Бүгүн, ахсынньы 25 күнүгэр, “Сахамедиа” холдинг медиа-киинигэр сыллата өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллар “Саха сирин киэн туттуута-2023” (“Гордость Якутии”) норуот бириэмийэтин туттарыы долгутуулаах уонна үөрүүлээх түгэнэ буолла.
Интэриниэт нөҥүө норуот куоластааһын түмүгүнэн үс номинация кыайыылаахтара билиннилэр. “Түмэл үлэһитэ” анал ааты ылар иһин 21 киһи кытынна. “Эппиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ салаатын исписэлииһэ” — 10, “Педагог уонна уһуйааччы” – 43. Түмүккэ, “Түмэл үлэһитэ” — Родионов Константин Константинович, “Педагог-уһуйааччы” — Ущницкая Анна Егоровна, “Эппиэкэ уонна бэпэчиитэлистибэ салаатын исписэлииһэ” — Максимова Оксана Алексеевна элбэх куолаһы ылан кыайыылаахтарынан буоллулар.
Константин Константинович Родионов Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Бүтэйдээххэ М.В.Шергин аатынан музей-комплекс дириэктэрэ.
Кини 1982 сыллаахха СГУ ИФФ историяҕа отделениетын бүтэрээт, Чурапчы оройуонугар Дириҥҥэ история учууталынан үлэтин саҕалаабыт. Салгыы комсомол райкомун II сэкирэтээринэн, 1985-1989 сс. Уус Тааттаҕа история учуутала, Хара Алдаҥҥа, Баайаҕаҕа оскуола дириэктэрэ. 1990 сылтан Бүтэйдээххэ учууталлыыр, оскуолаҕа дириэктэрдиир. Музейнай педагог. Билигин музей-комплексы сатабыллаахтык салайар.
Константин Константинович үөрэппит оҕолоро олимпиадаларга кыайыыларынан, “Инникигэ хардыы” НПК эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин лауреаттарынан, дипломаннарынан буолан, учуутал үрдүк таһаарыылаах үлэтин бигэргэппиттэрэ. Историктар, юристар, культурологтар уһуйуллан тахсыбыттара элбэҕи этэр.
Кыраайы үөрэтиинэн Константин Констанинович устудьуоннуоҕуттан утумнаахтык дьарыктаммыт. “Илин” кыраайы үөрэтэр куруһуогу ситиһиилээхтик салайар. Кыраайы үөрэтиигэ үөрэх бырагырааматын уонна уонтан тахса кинигэ ааптара. РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ. Элбэх инновационнай бырайыактар ааптардара.
Педагогическай үлэ бэтэрээнин айар үлэтэ үрдүктүк сыаналанан “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, “Мэҥэ аат” улуус Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ. Константин Константинович РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин, бэчээтин туйгуна, “Барҕарыы” пуонда стипендиата. СӨ Бэрэсидьиэнин Гранын ылбыта. Бүтэйдээх нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина.
Бу үөрүүлээх күн К.К.Родионов санаатын үллэһиннэ:
—Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕэр М.В.Шергин аатынан музейнай-комплекска дириэктэрдиибин. 30 тахса сыл оскуолаҕа үлэлээбит учууталбын. Историк идэлээх киһи биир сүрүн дьарыгым кыраайы үөрэтии. 2011 сылтан түмэлгэ үлэлиибин. Быйыл саас биир улахан тэрээһини ыыта сырыттахпына, Майатааҕы киин түмэлбититтэн эрийэн: “Түмэл үлэһиттэригэр “Саха сирин киэн туттуута” улахан күрэскэ эйиигин кытыннарарга былааннанныбыт”, — диэтилэр. Мин ыксаан “ээх” диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Докумуону барытын кэллиэгэм ыыппыт. Урукку өттүгэр иккитэ доҕорбор көмөлөһөн, кыайыыны билэн турардаахпыт. Ол эрээри, бэйэбэр тиийэн кэлбитигэр, умнубут курдук сылдьыбытым. Арай, үлэлээбит эспэдииссийэм үбүлүөйүгэр Өлүөхүмэ Токкотугар тиийэ сырыттахпына, сарсыныгар токколор эҕэрдэлээн соһуппуттара, долгуппуттара.
Бүтэйдээхпин, улууспун, түмэлбин ааттаппыппыттан үөрэбин. Куоластаабыт дьоммор бука барыларыгар улахан махтал! Бу норуоту кытары ситимнээх күрэс наадалаах дии саныыбын. Идэлэринэн куонкурус буолан, олус интэриэһинэй, сэргэх. Бука барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан!
“Сахамедиа” генеральнай дириэктэрэ Виктор Джамаханович Колесов далааһыннаах күрэс кыттыылаахтарын, кыайыылаахтарын, ыалдьыттары истиҥник эҕэрдэлээтэ. “Саха сирин киэн туттуута” болҕомтону тардарын, дьону үлэҕэ-хамнаска көҕүлүүрүн, салгыы сайдарга кыаҕы биэрэрин бэлиэтээтэ. Күөн күрэскэ дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттарын, сэргиирин, сэҥээрэрин эттэ.
sakha-sire.ru