 сылтан тэриллэн үлэлиир. Бу литературнай түмсүү айар куттаах дьоно саха тылыгар элбэх хайысхалаах үлэни ыыталлар, куонкурустары тэрийэллэр, элбэх хомуурунньугу Күн сирин көрдөрдүлэр.  Бу туһунан салайааччы Илья Афанасьев кылгастык сырдатта уонна бэйэтин кинигэлэрин кэпсээннэри, хоһооннору кэрэхсээн ааҕар Марфа Николаевна Максимоваҕа уонна Афанасий Павлович Максимовка бэлэх уунна. Кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, айымньыларыттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Үйэлээх ырыалар ааптардара Костантин Мохначевскай аан бастакы 40 сыл анараа өттүгэр айбыт “Алаас ахтылҕана” ырыатыттан саҕалаан кэргэнин Санаара тылларыгар суруйбут ырыаларыгар тиийэ араас кэмнэргэ айыллыбыт устуоруйаларын сырдатан туран ытыс тыаһын ортотугар дьон-сэргэ кутун туппут ырыаларын бэлэхтээтэ.

Бэрдьигэстээх сайылыкка Төҥүлү олохтооҕо Артем Борисов 2017 с. бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сүөһү-ас иитэн үлэлии олорор. Кэргэнэ Федосия Анатольевна быйыл бэһис оҕотун оҕолонон Төҥүлүгэ олорон дьаһайсар. Киниэхэ быйыл алын сүһүөх оскуоланы бүтэрбит уола Витя көмөлөһөн бырааттарын көрсөр. Борисовтар хаһаайыстыбаларыгар билиҥҥитэ 70-ча сүөһү иитиллэн турарыттан 25 ыанар ынахтаахтар. Маны сэргэ, хаһаайыстыба сылгылардаах, сибиинньэлэрдээх, кууруссалардаах. 60 т үүккэ дуогабардаах. Быйыл 60 т оту оттуур былааннааҕын от үүнүүтэ үчүгэй буолан толоробут, билигин 27 от кэбиһиллэн туруорулунна, өссө да оттуур сирдээхпит  диир хаһаайын. Манна даҕатан эттэххэ, бэйэлэрин сирдэрин таһынан дьон сирдэрин дуогабардаһан оттууллар.  Артем Иванович икки үлэһиттээх, ону таһынан бэйэтин уонна аймахтарын оҕолоро, итиэннэ убайдара Табаҕаттан Петр Павлович, Майаттан Афанасий Павлович  Максимовтар от үлэтин кэмигэр өрөбүллэригэр  кэлэн көмөлөһөллөр. От ыйын тиһэх күннэригэр халлааҥҥа кыырпах да былыта суох күннэр туран биэрэннэр сайылыкка үлэ-хамнас күөстүү оргуйда.

Сайылык ыаллара сарсыарда 5 ч. үлэлэрэ саҕаланна. Айтал Борисов уонна Степан Павлов  “Саха бостуук” диэн  ааттыыр мобильнай трекер көмөтүнэн матасыыкыл собуоттаан ынахтара баар сирдэригэр чуо тиийэн аҕаллылар, онон 6 ч. ынахтарын ыы таҕыстылар, отчут уолаттар Артем Борисов, Еремей Баишев, Лука Попов, Игорь Павлов уонна өрөбүллэригэр көмөлөһө тиийбит убайдара Афанасий Максимов чэйдии охсон 7 ч. тиэхиньикэлэрин үрдүгэр түһэн алаастарыгар аттаннылар. Отчуттар күнү-дьылы өрүсүһэн үксүгэр  оттуур алаастарыгар, үрэхтэр бастарыгар үрдүттэн хоно сылдьан оттууллар. Бу сырыыга ыалдьыттар кэллилэр диэн илдьит ыытан ыҥыртааммыт сайылыктарыгар кэлэн хонон, ыалдьыттары көрсөн-билсэн, дуоһуйа сынньанан, духуобунай өттүнэн байан бардылар. Бэрдьигэстээхтэргэ күтүөт Валерий Николаевич Романов 40-х илиминэн эмис соболору туттаран отчуттарын аһатта, ыалдьыттарын күндүлээтэ.  Куорат оргуйан олорор олоҕуттан кэлбит  айар куттаах ыалдьыттар олохтоох  эдэр дьон үлэлэрин-хамнастарын көрөн  сүрдээҕин сэргээтилэр, хайҕаатылар, остуоруйа дойдутугар сылдьыбыт курдук астынан-дуоһуйан махтал бастыҥын анаатылар. Билиҥҥи үйэҕэ өбүгэлэртэн кэлбит үлэни өрө тутан маннык дьаһанар ыччат баарын тухары саха омук тутайбат эбиппит диэн эрэл санаалаах сүргэлэрэ өрө көтөҕүллэн дьиэлээтилэр. Сотору кэминэн кинилэр бу  сырыыларынан туох матырыйаал оҥорон таһааралларын көрүөхпүт турдаҕа.

