Сайылыкка биир күн

От ыйын 25 күнүгэр В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын “Эдэр краевед” куруһуок оҕолоро Төҥүргэстээх сайылыкка бара сырыттыбыт.

Манна М.Егоров аатынан ХЭТ пиэрмэтэ баар. Үлэ уонна улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын сылларынан олохтоох кыраайы үөрэтэр мусуой иһинэн элбэх бырайыактардаахпыт. Олортон биирдэстэринэн “Сайылык” бырайыак буолар. Билиҥҥи оҕолор сайылык диэни билбэппит. Ону билэр сыалтан биһиги биэс кыыс уонна салайааччыларбыт Колосова Юлия Егоровна, Максимова Наталья Интеровна буолан сайылык биир күнэ хайдах ааһарын үөрэтэр сыаллаах экспедиция оҥордубут. Сайылыкка 8 ч. иннинэ тиийээт бастакы ыамҥа барбыппыт. Титиик иһигэр 120 ыанар ынах турар эбит. Ону 4 ыанньыксыт автодоилканан ыыллар. Биһиги көрөн турбакка көмөлөһөн барбыппыт. Кыратык толлон ылбыппыт. Ким саах күрдьэр, ким ынах эмиийин сотор. Автодоилканы холбуурга син үөрэннибит. Ыанньыксыт үлэтэ ыарахан баҕайы эбит. Биир киһи икки автодоилканан 30-ча ынаҕы ыыр эбит.

Бастакы ыам кэнниттэн биһиги сарсыардааҥҥы аспытын аһаабыппыт.Онтон сынньанан хачыалга оонньоообуппут. Эбиэккэ борщ мин уонна алаадьы астаабыппыт. Эбиэт кэнниттэн сайылык үлэһиттэригэр агитбиригээдэ бэлэмнэнэн көрдөрбүппүт. Билигин сайылык пиэрмэтигэр 9 үлэһит баар эбит. Өссө манна ыанньыксыттар сиэннэрэ бааллар. Кинилэр эбэлэригэр көмөлөһөллөр, сүрэхтээх оҕолор эбит.

Сайылык айылҕата наһаа үчүгэй, салгына сибиэһэй, биирда кумаар суох.

Үлэһиттэри кытта билсэн интервью ылбыппыт, видеоҕа уһулбуппут. Ыанньыксыттар бары уһуннук пиэрмэҕэ үлэлээбиттэр эбит.

Олорон эрэ бары сайылык туһунан ырыалары ыллаабыппыт. Ол кэннэ фотосессиялаабыппыт. Киэһэ 7 чаастан киэһээҥҥи ыамҥа көмөлөһө барбыппыт. Бүтэн баран киэһээҥҥибитин аһаан баран хомуммуппут. Сотору буолан баран массыынабыт кэлбитэ. Биһигини илдьэ сылдьыбыт салайааччыларбытыгар уонна массыыналарынан таспыт төрөппүттэрбитигэр Светлана Гаврильевнаҕа уонна Василий Архиповичка улахан махталбытын тириэрдэбит.

Бу курдук сайылык биир күнэ ааспыта. Сайылык – сайыҥҥы сынньалаҥмыт биир умнуллубат түгэнэ буолуоҕа.

Юлиана Никулина, Павловскай орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