Доллу Бэрдьигэстээҕэ баай устуоруйалаах, дьоҥҥо кэрэхсэнэр элбэх сэһэннэрдээх. Олортон быыкаатык сэгэттэххэ, ааспыт үйэ иннинэ Стручковтар диэн нэһилиэк бас-көс, сэниэ дьонун туруорсууларынан, Төҥүлүгэ таҥара дьиэтэ тутулларын кытта аҕыйах сылынан быысаһан, Бэрдьигэстээххэ дьоҕус таҥара дьиэтин чочуобуната тутуллан үлэлээбит. Бэрдьигэстээх эҥэр үөрэхтээһини тэрийбит, көҕүлээбит киһинэн Алексей Сидорович Шахурдин буолар, билигин Төҥүлү оскуолата кини аатын дьоһуннаахтык сүгэр. 1929 с. улууска биир бастакы типовой оскуола Бэрдьигэстээххэ тутуллан үлэлээбит. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ ньымалары олохтуур национальнай уопутунай көрдөрүүлээх оскуола (НОПШ) буолбут уонна мөлтөхтүк көрөр оҕолорго интэринээттээх оскуола үлэлээбит. Манна биир дойдулаахтарбыт, норуодунай артыыстар Матвей, Федор Лобановтар, улууспут хаһыатыгар өр кэмҥэ кэрэспэдьиэнинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит, сэрии тулаайаҕа, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ бэчээтин туйгуна Семен Эверстов, о.д.а. үөрэммиттэр.

Сэбиэскэй кэм саҕаланыытыгар артыаллары түмэн Бэрдьигэстээх алааһа Ф.Энгельс аатынан холкуос киинэ буолар. Саха өрөспүүбүлүкэтин оччотооҕу салалтата симментаал боруода сүөһүнү бастакынан бу бөһүөлэккэ аҕалбыт. Күүрээннээх үлэттэн ыанньыксыт Ирина Николаевна Куличкина, ньирэй көрөөччү Матрена Гаврильевна Попова Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутааттарынан талыллар чиэскэ тиксибиттэрэ.

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх ыһыахтара аҕа-ийэ уустарын бас-көс дьонуттан хамыыһыйа тэриллэн үрдүк таһымнаахтык ыытыллан кэллилэр. Үбүлүөйдээх ыһыахтары көрсө буклеттан саҕалаан кинигэлэр бэчээттэнэн тахсыбыттара. Манна биир дойдулаахпыт, суруналыыс Семен Эверстов элбэҕи суруйан хаалларбыта олус махталлаах. Бу үүнэр  ыччаппытыгар дьоһун бэлэхтэр буолаллар.

Бэрдьигэстээх сайылыкка билигин 4 кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал  сайылаан олорор: Эверстов Иннокентий Семенович, Плотников Николай Дмитриевич, Максимова Марфа Николаевна дьиэ кэргэттэрэ. Артем Иванович Борисов эһэтин, колкуос, сопхуос, племенной үлэ бэтэрээнэ Баишев Афанасий Михайлович сайылыктааһын бырагырааманан биир бастакынан тутан хаалларбыт өтөҕүн сөхсүтэн, эһэтин туйаҕын хатаран, эбии дьиэ-уот туттан, сүөһү-ас иитэн олороро барыбытын олус үөрдэр. “Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх“ диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Артем Борисов сыбааркалыыр тэриллээх буолан бу эргин олорооччулар бары кэлэ-бара туһаналлар. Маны сэргэ пилораама тэриммитэ.  Сайылык ыаллара өйөһөн-өйдөһөн бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэ олорорллорун бэлиэтиир оруннаах. Үүттэрин Иван Максимов салайааччылаах “Хоту”  кэпэрэтиипкэ күн аайы туттараллар.

Дьэ, ити курдук, самаан сайын быйаҥыттан сомсон үлэлии-хамсыы сылдьар сайылык дьонугар үөрүүнү бэлэхтээн ырыа ыллаан, хоһоон ааҕан барбыт биир түмсүүлээхтэрбэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Инникитин даҕаны үлэ дьонун сынньатар, сэргэхситэр тэрээһиннэр ыытылла туралларыгар баҕарабын.

Марелла Баишева.